Аллараа Бэстээх маҕаһыыннарыгар бурдук, саахар атыыга баар

Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарыттан сылтаан, Эмиэрикэ Холбоһуктаах ыстааттара уонна Арҕаа дойдулар куомуннаһан, араас хабааннаах сааҥсыйалары киллэрдилэр. Итинтэн сылтаан сымыйа сурах-садьыҥ  тарҕанар. Холобур, бу күннэргэ дьон социальнай ситимнэргэ Аллараа Бэстээххэ кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга  бурдук, саахар атыыламматын туһунан  кэпсэтэллэр, суруйаллар.

Ити кырдьыгын, сымыйатын билээри Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин баһылыгын солбуйааччы Ирина Егоровалыын билсибиппитигэр: «Билиҥҥи туругунан биирдиилээн уонна кууһунан атыылыыр (уоптабай) маҕаһыыннарга  социальнай суолталаах бородуукталар ханнык да харгыһа суох атыылана тураллар. Социальнай ситиминэн тарҕанар сураҕы итэҕэйэр сыыһа. Интэриэһиргээччилэр Аллараа Бэстээх маҕаһыыннарын төлөпүөннэригэр эрийэн билсиэхтэрин сөп. Кинилэр нүөмэрдэрэ 2ГИС диэн төлөпүөн сыһыарыытыгар бааллар», — диэн быһаарда.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0