Мирнэйгэ Газманов, Агутин, Майданов кэнсиэртиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Россия шоу-бизнеһэ Мирнэйгэ көһөн кэлиэ.

«Якуталмаз» трест — 60, Удачнай куорат — 50, «АЛРОСА» хампаанньа — 25 сыллаах үбүлүөйдэрэ от ыйыгар буолар. Онно ырыаһыт Олег Газманов кэлэн икки кэнсиэри көрдөрөрүгэр кэпсэтии ыытыллыбытын туһунан edersaas.ru суруйан турар. 5,46 мөл. солкуобайдаах хантараакка номнуо илии баттаммыта биллэр. Манна даҕатан эттэххэ, «АЛРОСА» хампаанньа ыҥырыытынан,Олег Газманов Саха сиригэр бу хаһыс да кэлиитэ.

Ол эрэн, «АЛРОСА» үлэһиттэрэ Олег Газмановынан эрэ муҥурдаммакка,  Денис Майдановы эмиэ көрүөхтэрин баҕараллар эбит. Майданов икки кэнсиэрин сыаната — 5 мөлүйүөн солкуобай.

Үһүс ырыаһыт Леонид Агутин биир кэнсиэри биэрэригэр 3 мөлүйүөн солкуобайы көрдөөбүт курдук.

Ити гонорардары барытын аахтахха, 13 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай  буолар:

  1. Олег Газманов — 5,46 мөл солк

2. Денис Майданов — 5 мөл. солк.

3. Леонид Агутин — 3 мөл. солк.

Өссө кимнээх?

Мирнэй оройуонугар бу иннинэ Валерия, МакСим кэнсиэртээбиттэрэ. Былырыын Голливуд артыыһа Стивен Сигал кэлэн барбыта.

Лена Андреева, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0