Алена Яковлева хатыламмат куоластаах ырыаһыт. Кини толорор ырыалара киһи аҕыйах тылынан эппэт ураты үчүгэйдэр. Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥнарга кинилиин сэһэргэһээри эрдэттэн бириэмэ болдьостум. Онон Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар бэлэмнэммитин кэнниттэн, кэнсиэргэ диэри бириэмэ булан кэпсэттибит.
— Алена, Саҥа дьыл бырааһынньыгын хайдах бэлиэтээтиҥ?
— Чугас дьоммун кытта 12 чааһы бэлиэтээн, Саҥа дьылы көрсөн баран, түүн бииртэн үлэлии барбытым. Циркэҕэ ахсынньы 22 күнүттэн саҕалаан, күн аайы “Призрак оперы” шоу-бырагыраама буола турар. Итини таһынан Саҥа дьыллааҕы уонна Ороһуоспа кэнсиэрдэрэ элбэхтэр. Хас биирдии күммүт барыта бириэмэнэн аттарыллан турар.
— Сайт ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
— Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Алтыс кылааска диэри 23-с оскуолаҕа үөрэммитим, салгыы 7-с оскуолаҕа көспүтүм. Онтон 9-с кылаас кэнниттэн М.Н.Жирков аатынан муусука училищетыгар киирэн, дирижер-хоровик салаатын бүтэрбитим. Салгыы Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар үөрэммитим.
Үс оҕолоохпут. Улахаммыт Максим речной училищеҕа үөрэнэр. Волейболунан, баскетболунан, ыарахан атлетиканан дьарыктанар. Аармыйаҕа барарга күүскэ бэлэмнэнэр. Улахан кыыспыт Настя Тулагы оскуолатыгар 7-с кылааска үөрэнэр. Медик эбэтэр учуутал буолар ыралаах. Хас өрөбүл аайы минньигэс ас астаан күндүлүүр. Соторутааҕыта эбээтэ бэрэски тиэстэтин охсорго, буһарарга үөрэппит. Бэртээхэй хаһаайка. Кырабыт Аннушка уһуйаан киһитэ, эһиил оскуолаҕа барар. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Араас гимнастическай хамсаныылары оҥорор. Дьиҥэр, гимнастикаҕа биэриэх баара да, таһар киһибит суох.
— Чааһынай оскуолалаах диэн истэрим.
— Үөрэҕим быыһыгар вокалга оскуола аһан үлэлэтэрим. Маҥнай, Саха судаарыстыбаннай университетын култуураҕа киинигэр, онтон “Дуэт” эрэстэрээҥҥэ үөрэппитим. Күнүһүн аппаратууралаах сааланы түүлэһэн, улахан дьону ыллыырга уһуйарым. Ити оскуолабар саамай кырачаан ырыаһытым 14 саастааҕа. Билигин номнуо улахан киһи. Саастаахтарбар 64-тээх дьахтар баара. Сүнньүнэн 40-чалаах ыллыан баҕалаах дьон кэлэллэрэ.
— Туохтан соһуччу эстрадаҕа көһөргө санаммыккыный?
— Уруок ыытар кэммэр ыллаан көрдөрөр буоллаҕым. Биллэн турар, хам-түм бырааһынньыктарга, урууларга, үбүлүөйдэргэ ыҥыран ыллатааччылар. Оттон профессионал быһыытынан дьарыктаммат, дьулуспат этим. Үөрэтэр дьонум сыыйа-баайа сценаҕа тахсыаххын наада эбит, дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан ыллаа диэн “ыган” барбыттара. Инньэ гынан, 2013 сыллаахха чааһынай оскуолабын сабан, сыанаҕа тахсарга санаммытым. Эстрада тыйаатырыгар бара сылдьыбытым да, миэстэ суох диэн ылбатахтара.
Оннук сылдьан, биир үтүө күн уулуссаҕа Татьяна Иннокентьевна, Юрий Ильич Шейкиннэри көрсө түспүтүм. Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар саҥа аһыллыбыт муусука педагогиката факультекка преподавателинэн ыҥырбыттарыгар сөбүлэспитим. “Голубой огонекка” уһуллуу кэмигэр Сахаайаны көрсүбүтүм. Сахаайа “Аршин малалан” испэктээххэ сүрүн оруолу толорорбор ыҥырбыта. Ол кэнниттэн тыйаатырга маҥнай дуогабарынан ылбыттара, кэлин бастайааннайга көспүтүм. Институппар эмиэ аҕыйах чаастаахпын.
— Икки сиринэн сылдьаргар бириэмэҕин хайдах аттараҕыный?
— Артыыс үлэтинэн эрэ олорор. Нууччалыы эттэххэ, “артист должен быть женат на своей работе”. Сорох биллэр-көстөр дьон дьиэ кэргэнэ, оҕото-уруута суох соҕотох сылдьаллар. Ити ордук дьахтар аймахха баара бэлиэтэнэр. Тоҕо диэтэххэ, олоҕун бүтүннүү кэриэтэ ырыаҕа, үлэтигэр аныахтаах. Тус олоҕун оҥосторугар бириэмэтэ тиийбэт да курдук. Мин ити өттүгэр табылынным диэххэ сөп, маҥнай кэргэн тахсыбытым, үс оҕоломмутум, ол эрэ кэнниттэн үрдүк чыпчаалга таластым. Өскөтүн үөрэнэ сылдьан, аҥаардас үлэни эрэ батыспытым буоллар, билигин, арааһа, чороҥ соҕотох сылдьыам этэ. Ол баҕас чахчы. Ол эрээри, бэйэ-бэйэбитин өйдөспөт буолан бииргэ олорбоппут. Кини соҕотох, мин эмиэ соҕотохпун. Тус олохпун оҥосторбор бириэмэ тиийбэт курдук.
