Бу күннэргэ сэбиргэхтэтэр дьаҥ өрө туруутунан сибээстээн, үгүс киһи «аны мин маннык ыарыыга хаптарыам» диэн санаата оонньуура, санаарҕыыра баар суол. Бу маннык кэмҥэ киһи санааны бөҕөргөтөр айылгылаах дьону кытта санааларын атастаһара наада курдук.
edersaas.ru
Алгыстаах тэрээһиҥҥэ үгүстүк сырыттым ини, сылдьыбатым ини. Ол эрээри Мэҥэ Бүтэйдээҕэр тиийэ сылдьан, Варвара Федорова алгыһын ыла туран, дьикти турукка киирбитим. Хайдах эрэ ырыых-ыраахха куйаарга көппүт санаммытым уонна… чэпчээн хаалбытым. Ити кэнниттэн алгысчыт туһунан санаа арахсан биэрбэтэҕэ. Дьонтон ыйыталаһан истибитим, кини өссө сэрэбиэйдьит уонна көрбүөччү эбит. Чараас эйгэлэх дьон туһунан суруйар буолан, Варвара Федорованы кытта хайаан да көрсөн кэпсэтэргэ санаммытым. Түгэн булан, ыйдаран, олорор дьиэтигэр тиийбитим, кинини эдэр ыал кэтэһэн олороллоро. Биһиги кылгас түгэҥҥэ кэпсэтэн ылбыппыт.
— Мин бастаан холостуой сылдьан «ыал буолабын дуо?» диэн кэлэ сылдьыбытым. Онно Варвара Николаевна ыал буолан, икки оҕолонорбун эппитэ. Ол эппитэ туолан, кинини дьиҥнээхтик итэҕэйэн, билигин атын боппуроска кэллим, — диэн эдэр киһи кэпсээбитэ.
Варвара Николаевна дьиэтээҕи үлэтин үмүрүтэн, мин төлөпүөнүнэн кэлэрбин сэрэппит буолан, кини хоһугар киирэн, кэпсэтэн барабыт. Кини наҕыл, холку куолаһыттан хайдах эрэ сылаас тыын илгийэргэ дылы…
Хайдах саҕаланна этэй?
— Варвара Николаевна, хайдах алгыстыыр буолбуккунуй?
— 90-с сылларга дьон эмискэ үлэтэ суох хаалбыта. Үлэлээх дьоҥҥо хамнас кэмигэр кэлбэт, үлэтэ суохтар хантан да хамнастанар кыахтара суох. Ол кэмҥэ «Сырдык» уопсастыбаннай түмсүү тэриммиппит. Нэһилиэк баһылыгын кытта кэпсэтэн баран, дьиэ ылбыппыт. Билигин санаатахха, оччолорго бэйэбит дьоҕус «Бизнес-инкубаторы» тэриммит эбиппит. Онно интэриэстэринэн көрөн, ким иистэнэр, ким үтүлүк тигэр, онтуларын атыылаан күннээҕи килиэптэрин булуналлар. Ол быыһыгар муус ылааччы диэн, хотон көрөөччү диэн. Ити курдук гынан, сорох дьоммутугар «мин маннык үлэлээн айахпын ииттиэхпин сөп эбит» диэн бэйэлэрин кыахтарыгар эрэл үөскэбитэ. Ол кэмҥэ бэйэбит омукпутунан киэн туттуу кыыма саҕан, сахалыы тыын, эйгэ үөскээн барбыта. Ол иһин биһиги Алгыс кулуубун тэринэр толкуйга кэлбиппит. «Бу киһи сахалыы тыыннаах» диэбит дьоммутун барыларын «сиидэлээн» бэйэбитигэр тардыбыппыт. Ыытар тэрээһиннэрбитигэр уонтан тахса киһи бары алгыс тылын этэрбит. Уһун да уһун буолан, дьон сылайар да быһыылааҕа. Кэлин «сайҕанан-сайҕанан», билигин сэттиэ буолан алгыстыыбыт.
