Бүгүҥҥү курдук хаардаах, сииктээх күҥҥэ дьиэҕэ олорон, Максим Ксенофонтов кэпсээнин ааҕыҥ
“Бу түү мээчик курдук тѳгүрүк сир үрдүгэр
туох барыта тѳгүрүччү эргийэ, саамылана
турар эбээт!”
Иван Гоголев – Кындыл
Кулун тутар ый бүтэрэ чугаhаан, чэлгиэннээх күн үүммүт. Сааскы салгыны билэн, суолга тохтубут от бытархайын тула барабыайдар кѳрдѳѳхтүк догдоҥолоhоллор. Оскуолабыт шифер сарайыттан эрдэлээн быкпыт муус чопчу кылаппачыйар.
Кулуупка “Москва слезам не верит” диэн икки сериялаах киинэ кѳhүннэ. Сүрүн оруолу толорбут Вера Алентоваттан олус астынным. Эдэр кыыhы да, саас ортолоох дааманы даҕаны бэркэ табыллан оонньуур. Мааныта да бэрт.
“Режиссёр бэйэтин кэргэнин устубут”, “киинэ улахан ситиhиилээхтик кѳстѳ турар”, “тас дойдулар атыылаhан, сѳбүлээн кѳрѳл” диэн ис хоhоонноох кылааспыт киношницалара: Виолетта, Надя, Сардаана ырыппыттарын иhиттэххэ, табыллыбыт хартыына эбит.
Күн-дьыл, сааскы муус халҕаhатыныы, ааhан истэ. Онтон, “Москва слезам не верит” киинэ “Оскар” бириэмийэҕэ тиксибитин туhунан сонун тилийэ кѳттѳ. Дьэ, бу ситиhии!
Биир киэhэ, чэйдии олорон, киинэ, артыыстар уонна “Оскар” туhунан кэпсэттибит. Эбэм бүлүүhэлээх чэйин подсолнух ойуулаах ыскаатардаах остуолга ууран баран: “Урут американскай киноакадемия бириэмийэтин наар боевик дуу, детектив дуу киинэлэр ылар этилэр. Хата, бу сырыыга, эйэлээх олоҕу кѳрдѳрѳр киинэҕэ бирииhи биэрбиттэр”, − диэтэ.
Аҕам, тугу эрэ санаан кэлбиттии, хаҥас илиитигэр тѳбѳтүн ѳйѳѳтѳ, онтон эттэ:
− Манчаары дуу, Күүстээх Уйбаан дуу тустарынан киинэ устар киhи, интэриэhинэй буолуох этэ, — чочумча тохтоон ылла, чааскытын күѳрэччи уунан ийэбэр биэрдэ. – Эбэтэр Лоруйуон туhунан.
− Лоруйуон диэн Ларион дуо? Ол кимий? – урут истэ илик аатым, онон сэҥээрэн ыйыттым.
Аҕам аа-дьуо, ыксаабакка, кэпсээн барда.
Ыаллыы оройуоммутугар Лоруйуон диэн киhи баар. Дьиҥэ, Ларионов диэн даҕаны, араспаанньатын кылгатан Лоруйуон диэн ааттыыллар. Уруhуй уонна үлэ уруогун учууталынан үлэлиир. Ураты тугунан да биллибэт, чорбойбот, үѳрэх дьылыгар үлэлиир, уоппускатыгар оттуур. Нэhилиэк атын олохтоохторуттан атына суох.
Дьэ, арай биирдэ, ол киhи олорор сэлиэнньэтин кытыытыгар бөртөлүөт кэлэн түспүт. Кѳтѳр аал мээнэ сыбыытаабат дойдута буолан, оҕо-аймах, чугастааҕы ыаллар кутуллан кэлбиттэр. Сонун буоллаҕа дии.
Арай, бөртөлүөт аана тэлэллибит да, биир саас ортолоох киhи түhэн кэлбит. Чугаhаан кэлбит дьонтон Ларионовы хайдах булуохха сѳбүн ыйыппыт.