— Алена, төрөппүттэриҥ биллэр ырыаһыттар. Билигин тугунан дьарыктаналларый?
— Ийэм Луиза Яковлевна отуттан тахса сыл Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар солиһынан үлэлээн баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Оҕуруот үүннэрэр, сиэннэрин бэрийэр. Быһатын, эбээ оруолун толорор. Сиэннэрин үөрэттэрэн, көрөн-истэн улаханнык абыраата. Аҕам Сергей Петрович билигин даҕаны ыҥырыыга сылдьар ырыаһыт. Онтон улаханнык үөрэбин. Баянын туппутунан улуустарынан гастролларга барар. Хам-түм иккиэн дуэттыыллар.
— Артыыстар гастролларга үгүстүк сылдьар буолуохтааххыт. Биир эмэ күлүүлээх, өйдөнөн хаалбыт түгэни үллэстиэҥ буолаарай?
— Кырдьык, тыйаатырга үлэлии киириэхпиттэн үгүстүк гастроллуур буоллум. Биир түгэн ордук өйдөнөн хаалбыт. Артыыс аатын биллэр бирчиинэнэн ыйбаппын. Арай биирдэ, хоту улууска тиийдибит. Сахалыы букатын билбэттэр эбит. Ырыаһыт сыанаҕа тахсан ырыатын билиһиннэрэр: “А сейчас я хочу исполнить вам песню. Эту песню положили в книгу нотами”, — диэн нууччалаата. Бу ырыабар нуота суруллан кинигэҕэ киирбитэ диэн этээри туруору тылбаастаан кэбистэҕэ дии. Ону истэн биһиги сыана кэтэҕэр букатын “быара суох” олоробут. Тус бэйэбэр оннук улахан туох даҕаны өйдөнөн хаалар түгэн суох быһыылаах. Гастроллар өрүү үөрүү-көтүү, күлүү-салыы аргыстаах ааһаллар.
— Саамай өйдөнөн хаалбыт Саҥа дьылыҥ ханныгый?
— Кэлин Саҥа дьыл бырааһынньыга өрүү биирдик ааһар. Дьоммун кытта олоро түһээт, үлэлии ыстанабын. Кыра эрдэхпинэ манна тыйаатырга үлэһиттэр оҕолоругар бырааһынньык (утренник) тэрийэллэрэ. Мин тоҕо эрэ өрүү саһыл маскараатын кэтэр эбиппин.
— Инники былааннаргын үллэстиэҥ буолаарай.
— Айар киэһэбин тэрийэр, клип устар, альбом таһаарар санаалаахпын. Альбоммар кыралаан сахалыы ырыалары мунньабын. Христофор Горохов тылларыгар, аҕам Сергей Попов суруйбут “Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиэм” диэн ырыанан сахалыы репертуарым саҕаламмыта, “Саҥа ырыа” күрэххэ ыллаабытым. Онтон миигин ырыаһыт быһыытынан саха эстрадатыгар кынаттаабыт ырыанан Екатерина Новикова тылларыгар, Галина Шахурдина матыыбыгар “Эйигинэн дьоллоохпун” ырыа буолар. Тустаах ырыанан “Этигэн хомуска” кыттан кыайбытым. Араадьыйаҕа биэрбитим истээччилэр ырыабын сөбүлээннэр, биир үтүө сарсыарда, дьоҥҥо-сээргэҕэ биллэр буолан хаалбытым.
Эһиил, 2019 сылга преподаватель быһыытынан дьарыктаммытым 20 сылын туолар. Айар киэһэбин ити бэлиэ даатаны кытта ситимниэхпин баҕарабын. Олус тиэтэттэхтэринэ, быйыл тугу эмэ толкуйдуом. Былырыыҥҥыттан ыла кыралаан “Кэм видео” клипка анаан каадырдары устан саҕалаата.
— «Эдэр саас» сайт ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ…
— Үүммүт сылынан барыларын эҕэрдэлиибин. Хайаан даҕаны баҕа санааланыҥ уонна туохтан даҕаны толлубакка онно дьулуһуҥ. Киһи сыала-соруга, ыра санаата суох олох олорбот. Мин сыанаҕа ыллыы тахсарым, тыйаатырга үлэлии киирэрим, бэйэ-бэйэбитин куруук өйүүр, өйөһөр кэлиэгэлэрдээҕим туһунан хас сыл ыра санаа оҥостубутум буолуой?! Ырыа — мин хоббим. Ол хоббим сүрүн үлэм буолар. Сөбүлүүр үлэнэн дьарыктаныы – улахан дьол. Тыйаатырга үлэлии киириэхпиттэн, дьэ, оннубун булбут курдук сананабын. Ыра санаам 30 сааспын ааспытым да кэннэ туолла. Онон хайаан даҕаны баҕа санааланыҥ, ону ситиһэр туһугар иннигит диэки дьулуһуҥ!
— Алена, кэпсээниҥ иһин махтал! Айар киэһэҕин кэтэһэбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: Алена Яковлева Инстаграмҥа страницатыттан.