АЛРОСА Бүлүү өрүскэ сыһыаннаах Ил Түмэн этиилэрин толордо

19.03.2020
Бөлөххө киир:

“Бүлүү өрүс тардыытыгар экология туругун туһунан” тиэмэҕэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) парламентскай истиитин этиилэрэ төһө туолбуттарын туһунан суруналыыстары кытары дьүүллэһии буолла.

edersaas.ru

“АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын этиилэрин толорорго туох баар кыаҕын барытын уурда. Ол туһунан хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай суруналыыстарга иһитиннэрдэ. Ыытыллыбыт үлэлэртэн сороҕор тохтоотоххо:

БҮЛҮҮ ӨРҮС УУТА ЫРААСТАНАР

2018 сыллаахха “Иирэлээх” уонна “Хайалаах” (“Горнай”) сир баайын хостуур полигоҥҥа быһыт тоҕо баран, Бүлүү өрүс, кини салаалара киртийэн, нэһилиэнньэ ортотугар улахан долгуйуу тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэ сокуону оҥорооччулара “АЛРОСА” алмаастаах хампаанньаҕа саахал содулларын туоратарга уонна экологияҕа куттал суох буоларын хааччыйарга сорудах биэрбиттэрэ.

АЛРОСА сүрүн эколога Полина Анисимова иһитиннэрбитинэн, парламеҥҥа буолан ааспыт мунньахха Бүлүү уутун туруга 2015 сылтан (2018 сыл аахсыбакка туран), 2019 сыллаахха тупсубута бэлиэтэммитэ. Саахал содуллара туоратылыннылар. Бигэ турук­таах саҥа быһыттар оҥоһулуннулар. Ол эбэтэр, быһыт иккистээн тоҕо барбатыгар уонна экология туруга мөлтөөбөтүгэр сөптөөх дьаһаллар ылылыннылар. Ону 2019 сыллаахха халаан уута этэҥҥэ ааспыта туоһулуур. Хампаанньа СӨ Экологияҕа министиэристибэтин кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээтэ.

Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ 2024 сылга диэри ылыммыт бырагырааматын олоххо киллэриигэ кыттан, сыл аайы 150 мөлүйүөн солкуобайы Бүлүү бөлөх улуустарыгар ууну оборторон ылар уонна ыраастыыр тутуулары үлэлэтэргэ ыытар.

Гидротехническай тутууларга саахал тахсар кутталын сыаналааһыҥҥа үлэ барда. Билигин гидротехническай тутуулар эби­йиэккэ куттал суох буоларын тиһигин быспакка хонтуруоллуур тиэхньиичэскэй сириэстибэлээхтэр. Тутууларга барыларыгар куттал суох буолуутун киритиэрийдэрэ чопчуланнылар.

БАЛЫКТАРЫ ҮӨСКЭТИИ

Ханнык баҕарар уулаах сир экосистиэмэтин тупсарар туһугар балыктары ыытыы үөрүйэҕэ баар. Хампаанньа бу хайысханан утумнаахтык дьарыктанар. Былырыын Өлүөнэ, Бүлүү өрүстэргэ балыктары ыытарга 9 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ. Росрыболовствоттан көҥүллэтэн, уулаах сирдэргэ күндүөбэй, быраҥаатта уонна чиир ыамаларын ыыппыта. Уопсайа, 2018 сылга — 1,250 мөлүйүөн, 2019 сылга 1,562 мөлүйүөн балык ыаматын ыыттылар. 2020 сылга АЛРОСА Бүлүү, Өлүөнэ өрүстэргэ, Бүлүүтээҕи ууну хаайар сиргэ, Тимир Күндэ күөлгэ барыта 10 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа балык ыамаларын, ол иһигэр бы­­йылгыттан хатыыһы эмиэ ыытан тэнитэр былааннаах.

НЭҺИЛИЭННЬЭ ДОРУОБУЙАТА БОЛҔОМТОҔО ЫЛЫЛЛАР

2019 сыл балаҕан ыйыгар АЛРОСА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уонна “Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах ­пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ икки ардыларыгар 2018-2023 сылларга Бүлүү бөлөх ­улуустарын экологиятын уонна нэһилиэнньэтин доруобуйатын туругун биир кэлим научнай чинчийиилэр бырагыраамаларын олоххо киллэрэр туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаммыта. Бу сөбүлэһии чэрчитинэн, АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар 138 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үбү биэрэр. Былырыын, 2019 сыллаахха, АЛРОСА номнуо Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар 41,1 мөлүйүөн солкуобайы ити бырагыраама бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрэргэ ыыппыта. Бу үбүнэн нэһилиэнньэ доруобу­йатын, өрүстэргэ уу туругун бэрэбиэркэлииргэ биир кэлим научнай чинчийиилэр ыытыллыахтара. Ону сэргэ, өрүстэн ураты иһэр ууну ылар сир аннынааҕы уу саппааһын көрдүөхтэрэ.

Уу туругун көрдөрөр мониторинг чахчытынан, саамай үчүгэй түмүк 2012 сыллаахха ылыллыбыта. Экология министиэристибэтин чахчыларыгар сигэнэн эттэххэ, 2019 сылга Бүлүү өрүскэ уу туруга, 2015 сылы кытта тэҥнээтэххэ, тупсубут.

“ЫАРАХАТТАР БЭЙЭНИ БЭРЭБИЭРКЭЛИИРГЭ КӨМӨЛӨҺӨЛЛӨР”

АЛРОСА генеральнай дириэктэрин социальнай боппуруостарга солбуйааччы Алексей Дьячковскай бэлиэтээбитинэн, хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сиригэр нолуогу төлүүр бөдөҥ хампаанньалартан бастыҥнара буолар. АЛРОСА кэнники икки сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 140 миллиартан тахса үбү биэрдэ. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ социальнай сайдыытыгар сыл аайы 10 миллиардка тиийэ үбү, ол иһигэр, Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө 1 миллиард солкуобайга тиийэ биэрэр. Оттон айылҕа харыстабылыгар уонна экологияҕа ыытыллар дьаһалларга сыл аайы 6 миллиард солкуобайы туһаа­йар. Бу улахан кээмэйдээх үп-харчы көрүллүүтүн, төһө да кириисис буоллар, АЛРОСА аҕыйатар бы­­лаана суоҕун бэлиэтиир тоҕоос­тоох.

Манна даҕатан эттэххэ, аан дойдуну аймаабыт коронавирус инфекцията тарҕаныыта АЛРОСА үлэтигэр-хамнаһыгар охсуулаах буолара, батарыы кээмэйэ биллэ кыччыыра сабаҕаланар. Ол да ­буоллар, Алексей Дьячковскай бэ­­лиэтээн эппитинэн, дойдуга, аан дойдуга уустук балаһыанньалар үөскээһиннэрэ хампаанньа ыарахаттары туорууругар, бэйэтин үлэтин атын өттүттэн көрөргө, сыаналыырга, бэрэбиэркэлииргэ төрүөт буолар. Ону таһынан, биллэн турар, инники былааннары торумнуурга суолу арыйар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0