«Аллараа Бэстээх» ыстаансыйатыгар 373 богуон кэлбит

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аллараа Бэстээххэ тимир суолунан аҕалыллыбыт табаары сүөкүүргэ үлэ күүһүрдүллүбүт.

Билиҥҥи туругунан аһы-үөлү, уматыгы, онтон да атын табаары тиэйбит 373 богуон кэлбит. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров иһитиннэрбит. Манна даҕатан эттэххэ, «Арассыыйа тимир суоллара» ААУо ситиминэн өссө 1771 богуон айаннаан иһэр. Итинтэн Аллараа Бэстээххэ 1121 кэлиэхтээх. Иһитинэриллибитинэн, бастакы уочарат туһаныллар табаар тиэллэн кэллэҕинэ, үстүү-түөртүү ыйга тииийэр саппаас баар буолар.

Вице-премьер бэлиэтээбитинэн, СӨ сыанаҕа бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ СӨ Борокуратууратын кытта бииргэ сыананы олоҕо суох үрдэтии тахсыбатын туһугар күн ахсын үлэлэһэр.

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0