Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысханан сырыы 1500 солк. буолуоҕа
Сарсыҥҥыттан, алтынньы 31 күнүгэр, Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысханан пассажирдары таһар сымнаҕас олбохтоох суудуналар биир сырыыларын сыаната 1500 солк. буолуоҕа.
Тоҕо үрдүүрүй? Дьону таһыынан дьарыктанар хампаанньа дириэктэрин солбуйааччы Борис Строев иһитиннэрбитинэн, сыана үрдээһинэ өрүскэ муус туруутун кытта сибээстээх. «Халлаан тымныйан муус туруута күүһүрэн эрэр. Итинтэн сылтаан суудуналар сымнаҕас олбохторо алдьанарын сэргэ, элбэх уматыгы ороскуоттууллар. Тоҕо диэтэххэ, халлаан тымныйан мотуордарын умуруорбакка, пассажирдар туолалларын күүтэллэр. Онон сибээстээн, алтынньы 31 күнүттэн өрүс биир өттүгэр барыы тарыыба 1500 солк. буолар», — диэн Борис Строев кэпсээтэ. Билигин 20 суудуна сарсыарда 7 чаастан киэһэ 6 чааска диэри дьону таһаллар. Өрүскэ кыдьымах күүскэ үөскүүр кэмигэр, биэс «Тайфун» диэн аэроботтар көмөҕө кэлиэхтэрэ.