Алгыстаах Санита Ай

14.03.2018
Бөлөххө киир:

Көрөөччүгэ ытыктабыллаах сыһыан, артыыс идэтигэр улахан эппиэтинэс – бу хаачыстыбалар барыта Софья Николаеваҕа-Санита Айга бааллар.

edersaas.ru

Санита, хас биирдии ырыаһыт аан бастаан сценаҕа тахсыбыт кэмин күндүтүк саныыр буолуохтаах. Эн ханнык ырыанан көрөөччүлэргэ тахсыбыккыный?

– Мин бэйэбин өйдүөхпүттэн ыллыыбын. Эһээм Андрей Николаевич Федоровы кытары оттуу барыстым да, ыллаан тахсарбыт. Кинини кытары булка, балыкка барытыгар барсарым. Ол сылдьан эһээм норуот ырыаларын, тойуктарын, Аркадий Алексеев ырыаларын ис-иһиттэн иэйэн толорорун түһэрсэн иһэрим.

Бастакы ыллаабыт ырыабынан Калиста Пахомова дьөһөгөй оҕотугар анаабыт ырыата буолар. Ол кэнниттэн «Хаарчаананы», Мария Попова репертуарыттан «Табалары», о.д.а. толорбутум. Кэлин идэтийбит ырыаһыт буолан баран, улахан сценаҕа Мэрайя Керри “Without you” (“Эйигинэ суох”) ырыатынан тахсыбытым. Ол сэтинньи 6 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар сүрэхтэммиппин долгуйа ахтабын.

Бастакы сольнай

Кулун тутар 24 күнүгэр буолаары турар соҕотох толорор кэнсиэриҥ бастакыҥ дуо? Көрөөччүлэр туох уратыны, сонуну күүтэбит?

— “Санита Ай” диэн ааты ылынан ырыаһыт буолуохпуттан, Туймаадам туонатыгар соҕотох толорор, сольнай бастакы кэнсиэрим. Оҕо эрдэхпинэ, 2003 с. ыам ыйын 23 күнүгэр дойдубар сольнай кэнсиэртээн турабын. Онно Виктория Мойтохонова салайар “Мозаика” ансаамбылыгар сылдьар этим. Онон, 9-с кылааһы бүтэрэрбэр бэйэбэр туох эрэ түмүк курдук оҥороору кэнсиэртээбитим. Сунтаарга “Партизан” кулуубугар баппат көрөөччү күүстээх ытыһын тыаһыттан кынаттанан, ырыаһыт буолар баҕа санаам өссө күүһүрбүтэ. Онтон 2011 с “Саҥа ырыа” телевизионнай бырайыакка кыттан баран, дойдубар эмиэ сольнай кэнсиэртээбитим. Дьокуускай куораппар бастакы кэнсиэрпиттэн, биллэн турар, олус долгуйабын. Эһигини, көрөөччүлэри, ис сүрэхпиттэн ыҥырабын. Хас биирдии нүө­мэрбин барытын ымпыгар-чымпыгар диэри оҥоруом, ырыаһыт быһыытынан өссө арыллыам диэн эрэннэрэбин. Саҥа ырыалар уонна альбомум сүрэхтэниэхтэрэ.

Нарын-намчы бэйэҥ, күүстээх куоласкынан урукку ырыалары толороргун көрөөччүлэр сөбүлүүллэр ээ.

— Эһээм кэминээҕи ырыалары ыллаһа сылдьан: “Улааттахпына, ырыаһыт буоллахпына бу ырыалары мин бэйэм хайдах саныырбынан, сүрэҕим хайдах ылынарынан саҥалыы тыыннаан ыллыаҕым”, – диэн ыраланар этим. Урукку ырыалары толордохпуна, эбэлээх-эһээм үтүөкэн мөссүөннэрин, ийэлээх-аҕам иэйэн-куойан ыллыылларын харахпар көрөбүн. Кинилэри санаатахпына, ис дууһаттан ордук арыллан ыллыыбын. Инникитин даҕаны элбэх ырыалары саҥалыы тыыннаан толоруом, репертуарбар киллэриэм дии саныыбын.

Арассыыйа ырыаһыттарыттан кимнээҕи сөбүлүүгүн?

— Кыра эрдэхпиттэн Валерий Меладзены, Валерияны, Лариса Долинаны, кэлин Полина Гагаринаны уонна Украина ырыаһыта Ани Лорагы сөбүлүүбүн. Кинилэр кэнсиэртэрин сырса сылдьан көрөбүн, оччоҕо бэйэлэрин илэ көрүөхпүн баҕарар санаам өссө күүһүрэр. Лариса Долина Дьокуускайга кэлбитигэр кэнсиэригэр сылдьыбытым. Мин саҕа дьоллоох киһи суох этэ, үөрүүбүттэн ытаабытым. Бэйэм наһаа уйан буоламмын, дьол хараҕын уута миэхэ сотору-сотору кэлэр.

Дьоллоох оҕо сааһы билбитим

Дьиэ кэргэн иэйиэхситигэр, үс оҕолоох ийэҕэ ырыаһыт буолар ыарахана суох дуо?

– Оннук ыарахан дии санаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, үлэбин, сынньалаҥмын, сөбүлүүр дьарыкпын барытын тэҥҥэ дьүөрэлии сатыыбын. Үһүс уолбун оҕолонон баран, үс ыйыгар номнуо үлэбэр тахсыбытым. Миэхэ саамай эрэллээх көмөлөһөөччүлэрбинэн, өйүүр-өйдүүр дьоммунан оҕолорум уонна тапталлаах кэргэним Аркадийым буолар. Ийэбэр, кэргэним эдьиийигэр, балтыларыгар махталым муҥура суох.

