Аллараа Халыма энергетиктэрэ өрөмүөнү түмүктээн эрэллэр

Ааптар: 
28.09.2022
Бөлөххө киир:
“Сахаэнерго” АУо (РусГидро бөлөҕүн “Якутскэнерго” ПАУо-ҕа киирэр) электрическэй ситимнэрин Аллараа Халыма оройуонун үлэһиттэрэ кыстыкка бэлэмнэнэн, сүрүн уонна көмөлтө тэриллэрин,  уот линияларын, дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннээтилэр. Ол курдук, Аллараа Халыматааҕы РЭС үлэһиттэрэ сыл саҕаланыаҕыттан түөрт уот дизельнэй ыстаансыйатын дизельнэй тэрилин уонна Походскай, Колымскай уонна Андрюшкино сэлиэнньэлэригэр уот эбийиэктэрин тоҕус көмөлтө тэриллэрин өрөмүөнүн ыыттылар. Черскэй бөһүөлэгэр Аллараа Халыматааҕы РЭС

“Сахаэнерго” АУо (РусГидро бөлөҕүн “Якутскэнерго” ПАУо-ҕа киирэр) электрическэй ситимнэрин Аллараа Халыма оройуонун үлэһиттэрэ кыстыкка бэлэмнэнэн, сүрүн уонна көмөлтө тэриллэрин,  уот линияларын, дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннээтилэр.

Ол курдук, Аллараа Халыматааҕы РЭС үлэһиттэрэ сыл саҕаланыаҕыттан түөрт уот дизельнэй ыстаансыйатын дизельнэй тэрилин уонна Походскай, Колымскай уонна Андрюшкино сэлиэнньэлэригэр уот эбийиэктэрин тоҕус көмөлтө тэриллэрин өрөмүөнүн ыыттылар.

Черскэй бөһүөлэгэр Аллараа Халыматааҕы РЭС трансформатор икки подстанциятын уларытта. Уот үлэһиттэрэ “Якутоптторг” тэрилтэ саҥа ыскылаатын уотунан бигэтик хааччыйыыга трансформатор подстанциятын туруордулар. Ону тэҥэ Походскай сэлиэнньэтигэр симметрирующай трансформаторы таҥнылар.

2022-2023 сыллардааҕы күһүҥҥү-кыһыҥҥы кыстык саахала суох ааһарыгар наадалаах уматыгы Аллараа Халыма оройуонугар сүүс бырыһыан тиэртилэр. Сэлиэнньэлэргэ 6-10кВ күүрүүлээх уот линиятын өрөмүөнэ былаан быһыытынан бара турар. Бүгүҥҥү туругунан, Аллараа Халыма энергетиктэрэ 5,05 км өрөмүөннүүр былааннарыттан 4,7 км хайы-үйэ оҥордулар.   Ону тэҥэ ЛЭП харыстанар зонатыгар 1 гектар кэриҥэ маһы-талаҕы уотунан хааччыйыы быстыбатын туһугар ыраастаатылар.

Сахаэнерго тус эппиэтинэһигэр киирэр 23 улууска бу ыытыллар үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр. Биһиги ыытар өрөмүөммүт, туох-ханнык иннинэ, туһанааччыларбыт күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ уотунан бигэ туруктаах хааччыллыыларыгар туһуланна”, — диэн бэлиэтээтэ “Сахаэнерго” АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы – кылаабынай инженерэ Петр Кондратьев.

“Сахаэнерго” АУо пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0