Аллайыахаҕа күн таҕыста!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күн тахсыытын хоту дойду олохтоохторо олус кэтэһэллэр. 

Бүгүн Аллайыаха улууһун олохтоохторо үөрүү бөҕө. Күн тахсыбыт!

“Күммүт тахсан үөрүү-көтүү бөҕөбүт. Дьиҥинэн, тахсыбыта хас да хоммут буолуохтаах. Бүгүн былыта суох буолан көһүннэ”, — диэн суруйдулар чокуурдаахтар. Күн тахсан, хоту дойду олохтоохторо сэргэхсийиэхтэрэ, санаалара өрө көтөҕүллүө. Ол эрээри, күн таҕыстаҕына хоту тымныйар дииллэр эбит.

Таарыйа аҕыннахха, Дьокуускайтан хаайтарбыт айанньыттар бөөлүүн көтөн тиийбиттэрэ. Ол тустаахтарга эмиэ үөрүү.

Ити курдук, хоту дойдуга үөрүүлээх сонуннар элбии турдуннар.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: Чокуурдаахтан ыыттылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0