Сарсыҥҥы күммүн киэһэ утуйаары сытан былааннанабын, этэргэ дылы, маршруппун оҥостобун. Былааннарбын төлөпүөммэр сурунабын уонна күҥҥэ тугу ситиспиппин сотон иһэбин. Ол иһин, элбэҕи ситиһэбин дии саныыбын. Ол быыһыгар спордунан да дьарыктанабын, бэйэбин да умнубаппын, социальнай ситимҥэ да олорорго бириэмэ булабын.

Кэргэниҥ үтүө хаачыстыбалара?

— Мин кэргэним үтүө эрэ хаачыстыбалардаах дии саныыбын. Эрхаан истиҥ дууһалаах, аһыныгас сүрэхтээх, оҕомсох, эрэллээх кэргэн, кыраттан үөрэр, ханнык баҕарар дьону кытары уопсай тылы булар, барыларыгар көмөлөһөргө бэлэм, миэхэ наһаа эрэнэр. Олус үлэһит, олоҕу наһаа таптыыр, талааннаах.

Киһи төрөппүттэригэр махталын туохха көрөҕүн?

— Оҕо үтүө үлэһит, дьон убаастыыр киһитэ буола улаатара – төрөппүттэргэ саамай улахан махтал дии саныыбын. Оҕолорбун эмиэ оннук иитэ сатыыбын. Хайаан да үрдүк үөрэхтээх буолуҥ диэбэппин. “Кылаабынайа, үтүө, үлэһит уонна дьон-сэргэ убаастыыр киһитэ буолуҥ. Бэйэҕит таптыыр идэҕитин булан, ситиһиилээхтик үлэлээҥ, дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара буолуҥ”, – диэн иитэбин. Кинилэр ситиһиилээх, дьоллоох буолаллара миэхэ улахан махтал буолуо этэ дии саныыбын. Бэйэм төрөппүттэрбэр Галина Владимировна уонна Андрей Андреевич Федоровтарга миэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр, бары өттүнэн сайдыылаах буола улаатыннарбыттарыгар куруук махтанабын. Бэйэм таптыыр идэбинэн үлэлии-хамсыы сылдьарбар саамай кинилэр өҥөлөрө улахан буоллаҕа.

Чуҥкуйбут, мунчаарбыт күннэргэр туох көмөлөһөрүй?

— Оннук настарыанньаланнахпына, наһаа үчүгэй киинэ көрүөхпүн эбэтэр кинигэ ааҕыахпын сөп. Үөрүүбүн-хомолтобун тэҥҥэ үллэстэр дьүөгэлэрбин кытары көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттэхпинэ, ис-испиттэн чэпчиибин, уоскуйабын. Дьиҥэр, чуҥкуйар бириэмэ да суох курдук ээ, оҕолорбун кытары кинигэ ааҕарбыт уруһуйдуурбут – бэйэтэ уоскулаҥ.

«Быыбарга барабын!»

Бэлиитикэҕэ тус сыһыаныҥ?

— Бэлиитикэ дьыалатыгар улаханнык киирэ сатаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, идэлээх исписэлиистэргэ эрэнэбин. Биир да быыбары көтүппэппин, хайаан да куоласпын биэрэбин. Кулун тутар 18 күнүгэр дойдубут өссө сайдарын, кэнчээри ыччаттарбыт эйэлээх халлаан анныгар олороллорун туһугар куоласпын биэрэ барабын. Биллэн турар, Сахам сирин олохтоохторун барыларын быыбарга кыттаргытыгар ыҥырабын.

Аҕам саастаах дьон алгыһынан

Олоххор сирдьит сулус оҥостор тускулуҥ ханныгый?

— Чопчу оннук баар диэн этэр кыаҕым суох. Ол эрэн, Орто дойду олоҕор үчүгэйи эрэ көрөргө кыһаллабын, кыраттан санаабын түһэрбэт буола сатыыбын. Оҕолорбутун кырдьаҕаһы убаастыы, кыаммакка көмөлөһө, аһыныгас буола улааталларыгар иитэ сатыыбыт.

Саамай сөбүлүүр өс хоһоонуҥ?

— “Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн ­эйэтин ыл”. Эбээлээх-эһээ оҕото буоламмын, кырдьаҕастары наһаа сөбүлүүбүн, таптыыбын. Кинилэртэн куруук сүбэ-ама, алгыс ыла сылдьыахпын баҕарабын.

Сэмсэ тыл:

Фатина Иванова, ырыаһыт, мелодист:

  • Софья, төһө да эдэр буоллар, улахан, иллээх дьиэ кэргэн сатабыллаах, кыһамньылаах ийэтэ буоларын мэлдьи сөҕө-махтайа көрөбүн. Ийэтигэр оҕолуу истиҥ сыһыана киһини эрэ долгутар. Эйэҕэс майгыта, үтүө санаата дьону бэйэтигэр тардар. Үгүс элбэх доҕотторо киниэхэ күүс-көмө буолаллар.

Олоҕун олуктара:

Николаева Софья Андреевна-Санита Ай

1987 с. Сунтаар улууһун Тойбохой с. күн сирин көрбүтэ.

2005 с. Сунтаардааҕы гуманитарнай гимназияны бүтэрбитэ.

2009 с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын эстрада салаатын (Светлана, Егор Неустроевтар мастарыскыайдарын) бүтэрбитэ.

2009 сылтан – СӨ Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыһа.

2013 с. Арктикатааҕы Култуура уонна искусство институтугар “Тэрээһин менеджменэ” салааны бүтэрбитэ.

Кэргэннээх, үс уол оҕолоох.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0