Алена Атласова: «Билигин ханнык баҕарар өйөбүл улахан суолталаах»
Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүллэри оҥоруу миэрэлэрин туһунан ыам ыйын 11 күнүгэр оҥорбут иһитиннэриитигэр санаатын үллэһиннэ.
Бу туһунан Yakutia-Daily.ru сурулунна.
—Бэҕэһээ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитигэр оҕолоох ыаллары өйөөһүн саҥа миэрэлэрин туһунан иһитиннэрдэ. Бу судаарыстыба приоритета буоларын бэлиэтээтэ. Судаарыстыба өйөбүлэ кыра оҕолорго уонна оскуола үөрэнээччилэригэр көмө буоларын бэлиэтээн эттэ.
Үһүгэр диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн, биэстии тыһыынча солкуобайдаах эбии төлөбүрү муус устартан бэс ыйыгар диэри ылаллар. Бу иннинэ, ийэ хапытаалын ылар бырааптаах буолуохтаахтар диэн усулуобуйалааҕа.
Ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ, үһүттэн-сэттэтигэр диэри саастаах оҕолоохторго, бэс ыйыттан эбии төлөбүрдэр оҥоһуллуохтара. Итини сэргэ, үстүү тыһыынча солкуобай быстах кэмҥэ үлэлэрин сүтэрбит төрөппүттэргэ бэриллиэҕэ.
Судаарыстыба өйөбүлүгэр оҕолордоох элбэх дьиэ кэргэн наадыйарынан, бэрэсидьиэн оҕону көрөн олорор босуобуйа алын кээмэйин икки төгүл улаатыннарарга эттэ. Өскөтүн 3375 солкуобай эбит буоллаҕына, билигин бу суума 6751 солкуобай буолар. Бу үлэлээбэт эдэр төрөппүттэргэ, эдэр ийэлэргэ, ону сэргэ, устудьуон-төрөппүттэргэ өйөбүл быһыытынан буолар.
Дохуоттан уонна төрөппүт хас да сиргэ үлэлиириттэн тутулуктаммакка, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолоох ыалга өйөбүл баар буолла. 16 сааһын туола илик оҕоҕо 10-нуу тыһыынча солкуобай төлөнүө. Маныаха, төрөппүттэн ханнык да ыспыраапка ирдэммэт, сайабылыанньа эрэ суруйара наада.
Биһиги бары өйдүүбүт, дьон дохуота кыччаата, иэстэрэ улаатта. Оттон пандемия кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүн саҥа миэрэлэрэ хаһааҥҥытааҕар да суолталаналлар. Билигин хайдах баҕарар өйөбүл суолталаах.
Маны сэргэ, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэт аатыттан, 10-нуу тыһыынча солкуобай суумалаах биир кэмнээх өйөбүл ылааччылары, 16-17 саастаах оҕолору киллэрэн туран, ахсааннарын эбэн биэрэргэ, СӨ саппаас пуондатын суотуттан көмөнү оҥорорго Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар этии киллэрилиннэ.