Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри тимир суолунан билиэт сыаната 5615 солкуобай

Бөлөххө киир:

«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа Аллараа Бэстээх — Иркутскай хайысхатынан эбии плацкартнай вагоннары сырытыннарарын туһунан иһитиннэрдэ.

Аллараа Бэстээхтэн рейс олунньу 28 күнүгэр оҥоһуллар.
Онон Аллараа Бэстээх — Иркутскай хайысхатынан купейнай уонна плацкартнай вагоннар сылдьыахтара.
Билиэт Дьокуускайга «Саха сирин тимир суоллара» каассатыгар, Алдаҥҥа, Томмокко, Аллараа Бэстээххэ вокзалларга атыыланар.
Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри билиэт сыаната  5615 солкуобай. Айан бириэмэтэ 3 суукка 3 чаас 36 мүнүүтэ.
Санатан эттэххэ, Аллараа Бэстээхтэн Нерюнгрига диэри пуойас күн ахсын сылдьар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0