«Алмаасэргиэнбаан» Арассыыйа бааннарын ассоциациятын Бочуоттаах дипломунан наҕараадаланна

Бөлөххө киир:

Арассыыйа 100 бастыҥ баанын ахсааныгар киирэр «Алмаасэргиэнбаан» 25 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин бэҕэһээ ахсынньы 11 күнүгэр буолан ааста. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов өрөспүүбүлүкэ үбэ-харчыта эргийэр сүрүн тэрилтэтин эҕэрдэлииригэр: «Үйэ чиэппэрин тухары Саха сирин сайдыытыгар баан дьоһун кылааты киллэрдэ. Баан өҥөтүнэн боростуой дьонтон саҕалаан, улахан урбаан бэрэстэбиитэллэригэр тиийэ өрөспүүбүлүкэ үс гыммыт биирэ туһанар. Ол аата, «Алмаасэргиэнбаан» дьон итэҕэлин ылбытын, туруоруллубут соруктары ситиспитин көрдөрөр», — диэн эттэ.    

edersaas.ru


“Федеральнай рейтинг үктэлин эрэллээхтик дабайарга, хапытаалы хаҥатарга, ороскуоту аҕыйатарга, үлэ көдьүүһүн улаатыннарарга кэнники кэмҥэ баан ситиһиилээхтик уонна күргүөмнээхтик ылсан үлэлээтэ, дойду бэрэсидьиэнэ уонна Ил Дархан соруктарын олоххо киллэрэргэ сүрүн тирэх буолла” – диэн туран, үлэһиттэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

Арассыыйа бааннарын түмсүүтүн вице-бэрэсидьиэнэ Андрей Мельников эҕэрдэлээн туран, «Алмаасэргиэнбааҥҥа»  Арассыыйа бааннарын ассоциациятын бочуоттаах дипломун туттарда. Күннэтэ үбү-харчыны үрүлүтэ эргитэр кэлэктиипкэ саҥа ырыынагы тэрийэргэ, цифровой экономиканы тэтимнээхтик олоххо киллэрэн иһэргэ баҕа санаатын тириэртэ.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0