Аллараа Халыма Андрюшкино сэлиэнньэтигэр дьүкээгир норуотун VI сийиэһэ буолла.
Далааһыннаах тэрээһин түһүлгэтигэр Үөһээ Халыматтан, Орто Халыматтан, Аллайыахаттан, Усуйаанаттан, Дьокуускайтан, Чукоткаттан, Санкт-Петербуртан кэлэн кытыннылар.
Мустубут бары ыалдьыттары СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Александр Саввинов истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ дьүкээгир норуотун ассоциацията өбүгэтин үгэһин, тылын-өһүн, култууратын харыстыырга, сайыннарарга тиһиктээхтик үлэлэһэрин бэлиэтээтэ.
—СӨ Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн, былаас уонна уопсастыба бииргэ үлэлээһиннэринэн эрэллээх буолууну бөҕөргөтөргө, култуураны, өбүгэлэр үгэстэрин сайыннарарга, байытарга элбэҕи ситиһэрбитигэр эрэнэбин. Маныаха мин хотугу норуоттар көхтөөх кыттыыларын, кинилэр чэлгийэ, силигилии сайдыыга дьлуурдарын бэлиэтиибин. Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор кинилэр сүрүн кылааттарын киллэрсэллэрин сыаналаан туран, бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээхтэрин, култуураларын, үгэстэрин тарҕаталларыгар кыһамньыларын иһин барҕа махталбын тиэрдэбин! – диэтэ Александр Александрович.
Сийиэс чэрчитинэн ыытыллыбыт Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕар «О реализации закона РС (Я) «О Суктуле юкагирского народа» тиэмэҕэ киэҥ кэпсэтии ыытылынна, дьүкээгир тылын уонна култууратын туругар, сайыннарыы боппуруоһугар төгүрүк остуол буолла. Дьүүллэһии кэмигэр дэлэгээттэр суктуллар бырааптарын туһамматтарын, мэччирэҥ сир сыһыарыллыытын боппуруоһа быһаарыллыбакка турарын, Өлүөрэ Суктулугар килиимэт туругуттан табаны иитии ыараабытын, ФГОС ирдиир халыыбыгар сөп түбэһэр дьүкээгир тылынан биир да учуобунньук бэлэмнэниллэ илигин, о.д.а. кыһалҕалары көтөхтүлэр. Этиилэргэ олоҕуран резолюция бырайыага бэлэмнэнилиннэ. Редакционнай хамыыһыйа ситэрэн-хоторон, чочуйан биэрбитин кэнниттэн, дьүкээгир норуотун VI сийиэһин резолюцията федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, улуус былаастарыгар ыытыллыахтаах.
Дьүкээгирдэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Валентина Акимова уонна СӨ дьүкээгирдэр ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Инесса Томская дакылааттарыгар дьүкээгирдэр этнокультураларын сайыннарыыга кэнники үс сылга туох ситиһиллибитин билиһиннэрдилэр. Ол курдук, «Шахадьибэ» национальнай бырааһынньыктара, дьүкээгир тылын уонна култууратын түөрт оройуоҥҥа сэттэ оскуолаҕа үөрэтэллэрэ, Дьокуускайга воскреснай оскуолалар дьарыктара тиһиктээхтик ыытыллалларын, оройуон хаһыаттарыгар: Аллараа Халымаҕа «Чайлэдуол», Үөһээ Халымаҕа «Одул лосилпэ» сыһыарыылар тахсалларын, дьүкээгир тылынан кинигэлэр уонна үөрэх босуобуйалара бэчээттэнэллэрин кэпсээтилэр. Маны сэргэ, Дьокуускайга худуоһунньуктар, суруйааччылар үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ, биэчэрдэр, быыстапкалар тэриллэллэрин, Үс Хатыҥҥа «Хотугу мозаика» диэн дьүкээгирдэр түһүлгэлэрэ баар буолбутун, дьүкээгир суруйааччыларын айымньыларынан испэктээкиллэр туруоруллубуттарын, саҥа айар кэлэктииптэр баар буолбуттарын сырдаттылар.
Аҕам саастаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлин уонна түмсүүгэ киирэр дьону куоластааһын буолла. Ону сэргэ, СӨ дьүкээгирдэр ассоциацияларын бырабылыанньата саҥардылынна, бэрэссэдээтэли таллылар. Ол түмүгэр аҕам саастаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлинэн Вячеслав Шадрин, Ассоциацияны салайааччынан Валерий Сентяков талылыннылар.
Дьыалабыай бырагырааманы таһынан, Андрюшкино сэлиэнньэтигэр олорор эбээннэр, дьүкээгирдэр дьиэлэрин, олохторун билиһиннэрдилэр, «Дьүкээгир оһуордара» уус-уран оҥоһуктар быыстапкалара тэрилиннэ, «Өбүгэлэр оонньуулара» спортивнай күрэхтэһии, «Көс дьиэ кэргэн» куонкурус, табаһыттар сүлүөттэрэ дьону-сэргэни түмтэ.
Санатан эттэххэ, дьүкээгирдэр V-с сийиэстэрэ кулун тутар 19-21 күннэригэр 2016 сыллаахха Дьокуускайга буолбута. Сийиэс аны түөрт сылынан эмиэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар ыытыллара былааннанар.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата