Алгысчыт учуутал Вера Гоголева

Ааптар: 
03.10.2018
Бөлөххө киир:

Учуутал күнүн көрсө Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, социальнай педагог, алгысчыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Вера Гоголеваны кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.

edersaas.ru

Ырыаһыттан учууталга

— Вера Романовна, ырыаһыт буолар ыралаах кыысчаан хайдах учуутал идэтин талбыккыный?

— Дьиҥэр, ахсааҥҥа, химияҕа, тылга — барытыгар үчүгэйдик үөрэнэрим. Ол эрээри, ырыаһыт буолар баҕалаах буолан, култуурунай-сырдатар училищеҕа туттарсар санаалааҕым. Бииргэ төрөөбүт тохсуобут. Эдьиийдэрим ырыаһыттаан айахпын ииттээри сылдьарбын истэн баран, учуутал идэтигэр киир диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон аҕабын батыһан учуутал буолаары СГУ саха тылын салаатыгар туттарсыбытым. Оччолорго “оскуола-производство-үрдүк үөрэх”  диэн хамсааһын баара, ол эрээри биһиги кылааспытыттан биэс бастыҥ үөрэнээччигэ оскуола кэнниттэн тута үрдүк үөрэххэ туттарсар суругу туттарбыттара.

Нуучча тыла “муодунай” дуо?

— Аныгы төрөппүттэр туохтан сиэттэрэн оҕолорун нууччалыы үөрэттэрэргэ дьулуһалларый?

— Кырдьык, куоракка баар кыһалҕа. Урут сахалыы бөлөхтөөх уһуйааннар аҕыйах этилэр, төрөппүттэр кыһалҕаттан нууччалыы тыллаах бөлөхтөргө биэрэллэрэ. Иитээччилэр оҕоҕутун кытта нууччалыы кэпсэтиҥ диэн сүбэлииллэр эбит. Төрөппүттэр ити суолу тутуспуттар. Аны биллэр-көстөр дьон оҕолорун, сиэннэрин кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. Иккиһинэн, оҕолорун аралдьытаары, кыра эрдэхтэриттэн төлөпүөн туттараллар, тэлэбиисэр иннигэр олордоллор. Кыра эрдэхтэриттэн эргиччи нууччалыы кэпсэтиини истэллэр. Сылдьар эйгэлэрэ уонна истэр саҥалара барыта нууччалыы буолан, аныгы оҕо нуучча тылын дэбигис ылынар. Оттон оскуолаҕа кэллэхтэринэ, саха тылын үөрэтии чааһа аҕыйах.

Элбэхтэн биир холобур

— Куорат сиргэ саха тылын үөрэтэр төһө уустугуй?

— Дьиҥ саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтэр кэлин уустугуран иһэр. Тоҕо диэтэххэ, оҕо сахалыы эйгэттэн тэйэн хаалбыт буолан, үгүс тыллары билбэт. Уонна, саамай сүрүнэ, өс хоһооннорун, сомоҕо домохторун туттубат, “бар-кэл” эрэ диэн тылынан муҥурданар. Быйыл саас аахпыттан суруйуу буолла, “Сайылыкка” кэпсээнтэн атыыр оҕустар харсыһыыларын туһунан. Тиэкиһин учуутал аахта. Ол кэнниттэн биир оҕо туран ыйытар: “Атыыр оҕус диэн тугуй?” — диир. Бэрт уһуннук атыыр оҕуһу быһаардыбыт. Аны доҕоор, дьоммут олох бөҕөстөр тустан эрэллэрин курдук суруйан таһаарбыттар. Ол аата кинилэр оҕустар харсыһалларын хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөхтөр. Сахалыы эйгэтэ суох оҕоҕо итини барытын тириэрдэр уустук. Төрөппүттэр оҕолорун төһө кыалларынан тыа сирин олоҕун кытта алтыһыннараллара ордук. Ол иһин мин бэйэм кылааспын араас улуустарынан илдьэ сатыыбын, түмэллэри көрдөрөбүн. Оскуолабыт төһө да нууччалыы хайысхалааҕын иһин, күһүн үөрэх дьыла саҕаланаатын кытта, Оһуохай күнүттэн саҕалаан, Ыһыахха тиийэ саха төрүт үгэстэринэн тэрээһиннэри ыытабыт.

Учууталга сыһыан

— Учуутал аатын өрө тутар, кини көмүскэллээх буоларын туһугар туох дьаһалы ылыахха сөп дии саныыгыный?

— Уопсастыба учууталга сыһыана уларыйарын туһугар, бука, уһун кэм ирдэнэрэ буолуо. Тоҕо диэтэххэ, билигин туохха барытыгар учуутал буруйдаах. Аны төрөппүт уонна оҕо куруутун учууталы үҥсэллэр. Борокуратуураҕа тиийэ үҥсэллэр. Онон учуутал аатын-суолун түһэрэн кэбистилэр. Аныгы учуутал көмүскэлэ суох. Мин санаабар, оскуола салалтата уонна Үөрэх управлениета көмүскүөхтээхтэр. Төрөппүккэ уонна оҕоҕо кэлин олус улахан быраап бэрилиннэ. Баҕар, билигин уларыйыы кэмигэр ити сөптөөх дьаһал буолуо. Тоҕо диэтэххэ, учуутал олох ирдэбилинэн уларыйыахтаах, сайдыахтаах. Аныгы кэм оҕото букатын атын. Биһигини, сэбиэскэй кэм оҕолорун, ииппиттэрин курдук, аныгы көлүөнэни иитэр кыаллыбат.

Сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит буолан, үөрэнээччини үрдүктүк тутабыт, бэйэбит оҕолорбут курдук көрөн сыһыаннаһабыт, дьиэбитин-уоппутун да умнан туран үлэбитигэр охтобут. Ити аһары түһүү. Кэлин омуктары үтүктэн, тас дойдулар курдук сыһыаҥҥа баран эрэбит. Учуутал оҕону мөҕөрө-этэрэ, хаһыытыыра, илиитинэн таарыйара табыллыбат. Аны билигин инбэлиит оҕо элбээтэ, оҕо майгыта эмиэ уларыйда. Ол иһин оҕо уйулҕатын билэн, өйдөөн туран кэпсэтиллиэхтээх. Хаһыытыыр-ыһыытыыр буоллаххына, кырдьык, үҥсүмүнэлэр, үҥсэр буоллахтара. Учуутал култууратын, аатын-суолун бэйэтэ үрдэтиэхтээх. Оччоҕо эрэ уопсастыба сыһыана уларыйар кыахтаах. Ис-истэриттэн сырдыгынан сыдьаайар, оҕо кинилэргэ курдаттыы таттарар, төрөппүт убаастабылын ылар норуот учууталлара бааллар эбээт.

 

БКЭ-ни эккирэтии

— Билигин төрөппүт даҕаны, оҕо даҕаны биир кэлим эксээмэн баалын эккирэтиинэн эрэ олорор курдук. Саха тылыгар БКЭ туттараллар дуо?

— Биһиги оскуолабытыгар хайаан даҕаны сылга икки-үс оҕо саха тылын биридимиэтин талан эксээмэн туттарар. Аны итиннэ ким даҕаны болҕомто уурбат. Оннооҕор былырыын эксээмэн туттарар пууну даҕаны анаабатахтар этэ. Айманан-айманан, эксээмэн буолуо биир күн иннинэ эрэ быһаарыллыбыта.

Кырдьык, кэлин эргиччи биир кэлим эксээмэҥҥэ охтуу көстүүтэ баар. Оҕону биир өттүттэн төрөппүттэр, иккис өттүттэн учууталлар ыгаллар. Оҕо эксээмэнин кыайан туттарбатаҕына, учуутал үлэтигэр охсуулаах. Элбэх оҕо иккилэннэҕинэ, үлэтиттэн ууратыахтарын да сөп. Учуутал аттестация барарыгар эксээмэн түмүгүн эмиэ көрөллөр. Биир кэлим эксээмэни хайдах уларыталларын өйүм хоппот. Төрүт тохтотон кэбиһэр эмиэ табыллыбат. Биир үчүгэйдээх – үөрэххэ киирэллэригэр. Өйтөн суруйууларын биир бэйэм биһирии көрбөтүм. Хайаан даҕаны бачча бэлиэлээх (знак) буолуохтаах уонна кинилэр ыйбыт былааннарынан суруйуллуохтаах. Оччотугар тиэкиһи нойосуус үөрэтэн кэлэн суруйуохтарын эмиэ сөп. Өйтөн суруйууга, оҕо бэйэтин санаатын этиэхтээх этэ буоллаҕа. Инньэ диэбэттэр, хааччахтаах эбит.

Оскуоланы таһынан дьарык

— Вера Романовна, эргиччи үлэ эрэ туһунан кэпсэтээри гынныбыт. Эйигин алгыстыыр диэн истибитим. Хайдах саҕаламмытай, туох ирдэбиллээҕий?

— Сүүрбэччэ сыллааҕыта улаханнык ыалдьыбытым. Ол кэнниттэн алгыска, ыраастаныыга сыстыбытым. Ол ыалдьан баран эти букатын сиэбэт буолан хаалбытым. Былыргы алгысчыттар эти сиэбэттэр, уҥуохтара, эттэрэ кытаатан хаалан, алгыстара үөһээ дойдуга кыайан тахсыбат диэн аахпытым. Аны тэлэбиидэнньэҕэ биир экстрасенс, миигин таайтара, көрдөрө ыҥырыахтарын үс күн инниттэн эти сиэбэппин диэн эппитэ. Ону истэн олус соһуйбутум. Эһэм алгысчыт эбитэ үһү уонна аҕам тойуктуур этэ. Ол бэриллибитэ буолуо.

— Эти букатын сиэбэккин дуо? Эти сиэбэт саханы саҥа көрдүм.

— Олох, букатын. Бурдук аһы хото сиибин, сахалыы алаадьыбын кыбына сылдьабын. Ол гынан баран, нууччалыы эттэххэ, “не рафинированнай” арыыга ыһаарылыыбын. Аспын көрүнэбин, түбэһиэх аһыахпынааҕар, күнү быһа аччык сылдьыам.

Тиэмэбититтэн арыый халыйаары гынныбыт. Алгысчыт хайаан даҕаны ыраас буолуохтаах. Аны сиэргэ-туомҥа туттар алаадьыбын, саламааппын бэйэм астыыбын. Аал уокка туһанар маспын, тымтыкпын кэлин эмиэ бэйэм бэлэмниибин. Атын киһи хайдах санаалаах бэлэмнээбитэ биллибэт, бэйэм оҥорорум ордук эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

Түгэн тосхойбучча, бииргэ үлэлээбит уонна үлэлиир учууталларбын, дьүөгэлэрбин анал күммүтүнэн эҕэрдэлиибин! Көмүс күһүн сырдык дьэрэкээнинэн сылын аайы саҕаланар үлэбит, саас айылҕа силигилии тиллэринэн түмүктэнэринии барыта сырдыгынан арыалланан, кэнчээри ыччат кэскилин эрэллээхтик түстүөҕүҥ, үрүҥ күн сыдьаайын тапталынан угуттаан утары уунуоҕуҥ, сайдар-үүнэр саргылаах алгыһынан арчыланан саҥаҕа, үрдүккэ, кыайыыга дьулуһуоҕуҥ!

Олоҕун олуктара

Гоголева Вера Романовна

1962 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ

1984 с. СГУ историяҕа-филологияҕа бакылтыатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин салаатын бүтэрбитэ

1984-1986 сс. Усуйаана улууһун Силээннээх оскуолатыгар учууталлаабыта

1986-2003 сс. Томпо улууһун Мэҥэ Алдан орто оскуолатыгар, Муусука оскуолатыгар учууталлаабыта

2004 с. Саха-канадскай оскуолаҕа учууталлаабыта

2008 сылтан Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар учууталынан, социальнай педагогунан үлэлиир.

Кэргэннээх, оҕолоох.

Сэмсэ тыл

Василий Дарбасов, бэрэпиэссэр, экэниэмикэ наукатын дуоктара:

—Бастатан туран, Вера Романовна саха тылын үрдүктүк баһылаабыт, баай тыллаах, үөрэнээччилэргэ чахчы биһирэтэр учуутал. Иккиһинэн, Мэҥэ Алдаҥҥа кийиит быһыытынан тиийэн баран, олохтоох теле-устуудьуйаны күүскэ үлэлэппитэ, интэриэһинэй биэриилэри оҥортуура. Томпоттон төрүттээх дьону кытта сибээһи олохтообута, устуудьуйаҕа кинилэри ыалдьыттатара, кэпсэтиннэрэрэ, сэргэх интервьюлары ылара. Үсүһүнэн, дьону түмэр, тэрийэр, иилиир-саҕалыыр хаачыстыбалаах. Мэҥэ Алдаҥҥа үлэлээн ааспыт учууталлары кытта билигин даҕаны сибээһин тутар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0