Аллараа Бэстээххэ таһаҕас тохтоло суох кэлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быраабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров муус устар 1 күнүгэр суруналыыстарга Аллараа Бэстээххэ таһаҕас кэлиитин кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 1771 вагон тимир суолунан иһэр эбит. 1121 богуон Аллараа Бэстээххэ кэлэн сүөкэниэхтээх. Билигин манна 373 аһы-үөлү, араас табаары уонна уматыгы тиэммит богуон кэлбит.

Михаил Никифоров эппитинэн, билигин маҕаһыыннарга 58 күҥҥэ тиийэр ас-үөл баар. Кууһунан атыылааччылар 59 күҥҥэ тиийэр табаардаахтар. Онтон, тиэллэн кэлэ иһэр табаары аахтахха, маҕаһыыннарга үс ыйга (92 күҥҥэ) тиийэр саппаастаахпыт, кууһунан атыылааччыларга — түөрт ыйга (122 күҥҥэ).

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0