Өрөспүүбүлүкэ Алмааһын сэбиэтэ саҥалыы тэриллиэхтээх, алмааһы кырыылааһыҥҥа, ювелирнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга биир сүрүн оруолу ылыахтаах, алмааһы хостуур хампаанньалары кытары биир ситимнээхтик үлэлиэхтээх. Бу туһунан Ил Дархан э.т. Айсен Николаев алмааһы кырыылааччылары кытары көрсүһүүтүн кэмигэр этэн турар.
Саҥа салайааччыланна
Алмаас сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан, 2002 с. тэриллибитэ. Ол эрээри өр кэмҥэ үлэлээбэккэ гынан баран, былырыын сөргүтүллүбүтэ. Салайааччынан Галина Данчикова анаммыта. Билигин сэбиэт саҥа салайааччыланна: Ил Дархан э.т. Айсен Николаев атырдьах ыйын 13 күнүгэр алмааһы кырыылааччылары кытары көрсүһүүтүгэр “ЭПЛ Даймонд” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Петр Федоров анаммыта.
Петр Степанович бэлиэтииринэн, билигин сэбиэт Саха сирин кырыылааччыларын, ювелирдарын, менеджердэрин, урбаанньыттарын, инвестордарын барыларын түмэ тардан үлэлиэхтээх. Биир сүрүн соругунан Саха сирин дьоно бэйэлэрэ алмаас эйгэтинэн дьарыктанар урбаанньыттар буолалларыгар көмө барыахтаах. “Алмааһы атыылаһан ылан, ону кырыылаан, атыыга таһааран, онтон дохуот ыларга биһиги эйгэбит табыгастаах”, — диэн этэр Петр Федоров.
Манна даҕатан эттэххэ, кини салайан олорор “ЭПЛ Даймонд” хампаанньата билигин франшиза быһыытынан (ол эбэтэр хампаанньа брендин тарҕатыы, үлэтин хаҥатыы) сайдан эрэр. Хампаанньа үлэһиттэрэ бэйэлэрэ туспа тэрилтэ тэринэн, билигин алмаас эйгэтигэр урбаанньыт быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. “ЭПЛ Даймонд” өрөспүүбүлүкэ уопсай ювелирнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыытыттан 80 % ылар. Хампаанньа Арассыыйаны таһынан, Хорватияҕа, Казахстаҥҥа, Кипргэ, АХШ-ка маҕаһыыннарын арыйан үлэлэтэр.
Бу уопутун Петр Степанович Саха сиригэр барытыгар тарҕатар санаалаах. Онон Алмаас сэбиэтин үлэтигэр, бастатан туран, балаһыанньатыгар уларытыы киллэрэр, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бу эйгэнэн дьарыктанар усулуобуйатын оҥоруу соруга турар.
Чааһынай бизнеһи сайыннарыы
Петр Федоров этэринэн, аан дойдуга барытыгар алмаас эйгэтинэн урбаанньыттар дьарыктаналлар, бу эйгэ – биисинэс төһө үлэлиириттэн тутулуктаах. Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, хомойуох иһин, чааһынай биисинэс курдук эйгэни кыайан сайыннарбаттар, бүддьүөт харчытыттан тутулуктанан хаалаллар. Ол иһин Алмаас сэбиэтэ билиҥҥиттэн хара маҥнайгыттан саҥа судаарыстыбаннай тэрилтэни аспакка, баар тэрилтэлэргэ бүддьүөт харчытын куппакка эрэ алмааһы кырыылааһыны чааһынайдарга биэрэргэ сүбэлэстэ.
“Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр үксүгэр бэйэлэрин сыыһаларыгар-халтыларыгар хоруйу көрдүү, онтон куотуна сатыыллар. Оттон чааһынай тэрилтэлээх киһи сайдыы суолун тобула сатыыр. Судаарыстыбаттан биһиги харчы көрдүө, таһаҕас буолуо суохтаахпыт”,
— диэн этэр.
Манна даҕатан эттэххэ, 2017 с. түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 2 млрд солк. суумалаах ювелирнай оҥоһук оҥоһуллубут, 184,5 млрд дуоллар суумалаах бриллиант кырыыламмыт. 2016 с. кытары тэҥнээтэххэ, бородууксуйаны оҥоруу 60 % уонна кырыылааһын
36 % үрдээбит.
Нолуокка уларытыылары киллэрии
Мунньах кэмигэр кырыылааччылар сорох нолуок, чэпчэтии сыыһа киирбитин этэллэр. Холобур, бааҥҥа мэктиэлээһин суотугар бэриллибит кирэдьииккэ төлөбүрү уһатыы туһата кыра. Ону сэргэ тас дойду ювелирдарыттан Арассыыйа алмааһы кырыылааччылара нолуок өттүгэр тэҥэ суох балаһыанньаҕа олороллорун эттилэр. Билигин тас дойдуга тахсар алмаас иһин 6,5 % нолуок сотуллубута. Арассыыйа хампаанньалара эбиллибит сыанаҕа нолуогу (НДС) төлүү олорор буоланнар, тас дойду ювелирдарын кытары кыайан тэҥҥэ киирсэр кыахтара суох. Онон манна тас дойду хампаанньаларын курдук Арассыыйаҕа эмиэ биир тэҥ усулуобуйаны тэрийии барыахтаах.
Маны таһынан, тэрилтэлэр алмааһынан эрэ буолбакка, атын күндү таастары кырыылааһынынан дьарыктаныахтаахтарын эттилэр.
Каадыры бэлэмнээһин
Уонна түмүккэ алмаас эйгэтигэр эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһин биир сүрүн боппуруоһунан турда. “Ханнык баҕарар эйгэҕэ эдэрдэр кэлэн үлэлиир буоллахтарына эрэ, ол эйгэ сайдар. Билигин эдэр дьон ситиһиилээх, инникигэ эрэллээх, чиэһинэй, аһаҕас үлэлээх тэрилтэҕэ үлэлии киириэхтэрин баҕараллар. Онон биһиги ювелирдар, алмааһы кырыылааччылар үлэлэрин-хамнастарын туһунан элбэҕи кэпсиэхпитин, дьоҥҥо-сэргэҕэ билсиһиннэриэхпитин наада. Биһиэхэ манна ситиһиилээх, уопуттаах дьоммут аҕыйаҕа суохтар”, — диэн бэлиэтиир Петр Федоров.
Ону сэргэ үөрэх кыһаларыгар исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ хампаанньалары кытары сөҥнөһөн, ханна, ханнык идэлэр наадаларын көрөн үөрэтии барыахтааҕын, бу идэлэргэ бүддьүөттэн үбүлэнэр босхо миэстэлэри элбэтэргэ этии киллэрдилэр. Устудьуоннар үөрэхтэрин таһынан, тэрилтэлэргэ практикаланан миэстэтигэр үлэни кытары билсэллэрэ хайаатар да наадатын бэлиэтээтилэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат.