Бронха кыарааһыныттан тыыннара хаайтарар (бронхиальнай астма) дьон ахсаана аан дойдуга 300 мөлүйүөҥҥэ тиийэр. Кэнники 15 сылга ыалдьар дьон ахсаана 2 төгүл элбээтэ. Арассыыйа хас 12-с олохтооҕо тыын хаайтарыытыттан эрэйдэнэр. Исписэлиистэр бу ыарыы тарҕаныыта намырыахтааҕар элбиир чинчилээҕин сабаҕалыыллар.
Саха сиригэр тыыннара хаайтарар дьон ахсаана эмиэ элбэх. Бу ыарыыттан эмсэҕэлиир оҕолор ахсааннара сылтан сыл аайы эбиллэ турар.
Оттон Саха сиригэр оҕолору көрөр-истэр анал үөрэхтээх аллерголог-быраас тарбахха баттанар. Дьокуускай куораттааҕы оҕо балыыһатын аллерголог-бырааһа Мария Егоровна Гурьева 1997 сылтан үлэлиир. Балыыһа анал кабинетыгар күн аайы кырачааннар, кинилэр төрөппүттэрэ Мария Егоровна сүбэтигэр-аматыгар наадыйан кэлэллэр. Мария Гурьева оҕолору көрөрүн-истэрин сэргэ, куораттааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардарга, научнай-практическай конференцияларга дьоһуннаах дакылааттары оҥорор. Биир итинник конференцияҕа кыттыыны ылбыт Москватааҕы медицинскэй академия сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Геппе, Саха сирин аллергологтарын үлэлэрин, кинилэр ситиһиилэрин хайҕаан, сөптөөх суолу тутуһан үлэлииллэрин бэлиэтээн турар.
Мария Егоровна Гурьева бүгүн орто омурҕанын бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ күнэ.
Аллерголог туһалаах сүбэлэрэ
– Оҕо бронхата кыарааһыныттан тыына хаайтарара, чуолаан, 2 сааһыттан биллэн барар. Маннык оҕолор ыарыылара үксүгэр төрүөхтэриттэн баар эбэтэр тымныйыы кэнниттэн сыыстарбыт буолаллар. Кинилэр ахсааннара сыл аайы эбиллэ турар. Онуоха тулалыыр эйгэбит киртийиитэ, ийэ айылҕабыт аһылыга аҕыйаан иһэрэ ыарыы элбээһинигэр «көмөлөһөллөр». Эдэр ийэлэр оҕолоругар хатарыллыбыт, ыыһаммыт аһыы астары, чипсыны, кырааскалаах утахтары, атын сиртэн аҕалыллыбыт аһылыктары биэрэллэр, онон сиэри таһынан үлүһүйэллэр.
Туох төрүөттээҕий?
– Оҕолор үксүгэр бастаан атопическай дерматитынан, атопическай ринитинэн, аллергическай бронхитынан ыалдьаллар. Ити барыта аллергическай бронхихха кубулуйар. Онон, дерматиты хара маҥнайгыттан кыайа-хото эмтиир булгуччулаах.
Биһиэхэ оҕолорбут босхо эмтэнэллэр. Билигин тыын хаайтарыытын бопсорго уонна эмтииргэ аналлаах эмтэр, препараттар элбэхтэр. Урут Москваттан эрэ атыылаһан аҕалар кэмнэрдээх этибит. Бронхалара кыараабыт 2-5 саастаах оҕолору спейсер-ингаляторынан тыыннарабыт. Сорохтор балыыһаҕа кэлбэккэ эрэ, небулайзер аппараатынан тииһиги (приступ) бэйэлэрэ аһарыналлар. Пикфлеуметр ыалдьар оҕоҕо эмп кээмэйин эбэри эбэтэр көҕүрэтэри быһаарар. Маны ыарыһах бэйэтэ төһө баҕарар туттуон сөп.
Оҕолор биһиги биэрэр сүбэлэрбитин ылыныахтаахтар, анаммыт эмтэри бэрээдэктээхтик иһиэхтээхтэр. Ону таһынан, төрөппүт оҕотугар амарах сыһыана, ыарыы туһунан үчүгэйдик билэрэ туһаттан атыны аҕалбат.
Төрөппүттэр ыарыы бу төрүөттэрин билэллэрэ наадалаах:
– Бронха кыарааһыныттан тыын хаайтарара – дьарҕа (хроническай) ыарыытын кэриэтэ;
— Аллергическай (дьиэ уонна дьиэ таһынааҕы мастар быылларыттан, кыыллар хоһоҕолоруттан уо.д.а.);
— Аллергическайа суох (тымныы салгынтан, парфюмерия, аорозоль сытыттан, эт-сиин ноҕуруускаланыытыттан, ньиэрбэ күүрүүтүттэн).
Аллергияны үөскэтээччилэри түөрт бөлөххө араараллар:
– Быыл аллергеннара – оттор, ыарҕалар, мастар.
— Олох-дьаһах усулуобуйатыгар үөскүүр аллергеннар – дьиэ уонна кинигэлэр, кумааҕылар быыллара. Дьиэ быылын сүрүн көбүтээччинэн ооҕуйдуҥу көрүҥнээх кыра үөн буолар. Ити үөн киһи хараҕар көстүбэт, сыттык түүтүгэр, түүлээх суорҕаҥҥа, көбүөргэ, дьиэ сымнаҕас малларыгар олохсуйар. Онон, күн аайы быылы сууйа-сото, дьиэни салгылата сылдьыллыахтаах. Быыл хойуутук мунньустар малларын аҕыйатыллар. Ыалдьар оҕолоох ыал дьиэ кыылларын туппата ордук.
— Эпидермальнай аллергеннар – ыт, куоска, ат уо.д.а. кыыллар түүлэрэ уонна хоһоҕолоро.
— Ас аллергеннара тыын хаайтарыытын тииһигэр тириэрдэллэр.
Тымныы салгын, араас инфекция, сытыы сыттар, ньиэрбэ күүрүүтэ аллерген буолбатахтар эрээри, кинилэр ыарыы тииһигириитигэр тиэрдиэхтэрин эмиэ сөп.
Хайдах биллэрий?
– Оҕо эбэтэр улахан киһи ыалдьаары гыннаҕына, тыынара сотору-сотору ыарыыр, аҕылыыр, салгын тиийбэт курдук буолар. Үөһээ тыынарыгар салгын ыараханнык киирэр уонна тахсар, «иһиирэн» тыынара ыраахтан иһиллэр. Аһара ноҕуруускаланнаҕына эбэтэр саҥарарыгар тыынара түргэтиир, аҕылыыра күүһүрэр. Ыарыы бэлиэлэрэ түүн да, күнүс да биллиэхтэрин сөп. Тыын хаайтарыыта бэйэтэ ааһыан сөп. Ол гынан баран, бронханы кэҥэтэр эмтэри (сальбутамол, беродуал уо.д.а.) туһанар ордук.
Төрөппүттэр тугу билиэхтээхтэрий?
– Тыын хаайтарыыта көдьүүстээхтик эмтэниллэрин туһугар организм иһигэр ас уонна тыынар салгын нөҥүө аллергеннар киирэллэрин тохтоторго эбэтэр аҕыйатарга кыһаллыахха;
— Дьиэ кыылларыныын бодьуустаһыма;
— Ыалдьар оҕо баарына дьиэни быыллаама, аһы ыһаарылаама, аэрозоллары уонна сууйар синтетическэй тэриллэри туттума
— Аһаҕас долбуурдартан сымнаҕас оонньуурдары, кинигэлэри итиэннэ утуйар хостон көбүөрдэри, сымнаҕас миэбэллэри хомуй;
— Түүлээх сыттыктаргын уонна суорҕаннаргын синтепоҥҥа уларыт (үс ыйга биирдэ сууй). Күн аайы сииктээх тирээпкэнэн быылы сот уонна дьиэҕин салгылат;
— Дьиэ сибэккилэрин үүннэримэ уонна аквариуму туруорума;
— Оҕо баар сиригэр табахтаама.
Диета
Маннык астары аҕыйатыҥ:
— Какаоны, сакалааты, мүөтү, эриэхэлэри, цитрусовойдары, дьэдьэни, банааны, кырааскалаах уонна консерваннаах астартан йогурту, чипсыны, сосисканы, тетрапакекка кутуллубут соктары, ыстыыр эрэһиинэлэри уо.д.а.;
— балыгы, искэҕи, муора бородуукталарын;
— аһыы уонна сымнаҕас сыыры, майонеһы, кетчубу;
— ыаммыт үүтү, тупсарыылаах буулканы уонна сымыыт ахсаанын хааччахтааҥ.
Үксүгэр бу быраабылалары толору тутуспаттар. Мантан сороҕун да тутустаххытына, ыарыы хаамыыта чэпчиир уонна эмкэ (ол иһигэр, күүскэ дьайааччыларга) наадыйыыгыт аҕыйыыр.
Тииһиги хайдах сэрэтиэххэ?
— Эмкитин бырааскыт хайдах сүбэлиирин курдук иһиҥ;
— Тииһигириигэ тиэрдэр эйгэттэн туора туттуҥ;
— Эмчиккэр сылга иккитэ-үстэ сырыт. Бэйэҕин үчүгэйдик сананар уонна тыынарыҥ бэрээдэктэммит курдугун да иһин, эмчиккэр сылдьаргын умнума.
— Туругун мөлтөөбүтүн хайдах билиэххэ сөбүн уонна тугу гыныахха наадатын эмчиттэн ыйыталас.
Тыын хаайтарыыта хайа баҕарар сааска биллиэн сөп. Бу ыарыы атын киһиттэн сыстыбат. Ардыгар биир ыалга хас да киһи ыалдьар. Ыарыы букатыннаахтык эмтэниллибэт, ол эрэн, хонтуруоллуохха сөп.
Тыына хаайтарар киһи ыарыыны хонтуруоллуурга үөрэммит буоллаҕына, доруобай дьон тэҥинэн олорор.
ЫСПЫРААПКА:
Мария ГУРЬЕВА – Оҕо куораттааҕы балыыһатын консультативнай поликлиникаҕа отделениетын аллерголог-иммунолога;
«Оҕо бастыҥ бырааһа», «Оҕо бастыҥ исписэлиис-бырааһа» номинациялар кыайыылаахтара;
Дьокуускай к. доруобуйатын харыстабылын туйгуна;
Педиатрдар конгресстарын, РФ педиатрдарын сойууһун чилиэнэ, аллерголог-иммунологтар конгресстарын кыттыылааҕа;
РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru