Аллараа Бэстээххэ Олоҥхо дьиэтигэр ыалдьыттааҥ

Бөлөххө киир:

2013 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ураһалаах алааһыгар “Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ахсыс Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыта.

edersaas.ru


Бу киэҥ далааһыннаах, дириҥ суолталаах тэрээһин сүрүн үөрүүлээх өйдөбүлүнэн уонна сыаналаммат күндү бэлэҕинэн Аллараа Бэстээх килбэйэр киинигэр дьэндэйэн тахсыбыт дьэрэкээн өҥнөөх, дьикти сиэдэрэй быһыылаах Олоҥхо дьиэтин тутуута буолбута.
Олоҥхо дьиэтэ билигин хайдах үлэлии олорорун туһунан “Олоҥхо дьиэтэ” оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Айта Васильева кэпсээтэ:

— Олоҥхобут дьиэтэ оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ диэн ааттанан, дириэктэринэн Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии дирекциятын салайбыт Евдокия Иванова анаммыта. Евдокия Николаевна биһигини, эдэр исписэлиистэри түмэн, саха төрүт итэҕэлин, сиэрин-туомун, уус-уран айымньыларын тула үлэлээбиппит быйыл күһүн биэс төгүрүк сыла буолла. Олоххо, үлэҕэ-хамнаска тус көрүүлээх, үлэтигэр ис сүрэҕиттэн бэриниилээх, муударай, дириҥ ирдэбиллээх, ол эрэн, хас биирдии исписэлиискэ, үлэһиккэ ийэлии истиҥ сыһыаннаах салайааччыбыт Евдокия Николаевна кынатын анныгар сылдьан биэс сыл иһигэр улахан үлэ эридьиэстэрин биллибит. Күн аайы билии-көрүү ылан, ыытыллар тэрээһиннэртэн эбиллэн, сайдан иһэбит. Онон, биир дьиэ-кэргэн кэриэтэ биир санаанан салайтаран оҥоһуллубут, ыытыллыбыт үлэттэн дуоһуйан, күн-дьыл, сыл-хонук ааһарын билбэккэ да хаалабыт.

Биэс сыл… Этэргэ дөбөҥ эрээри, бу кылгас кэрчик кэмҥэ бүттүүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха төрүт сиэрин-туомун, итэҕэлин, уус-уран норуот айымньыларын харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ, тарҕатыыга балачча үлэлэстибит, кэккэ ситиһиилэннибит. Ол курдук, үлэбит былаанын торумнаан, сахалыы ыйдарынан аттаран үгэс буолбут тэрээһиннэрбитин ааттаатахха, манныктар: “Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары сиригэр” улууспутугар Олоҥхо күннэрэ; “Дьүрүһүй, хомуһум, дьүрүһүй” Хомус күнэ; “Ситим” фольклор көрүҥнэригэр улуустааҕы күөн-күрэс; “Таайтарыылаах Таҥха” таҥха киэһэлэрэ; “Илгэлээх ийэ тылым, төрөөбүт төрүт тылым” Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ; “Күн Дьөһөгөй” Сылгыһыттар күннэрэ; “Өбүгэ таҥаһа” иистэнньэҥнэр улуустааҕы күрэстэрэ; “Мэҥэ Уус” улууска норуот маастардарын күнэ; “Күн үҥкүүтэ” илин эҥээр улуустарга оһуохай күөн күрэһэ; “Салама ыйааһына”; улуустааҕы Олоҥхо ыһыахтара. Олоҥхо Дьиэтэ арыллыаҕыттан барыта биэс: Мөҥүрүөҥҥэ, Хаптаҕайга, Мэлдьэхсигэ, Баатара сиригэр, Томторго Олоҥхо ыһыахтара, ону таһынан уус-уран быыстапка-дьаарбаҥкалар, маастар-кылаастар, кылаас чаастара, арчыланыы, ыраастаныы, саҥа ыал буолар эдэр ыалга “Уруу алгыһын” сиэрин-туомун оҥоруу уо.д.а. ыытан кэллибит.
Бу ыытыллар тэрээһиннэрбитигэр  Олоҥхо Дьиэтин иһинэн бииргэ үлэлиир түмсүүлэрбит: улуустааҕы Олоҥхо ассоциацията, “Мэҥэ Уус” норуот маастардарын түмсүүтэ, “Оһуохай” түмсүү, “Манчаары ыччаттара” олоҥхону толорооччулар, ону таһынан, Аллараа Бэстээх элбэх хайысхалаах сынньалаҥ киинин исписэлиистэрэ, уус-уран салайааччы, тумус туттар киһибит Афанасьева Т.Р, хореограф Черкашина Нь.Ф, режиссер Владимирова М.С күүс-көмө буолаллар. Кинилэр баар буоланнар, дьоҕус тэрилтэбит улахан үлэни кыайа-хото тутар. Түгэнинэн туһанан, бииргэ алтыһан үлэлиир дьоммутугар барҕа махтал тылларын тиэрдэбит.
Айан аартыктара быһа охсор Аллараа Бэстээх килбэйэр киинигэр турар, кэлбити-барбыты ырыатынан-тойугунан, дьүрүһүйэр хомуһун тыаһынан, омуннаах олоҥхотунан угуйар оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ “Олоҥхо дьиэтэ” аана өрүү аһаҕас. Биир дойдулаахтарбытын, бар дьоммутун инникитин даҕаны биһиги иилээн-саҕалаан ыытар тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кыттар буолуҥ диэн ыҥырабыт. Аныгы дьалхааннаах кэмҥэ, өбүгэлэрбитин эргийэн көрөр, сахалыы төрүт өйбүтүн-санаабытын уһугуннарар кэммит үүннэ, онон саха төрүт үгэстэрэ, итэҕэлэ сайдыытыгар инникитин даҕаны бу курдук биир санаанан салайтаран үлэлиэххэ, сайдыахха диэн ыҥырабыт.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0