Алгыс түспүт уйата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх буолуу күнэ. Бу ураты истиҥ, үөрүүлээх уонна бэлиэ күнүнэн хоһооммун аныыбын.

ДЬИЭ КЭРГЭН

Уҥа уола ойуолуур,
Хаҥас кыыһа сиэттиспит
Эмдэй-сэмдэй оҕолор
Ийэ-аҕа үөрүүтэ!

Көлүөһэтэ туллубут
Оҕо оонньуур массыына,
Баттахтара арбайбыт
Куукулата лаабыска.

Олус истиҥ бу көстүү
Оҕо баарын бэлиэтэ!
Иллээх, дьоллоох дьиэ кэргэн
Алгыс түспүт уйата!

Хардарыта бэйэни
Убаастаһар дьиэ кэргэн
Оҕустарбат кыраҕа,
Билэр олох сыанатын.

Бүтүн дойду туругун
Быһаараллар кинилэр,
Элбэх дьоллоох дьиэ кэргэн —
Дойду сайдар кэскилэ!

Полина-Победа,
Дьокуускай.

Хаартыска regnum.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0