Аллайыахаҕа куобах, хабдьы биллибит

Ааптар: 
04.03.2020
Бөлөххө киир:

Билигин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар кыһыҥҥы маршрутунан учуот ыытылла турар. Учуот сыала-соруга — төһө кыыл-сүөл баарын билээри, үктэммит суолларынан ааҕыыны ыытыы.

Онон, Айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ бу күннэргэ олох солото суохтар. Аллайыаха улууһун айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ бу соторутааҕыта ытыйан ааспыт буурҕа кэнниттэн Чокуурдаахтан 25-30 км сиргэ учуот ыытан кэллилэр. Бастакы күн сылдьыбыт суолларын сотон баран, сарсыныгар биир эмэ кыыл-сүөл ааспытын билээри ол сылдьыбыт туһаайыыларынан хаттаан сырыттылар. Биллэн турар, буурҕа кэнниттэн хаар халыҥ уонна сымнаҕас буолан, омук буранынан сылдьарга эрэйдээх соҕус диэн этэллэр.
Бу сырыыларыгар куобах биллибитэ көһүннэ. Улахан ууттан икки сылы быһа сүтэ сылдьыбыт куобах кэлбит. Хабдьы даҕаны син балачча баар эбит. Кырса суола онон-манан көстөр. Ол оннугар киис, бөрө ааспыт суолун көрбөтөхтөр.

Онон иниспиэктэрдэр бу сырыыларыгар 5 хайысханан (маршрутунан) 50 км сиринэн эргийэн кэллилэр. Учуот үлэтэ кулун тутар ый ортотугар диэри барыаҕа.

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Никита Стрюков хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0