Аллараа Бэстээххэ толору изоляцияланыы эрэсиимэ биллэрилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр толору изоляцияланыы эрэсиимин киллэрэр туһунар ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.

edersaas.ru

Бөһүөлэккэ коронавирус дьаҥар ыалдьыбыт киһи суох эрээри, өрөспүүбүлүкэ баһылыга кутталлаах дьаҥ тарҕаныытын урутаан бохсор сыалтан маннык дьаһалы таһаарда. Биллэрин курдук, Аллараа Бэстээх элбэх нэһилиэнньэлээх, үгүс кэлиилээх-барыылаах, тимир суол уонна федеральнай массыына суолун аартыктара буолар. Толору изоляцияланыы эрэсиимэ бу иннинэ Дьокуускайга, Жатайга, Нерюнгрига, Мирнэйгэ, Ленскэйгэ уонна Алдаҥҥа биллэриллибитэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0