Иван Кириллович үлэтин кыраапыга ыгым буолан, субуотаҕа, дьэ, көрүстүбүт. 9:00 чаас буолуо икки мүнүүтэ баарына кэллэ. “Пунктуальнай эбит” диэн бэлиэтээтим уонна утары хаамтым.
“Өрөөбөккүн дуо? – диэн ыйыттым, бастатан туран, — сокуоннай өрөбүлгэр сынньаммаккын?”. “Өрөбүлүм суох. Үлэм нэдиэлэтэ 7 күннээх”, — маннык хоруйдаат, оргууй үлэлиир миэстэтин диэки хаама турда.
Иван Кириллович Демьянов “АЛРОСА” вице-бэрэсидьиэнэ. Алмаас хампаанньатын каадырын уонна социальнай боппуруостарын дьаһайар. Быйыл кини төгүрүччү үбүлүөйдээх: бастаан үлэтин саҕалаабыт “Якуталмаз” треһэ тэриллибитэ 60 сыла, “АЛРОСА” хампаанньа 25 сааһа, бэйэтэ 75 сааһын туолар уонна үлэлээбитэ оруобуна 40 сыл буолла. Алмаас бырамыысыланнаһыгар, омуннаабакка, үйэтин аҥаарын анаабыт, онтон уон сылын партийнай үлэҕэ биэрбит Иван Демьяновы кытта кэпсэттибит. edersaas.ru
— Иван Кириллович, Саха сиригэр олохсуйбутуҥ ыраатта — алмаас бырамыысыланнаһа саҥа атаҕар турарын саҕана. Бастаан балаһыанньа хайдах этэй?
— Ол 1964 сыллаахха этэ. Бииргэ сулууспалаабыт уолаттарбын кытта Саха сиригэр кэлбитим. Камчаткаҕа үс сыл икки ый сулууспалаабытым. Аармыйаҕа “Якуталмаз” трест бастакы салайааччыта Виктор Илларионович Тихонов оҕотун кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Кини миэхэ Саха сирин туһунан олус элбэҕи кэпсиирэ. Мин онно хараҕым уоттанаат, Саха сиригэр баран үлэлииргэ санаммытым.
— Мирнэйгэ тиийдиҥ?
— Куорат саҥа тутуллан саҕаламмыт этэ. Дьон “засыпуха” диэҥҥэ уонна мас дьиэлэргэ олороллоро. Ленинградскай эрэ уулуссаҕа бастакы таас дьиэни тутуу саҕаламмыта. Асфальт суол суоҕа, киин уулуссаларга буруус маһы тэлгииллэрэ. Билигин да өйдүүбүн, миигин онус нүөмэрдээх уопсайга киллэрбиттэрэ. Ол саҕана ким да дьиэтин хатаммат этэ уонна дьон олус эйэҕэс, аһаҕас буолара. Дьиҥэ, комсомольскай тутууга Сэбиэскэй Сойуус араас муннугуттан ыччат манна мустубута. Мин ол саҕана бу куоракка олохпун аныам диэн түһээн да баттаппатым.
Ийэм ыанньыксыт этэ
— Белгородскай уобаластан төрүттээх киһи Уһук Хоту сиргэ тоҕо олохсуйдуҥ?
— Мин Иловка диэн дэриэбинэҕэ, уруккута Воронежскай, билиҥҥитэ Белгородскай уобаласка ньиэмэстэр оккупацияларын кэмигэр “Крутой Яр” диэн сиргэ төрөөбүтүм. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Ийэм ыанньыксыт этэ, Киндюхин дьиэтин оҥкучаҕар ньирэй ынахтары иитэр этэ, ол саҕана баай киһи-кулаак. Миигин эмиэ бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Ньирэйдэригэр үүтү иһэрдэр этэ, туох эмэ хааллаҕына, миэхэ биэрээччи. Оннук олорбутум.
Эрдэ аҕата суох хаалбытым. Дьиэ кэргэммэр эр киһинэн хаалбытым. Төрдүс кылаас кэннэ сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр В.И. Чапаев аатынан холкуоска бастакы 112 күммүн үлэлээбитим. Төһө да сэрии кэннинээҕи кэм ыараханын иһин, аармыйаҕа ыҥырыахтарын иннинэ улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир этим.
“Новай” сопхуос
— “Новай” сопхуос историята алмаастаах сирдэри кытта тэҥҥэ сайдыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр промышленноһы сайыннарыы төрүт олохтоох дьон олоҕун укулаатын уларыппыта. Алмааһы хостооһуну саҕалыырга элэктэриичэстибэ наада этэ. Бүлүүтээҕи ГЭС плотинатын тутуута саҕаламмыта, онно үөскээбит уу мунньуллан, чугастыы турар Туой Хайа диэн бөһүөлэги ылбыта. Төрүт сахалар, эбэҥкилэр олорор сирдэрэ этэ. Нэһилиэнньэни Арыылаах диэн дэриэбинэҕэ көһөрбүттэрэ.
Оччолорго Мирнэй куораты тутуу балысханнык бара турар этэ. Кэлэ турар дьону аһатыахха надаа буолан, 1960 сыллаахха олунньуга “Новай” диэн сопхуос тэриллибитэ. Кэлин “Якуталмаз” трест структурнай салаата буолбута. Онно киирбиттэрэ: Туой Хайаҕа кииннэммит В.И. Ленин аатынан холкуос, Таас Үрэххэ кииннээх “Кыым” холкуос уонна Сүлдьүкээргэ кииннээх “Красный Север”. Бу үс холкуос биир сомоҕо буолан, “Новай” сопхуоһу үөскэппитэ. Мантан ыла төрүт дьон олохторо сайдан барбыта. Хаһаайыстыба ол саҕана номнуо тирэхтээх этэ. 1960 сыллаахха “Новай” сопхуос 700-тэн тахса төбө сүөһүлээх, 225 сылгылаах, 2000 кэриҥэ табалаах уонна 3500 көтөрдөөх этэ. Чугас дэриэбинэлэр олохтоохторо олус диэн көмөлөспүттэрэ. “АЛРОСА” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сопхуоһу, үгэс курдук, өйүүр. Билигин аграрнай-оҥорон таһаарар комплексы тутар сыал-сорук турар.
Иван Демьянов 16 сыл Мирнэйдээҕи автобаза “Алмаздортранс” управлениетыгар үлэлээбитэ. Оробуочай үлэтин барытын ааспыта. Автобаза кини олоҕор олус улахан оруолу оонньуур. Ол сылларын туһунан киэн тутта ахтар.
БЕЛАЗ суоппара
— Иван Кириллович, бастаан үлэлиириҥ саҕана мүччүргэннээх түгэннэр бааллара буолуо?
— Хаһан да умнуллубат түгэн баара. Бэйэм БЕЛАЗ-пынан фабрикаттан карьерга төннөн иһэбин. Айанныыбын, ырыа ыллыыбын, бырааһынньык буола турар, сэтинньи 7 күнэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин күнэ. Хаар улахан кыырпахтарынан кыыдамныыр, кэрэ даҕаны… Аллараа сүөкэнэ түһүөх иннинэ, былаһаакка баар, онно тиийэн аа-дьуо туормастыаххын наада уонна салгыы түһэҕин. Аһары үөрэн иһэн, туормастыырбын умнан кэбистим. Сэрэйэбин, массыынам дьаамаҕа түһэн иһэр. Туормаспын ыга баттаатым, ручникпын тартым, өссө эбии кэлин передачабын холбоотум, ол эрэн, массыынам түһэ турар! Олоҕум барыта иннибэр элэҥнээн ааста. Дьылҕам эбитэ дуу, туох дуу, ол эрэн, дьаама айаҕар гравий сытар эбит, онно тиийэн массыына тохтуу түстэ, оттон көлүөһэм номнуо дьаама үрдүгэр. Двигательбин араардым, массыынаттан таҕыстым уонна сатаан төттөрү киирбэтэҕим. Аныгыс күнүгэр дьэ өйбүн-төйбүн булбутум.
Сүбэ
— Саҥа үлэлээн эрэр дьоҥҥо тугу сүбэлиигиний?
— Бастатан туран, дьон үлэтин убаастыырга үөрэниҥ, киһиэхэ махтанарга үөрэниҥ. Дьонтон кыбыстар эбэтэр абааһы көрөр буоллаххына, салайааччы аатын сүкпэккин.
— Вице-бэрэсидьиэннээн олорбут 22 сылгар тугунан саамай киэн туттаҕыный?
— Маннык киэҥ, элбэх норуоттаах Саха сиригэр биһиги эйэлээхтик олорорбутуттан үөрэбин. Бары этэҥҥэ олоробут, оҕолорбутун иитэбит.
Уһун үйэлээх салайааччы
— Үйэ аҥаарын тухары элбэх салайааччыны кытта үлэлэспит буолуохтааххын. Хайдах барыларын кытта уопсай тылы булан, тапсан үлэлээтиҥ?
— Мин салалтаны мэлдьи өйдүү сатыырым. Сүрүнэ диэн, үлэлиир кыах баар буолуохтаах. Ону кытары, мин социальнай хайысханы өрө тута сатыыбын. Тоҕо диэтэр, биһиги “люди важнее алмазов” диэн лозуммут мээнэҕэ буолбатах. Бу тыллары, бастатан туран, салалта үчүгэйдик өйдүөхтээх.
— Туох эмэ ураты хоббилааххын дуу?
— Тэллэйдиирбин олус сөбүлүүбүн. Күнү быһа да биэдэрэлээх сылдьыахпын син. Олох сылайбаппын. Ол эрэн, ыраастыыр, сууйар үлэтин олох сөбүлээбэппин.
“Сахабын дэнэбин”
— Эн бэйэҕин сахабын дэнэҕин?
— Оннук буо! Мин Саха сиригэр үйэм аҥаарын олордум. Бэйэм сахалыы саҥарбаппын, ол эрээри өйдүүбүн. Үгэстэри, норуот үҥкүүтүн, аһын, таҥаһын барытын билэбин.
— Олоҕуҥ тухары алмаас хостуур тэрилтэҕэ үлэлээтиҥ, бриллианнаах маллааххын дуо бэйэҥ?
— Кэргэним хаһан эрэ биэрбит биһилэҕэ баар. Биирдэ да кэппэтэҕим, сиэйпэҕэ оннук сытар. Киэргэл кэппэппин. Мин алмааһы кытары быһаччы үлэлээбэппин. Мин дьону кытта үлэлиибин. Итиэннэ коммунальнай хаһаайыстыбаҕа эппиэттээхпин. “АЛРОСА” куруук уоттаах уонна батарея уута сылаас буолуон наада.
— Үбүлүөйдээх сылга хампаанньаҕа уонна тус бэйэҕэр тугу баҕарыаҥ этэй?
— Кэлэктииппит мэлдьи иннин диэки кимиилээхтик баран истин. Ким да, туох да сайдарга мэһэйдээбэтин, кэнэҕэски көлүөнэҕэ олук буола турдун. Биһиги элбэх норуоттаах дойдубутугар куруук эйэлээх олох туругурдун. Дьэ, бу саамай үчүгэй бэлэх буолуо этэ, атына барыта баар.
Үрдүк сололоох дуоһунас Иван Кириллович Демьянов майгытын, олоххо көрүүтүн, дьоҥҥо итэҕэлин уларыппата. Кини күн бүгүҥҥэ диэри доҕотторугар, дьиэ кэргэнигэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр сылдьан тутуспут суолдьут санаатыгар итэҕэллээх. Уруккутун курдук сайаҕас, дьаныардаах, сэмэй уонна үөрүнньэҥ.
Демьянов Иван Кириллович
1942 с. бэс ыйын 5 күнүгэр Белгородскай уобаласка төрөөбүт.
Бүлүүтээҕи энергостроительнай техникуму, Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрбит.
1964 с. Мирнэйгэ кэлбит. «Алмаздортранс» автобазаҕа суоппарынан, биригэдьииринэн, механигынан, автоколонна салайааччытынан, сыах салайааччытынан, автобаза сүрүн инженерин солбуйааччынан, партком сэкирэтээринэн үлэлээбит.
1982-1984 cc. – массыына суолун Мирнэйдээҕи управлениетын салайааччы.
1985-1991 сс. – ССКП Мирнэйдээҕи горкомун бастакы сэкирэтээрэ;
1991-1993 сс. – «Якуталмаз» социальнай отделын салайааччытын солбуйааччы;
1993-1995 сс. – «Алмазы России-Саха» хампаанньа каадырга уонна социальнай боппуруостарга дириэктэрэ.
1995 сыллаахтан – «АЛРОСА» хампаанньа вице-бэрэсидьиэнэ.
1965-2009 сс. Мирнэй куорат сэбиэтин депутата.
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “АЛРОСА” хампаанньа үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин, Мирнэй куорат уонна Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Бочуот, Норуоттар доҕордоһуулара, “Хотугу сулус” уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Үлэ бэтэрээнэ, “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл хаһаайына. “Меценаты столетия” норуоттар икки ардыларынааҕы аһымал пуонда рубиновай кириэһин хаһаайына. Сибэтиэй Даниил III истиэпэннээх уордьанын хаһаайына.
Кэргэннээх, икки кыыстаах, үс сиэннээх, хос сиэннээх.
Надежда Самсонова бэлэмнээтэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru