Аллараа Халымаҕа урбаанньыт ыал кыстыыр тэпилииссэ тэриннэ

14.10.2020
Бөлөххө киир:

Аллараа Халымаҕа Татьяна, Николай Негребтэр диэн урбаанынан дьарыктанар ыал олорор. Бу ыал төгүрүк сыл устата оҕуруот аһын үүннэрэн, дьону сөхтөрөр кыстыыр тэпилииссэлээхтэр.

Оҕуруот аһын хаһаанар баазалаах буолан, олохтоохтор абыраммыттар. Маны сэргэ, номнуо бэһис сылларын эргэ бэкээринэ баазатыгар саҥа бэкээринэни оҥостон, бурдук ас арааһын, килиэп, буулка атыылыыллар эбит.

Маны таһынан үрүҥ ас арааһын оҥорон таһаараллар. Ол курдук сүөгэй, йогурт курдук аһылыктар быйылгыттан дьэ, пластмасс ыстакааҥҥа кутуллан атыыга тахсыаҕа. Инникитин урбаанньыт ыал бэлимиэн оҥорор тэрили атыылаһан, эт бородууксуйатын арааһын оҥорон таһаарары былаанныыллар. «Турваургин» диэн олохтоох общинаттан эт атыылаһан оҥорон таһаарар сыахтарын кэҥэттээри үлэлии-хамныы сылдьаллар.

Үлэҕэ көхтөөх ыал Аллараа Халыма олохтоохторуттан махтал эрэ тыллары истэр.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0