— Алгыскыт наһаа интэриэһинэй тутуллаах, киһини олох ураты турукка киллэрэр эбит…
— Өбүгэ саҕаттан алгыстанар киһи хараҕын симэн, илиитин алгысчыкка утары уунан туран, санаалыын-оноолуун уу-чумпуга бэйэтин кытта бэйэтэ хаалар турукка киириэхтээх. Алгыс этиллэр кэмигэр ким да хаама, кэпсэтэ, сылдьыа суохтаах. Биһиги сэттиэн үлэбитин үллэстэбит. Билигин үһүө буолан ыҥырыынан сылдьан, дьиэни, тиэргэни ыраастыыбыт. Дьиэ көтүрээри гыннахтарына эмиэ ыраастаталлар. Эдэр ыал дьиэ туттар уһаайбаларыгар алгыс түһэртэрэллэрэ үксээтэ.
Сүөһү көрдөөһүнэ сэрэбиэйгэ аҕалыыта
— Эн сэрэбиэйдьит уонна көрбүөччү быһыытынан эмиэ биллэр эбиккин…
— Ийэм сэрэбиэйдиир дьоҕурдаах этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кыргыттар хаартынан сэрэбиэйдэнээччибит. «Ийэҥ сэрэбиэйдьит дии, эккэр-хааҥҥар баара буолуо, сэрэбиэйдээ» диэн көрдөһөллөрө. Оччолорго «бу уол эйиигин сөбүлүүр, маннык саныыр эбит» диэн буолар этэ. «Олус сөпкө эппиккин» диэн кыргыттарым элбэхтэ хайҕааччылар.
Ийэм Елизавета Васильевна Пономарева саһыл пиэрмэтигэр үлэлээбитэ. Бочуот знага уордьан кавалера. Кини кэлбитин иһиттэхтэринэ, анаан сэрэбиэйдэтэ кэлээччилэр. Ийэм миигин «хата кэлэҥҥин көмөлөс» диэччи. Онно мин өһүргэниэх курдук буоларым. Хомсомуол киһи хаалынньаҥ бэлиэтин курдук ылынар этим.
— Онтон эн ол итэҕэйбэккэ сылдьан, хаһааҥҥыттан сэрэбиэйдьит буолбуккунуй?
— 90-c сыллартан. Оччолорго ынахтара, сылгылара сүтэн хаалар буолан, миэхэ ыйдаран, сэрэбиэйдэтэ кэлэллэрэ. Биири таайдым, иккис көһүннэ. Аны бэйэм интэриэһиргээн бардым.
— Ол сүппүт сүөһүнү хайдах «булан» ылар этигиний?
— Бу маннык алааска, маннык өтөхтөөх, иннэ үрэхтээх сир эбит диэн ыйан биэрэбин. Ити курдук иһитиннэрии хайдах эрэ үөһэттэн кэлэн этиттэрэр курдук. Сирдэрин билэр дьон чуо онно тиийэн булаллар этэ. Ону этэрбэс араадьыйата тиэрдэ охсубут буолара.
Санаа күүһэ барыны кыайар
— Туох кыһалҕалаах дьон эйиэхэ сэрэбиэйдэтэ кэлэллэрий?
— Дьон олох наадыйдаҕына кэлэр. Оҕото суох ыччаттар кэлэллэр. Арахсыыга чугаһаабыттар көмө көрдүүллэр. Оннук оҕолорго эйэлэһэллэригэр көмөлөһөбүн. Өйдөөн иһиттэххэ, олох кыраттан кыыһырсыбыт буолаллар. Үчүгэйи эрэ ыра санаа оҥостуҥ, санаа күүһэ барыны кыайар диэн өйдөтөбүн.
Оттон оҕото суол ыалга хаартыга түһэрэн, оҕо кутун билэбин, кыаллыбат түбэлтэтигэр «оҕото ииттиҥ эбэтэр экоҕа барыҥ» диэн сүбэлиибин. Кэлиҥҥи кэмҥэ кирэдьиит ылан баран, кыайан төлөөбөккө эрэйдэнэллэр, «суолбутун ыйан кулу» дииллэр. Санааҕа ылларбыт дьону кытта биир чааһынан бүппэккин, икки-үс чаас кэпсэтэбин. Сүрүннээн төлөпүөнүнэн үлэлиибин. Холобура, Тааттаттан, Томпоттон үгүс киһи билсэр.
