Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри тимир суолу аҕыс сыл иһигэр тутуохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри тимир суол саҥа лиинийэтин аҕыс сыл иһигэр тутуохтара. Бырайыагы олоххо киллэрэр туһуттан Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттанна — Саха сирэ, Магадан уобалаһа уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ. 

Тустаах докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, Магадан уобалаһын губернатора Сергей Носов уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин илии баттаатылар.

— Лиинийэ тутулуннаҕына хоту эрэгийиэннэргэ таһаҕаһы тиэрдии сыаната чэпчиэҕэ уонна сылы эргиччи тиэрдии олохтонуоҕа, Саха сирин 15% олохтооҕо сылы эргиччи тырааныспарга эрэйдэниэ суоҕа, итиэннэ 8 тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тэриллиэн сөп, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэр.

«Аллараа Бэстээх — Магадан» тимир суолун тутуу 1600 км усталаах буолар, үс түһүмэҕинэн ыытыллар. «Бастакы түһүмэх — Томпо улууһун Хаандыгатыгар 700 км суолу оҥоруохха наада. Оччотугар бырамыысыланнай сүрүн тэрилтэлэргэ тимир суол тиийиэҕэ. Иккис түһүмэх — 560 км усталаах Дьааҥы сис хайатын туоруур учаастак. Бу уустук учаастак буолар. Үһүс түһүмэх — Магадан уобалаһыгар баар кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэлэргэ тиийэр суол. Маныаха бырайыактааһынтан саҕалаатахха аҕыс сыл кэриҥэ ыытыллыаҕа», — диэн Василий Шимохин эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0