“Бу турар!” − диэн үмүѳрүспүт дьон Лоруйуону ыйан кѳрдѳрбүттэр. Бөртөлүөттэн ѳссѳ икки киhи ыстаҥалаhан түhэн, үѳс-батааска биэрбэккэ, сис туттан дэдэллэн турбут Ларионовы кѳтѳр аалга дьѳгдьѳрүтэн киллэрбиттэр. Мотуорун умуруорбакка, салбахтара эргийэ турбут тэрил, сонно барылыы түhээт, буору-сыыhы ытыйан, кѳтѳн күлтэйэн тахсыбыт. Олохтоохтор соhуйан, айахтарын аппытынан, туран хаалбыттар.
Кэм-кэрдии ааhан испит. Лоруйуон биллибэтэх.
Араас таайа сатааhын буолбут, эҥин араас санаа этиллибит.
Онтон кэлин «Лоруйуонап үспүйүѳн үhү. Ону тутан барбыттар» диэн, соhумар сурах кистии-саба тарҕаммыт.
“Биhиги тутуллубут разведчикпытыгар атастаспыттар үhү” диэн атын сонун утаакы буолаат иhиллэр.
Дьэ, хайдах курдук сатабыллаахтык кубулунан сылдьыбытын, кѳннѳрү киhи дии санаабыттарын ыаhахтаспыттар. Туох садаанньалаах, киин сиргэ буолбакка, тыа сиригэр олорбутун таайа сатаабыттар. Туох диэн киhи уорбалыаҕын саҥарбытын, туттубутун-хаптыбытын саныы сатаабыттар. Туох да улахан дьиэги сатаан булбатахтар.
Аҕыйах ый ааспытын кэннэ, арай, Лоруйуоннара тиийэн кэлэр. Таҥаhа-саба мааныта, туттара-хаптара уларыйан хаалбыта, букатын атын киhи курдук эбит. Бэл, “Лоруйуоммутун уларыппыттар, атылыытын ыыппыттар» диэн кэпсэтэн иhэн, тохтообуттар. Доппельгангер (двойник, копия) буолбакка, Лоруйуон бэйэтинэн сылдьарын, баанньыкка хаҥас саннын лаппаакытыгар баар, кыhыл оҕо ытыhын саҕа кыhыл мэҥин кѳрѳн, итэҕэйбиттэр.
Оттон Лоруйуон бэйэтэ кэпсээбитинэн, маннык буолбут.
Бөртөлүөккэ киллэрэн, кѳппүттэр. Дьэ, ѳй ылан, тоҕо тутуллубутун ыйыппыт. Быhаарыах буолбуттар.
Дьокуускайга аҕалбыттар. Сарсыныгар Москубаҕа ыыппыттар. Онно судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр илдьэн, Эмиэрикэҕэ туох дьоннооҕун ыйыппыттар. “Суох”, − диэбит. “Онно аймаҕым суох”,− дии саныыр киhи оннук этиминэ.
Эҥин араас боппуруос биэрбиттэр. Тугу эмэ этимээри, кистээри гыннаҕына, туох эрэ прибору холбоон тѳбѳтүгэр даҕайаллар эбит. Оччоҕо, кистиир кыаҕа суох, барытын түѳрэ кэпсээн иhэр эбит.
Онтон эппиттэр: “Эн ааккар АХШ-тан сурук, посылка кэлэр. Ыытар киhи эйигин аймаҕым диир”.
Онно биллибитэ, абаҕата Бииктэр, эhэтин убайа, гражданскай сэрии саҕана үрүҥнэргэ сылдьан 1920-hис сылларга Эмиэрикэҕэ күрээбит эбит. Ол киhи уола суруйар эбит. Күүлэйдии кэлэригэр ыҥырыы ыыппыт.
Лоруйуону, дьэ, акыйаан уҥуор ыалдьыттыырыгар бэлэмнээн барбыттар. Этикеттэн саҕалаан, тугу саҥарыахтааҕын, туох туhунан балтайдыа суохтааҕын үѳрэппиттэр.
Кытаанах эрчийии буолбут. Бэл, ый иhигэр, аангылыйалыы быhыта-орута кэпсэтэр кыахтаммыт.
Эбиэттииригэр, умса нѳрүйбэккэ, чиккэччи туттан олорон аhыырга үѳрэппиттэр. Араас столовай прибордарынан хайдах туттары быhаарбыттар. “Биилкэ, ньуоска тыла” диэн баар эбит. Прибордаргын хайдах уурбуккуттан кѳрѳн, дьиэлээх хаhаайыттар биитэр остуолу бэрийэр дьон эбэтэр официаннар иhиккин хомуйан саҥа аhылыгы аҕалыахтарын, эбэтэр ыксаабакка, аа-дьуо, атын бүлүүдэни биэриэхтэрин сѳп эбит. Биилкэ, ньуоска хас балаhыанньата барыта туhунан кэпсиир тыл буолар үhү. Аhаан бүтэн, биилкэ быhах тутаахтарын уҥа дуу, хаҥас дуу хайыhыннаран уурарыҥ кытта туспа бэлиэ диэбиттэр. Махтаныыны, “син аҕай” диэн сыаналааhыны, астыммат буолууну, онтон да атын нюанстары аһыыр тэриллэринэн кѳрдѳрѳрү Лоруйуон начаас үѳрэппит.
Эмиэрикэ туhунан, оннооҕу олох укулаатын, култууратын уратытын кэпсээбиттэр.
Аймаҕын кытта сибээстэhэн, виза оҥорон баран, “бэлэм буолла” диэн, Лоруйуону акыйаан уҥуор ыыппыттар.
Арай, убайа, кѳрсѳѳт, бэйэтин чааhынай дьиэтигэр илдьибит. Коттеджа киэҥ, икки этээстээх эбит.
Лоруйуон сѳҕүѳн иhин, убайа сахалыы иҥнигэhэ суох саҥарар буолан биэрбит.
Абаҕата Бииктэр, биэлэйгэ сылдьыбытыттан сылтаан, Эмиэрикэни булан баран, бастаан утаа үтүѳх-батаах сылдьыбыт. Онтон Ирландияттан тѳрүттээх американканы кэргэн ылбыт, оҕоломмуттар.
Үлэ булан, туһунан дьиэлэнэн ньир-бааччы олорбуттар. Уолларыгар Ричард Кэрэл диэн аат биэрбиттэр. Киниэхэ: “Эн саха хааннааххын, Саха сиригэр, Россияҕа, аймахтарыҥ бааллар”, − диэн Бииктэр куруук кэпсиир эбит. Иккис аата, Кэрэл, сахалыы эбит.
Бииктэр уолун кытта сахалыы кэпсэтэрэ үhү. Сахатын сирин, аймахтарын туhунан кэпсиирин Ричард Кэрэл бэркэ кэрэхсээн истэн улааппыт. Кэлин радиоҕа, кылгас долгуҥҥа, Дьокуускай биэриилэрин хабан истэр буолбуттар.
Оҕонньор, ѳлѳѳрү сытан: “Аймахтаргын булаар, билсээр”, − диэн кэриэhин эппит. Ону толорон, Ричард Кэрэл кузенын кытары сибээhи олохтообут эбит…
Ити кэпсээн кэнниттэн, дьон Лоруйуоҥҥа сыhыана араас буолбута. “Хата, этэҥҥэ барыта ааспыт”, −диэн үгүстэр биир дойдулаахтарын туhугар үѳрэллэрэ.
Сорохтор: “Эчи, хаарыаны, кыраныысса таhыгар баай аймахтаммыт, абыраммыт”, − диэн ордугургуу, ымсыыра саныыллара.
Итинтэн ыла Лоруйуоҥҥа ѳтѳр буола-буола сурук, ардыгар,посылка кэлэр буолбута: ол-бу таҥас-сап, оҕолорго оонньуур, жвачка. Лоруйуон убайыгар чороон, кытыйа, ытык оҥорон ыыппыта…
− Билигин даҕаны билсэллэр дуу? – сэргээн истэн олорбут буолан, тута ыйыттым.
− Ким билиэй? Сибээстэhэллэр ини, − аҕам мунаарбыттыы хардарда.
Аҕам кэпсээнин бары бэркэ кэрэхсээн иhиттибит.
Киhи дьылҕата диэн уустук даҕаны! Гражданскай сэрии содулугар бырааттыылар тус-туhунан дойдулар олохтоохторо, араас тутуллаах судаарыстыбалар гражданнара буолбуттара киhини мунчаардар.
Максим Ксенофонтов