— Көрбүөччү быһыытынан хайдах үлэлиигиний?
— Саамай ылсан туран үлэлиирим — сүппүт дьон. Сунтаартан, Ньурбаттан тиийэ эрийэн көрдөтөллөр. Олорон эрэ сөптөөх толкуйу бэйэлэрэ биэрэ олорор дьон баар буолаллар. Сири-дойдуну билбэт дьону кытта кэпсэтэр олус уустук. Мунаарар дьоҥҥо хаарты тахсыбат.
— Варвара Николаевна, эн ааккын ааттаан атын куораттартан истэн тиийэн кэлэллэр дииллэр…
— Этэрбэс араадьыйата тиэрдэн, Питертэн, Москваттан, Омскайтан, Красноярскайтан тиийэ эрийэллэр. Эмиэрикэттэн кытта.
— Оччоҕо Саха сирин ааттыы да барбат буоллаҕыҥ…
— Мин киһини омугун да, дуоһунаһын да көрбөппүн. Наадыйан кэлэр буоллахтара. Дьокуускайтан, Аллараа Бэстээхтэн омук дьоно кэлэн алгыс ылан барбыттара. Саха сиригэр олорор дьон быһыытынан олорор сирбит итэҕэлин тутуһуохпутун наада диир дьон бааллар. Ыраастанан, сэрэбиэйдэтэн баран, «эн эппитиҥ туолла» диэн махтана эрийэллэр.
— Ити тэлгэһэҕэр турар сиэдэрэй тутуулаах балаҕан эмиэ махталлаах дьон тутан биэрбиттэр үһү дии?
— Былырыын ахсынньы саҥатыгар Сунтаар уола Альберт Игнатьев уонна Амма Бөтүҥүн ыччата Николай Иванов «биһиги эйиэхэ балаҕан тутан биэрээри гынабыт» диэн кэлбиттэрэ. «Мин маһым суох» диэбиппин, «маһын, үлэһиттэри булабыт, эһиги аһатаҕыт уонна утутаҕыт» диэбиттэрэ.
Мин кинилэр бырайыактарын алҕаабытым. «Кыаллыаҕа», диэн сэрэбиэйдээн, ыйан-кэрдэн биэрбитим. Уолаттар санаабыттара туолан, миэхэ махталларын бэлиэтин балаҕан тутан биэрбиттэрэ. Альберты иккитэ-үстэ эрэ көрбүтүм. «Эн тоҕо маннык кыараҕас сиргэ үлэлиигиний? Алгыс бөҕө түспүт дьиэтэ эбит. Кэлбит-барбыт дьон эн саҥа балаҕаннаныаххын наһаа баҕараллар», диэбитэ. Уонча хонук иһигэр түөрт үлэһит ахсынньы 10 күнүгэр балаҕаммын тутан бүтэрбиттэрэ. Тымныы оройугар ахсынньы 22 күнүгэр, саамай кылгас күҥҥэ, Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа малааһыннаабыппыт.
Отучча киһини ыҥырбыппытын, 70 киһи кэлбитэ. Бары бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлбиттэр этэ. Ол күн тиэргэним массыынанан туола түспүтэ…
Бүтэйдээх алгысчыта балаҕанын бэрт тупсаҕай гына оҥорон, сахалыы тыыннаабыта, киһи кута-сүрэ тохтуур бэртээхэй дьиэ-уот буолбут.
Кэпсэтиибит түмүгэр алгыһынан дьон санаатын бөҕөргөтө сылдьар Варвара Федороваттан «бу буулаан турар дьаҥ аймалҕана хаһан тохтуоҕай?» диэн ыйыппыппар, «ыам ыйын ортото этэҥҥэ буолар диэн сабаҕалыыбын» диэн эттэ. «Ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах дьалбарыйдын, барыгытыгар доруобуйаны, иллээх эйэлээх олоҕу баҕарабын!» — диэн алгысчыт санаатын тиэртэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска – ааптар түһэриитэ.