Алексей Васильев: «Мин доҕорум — Суорун Омоллоон»

22.03.2021
Бөлөххө киир:

«Алексей Васильев туох киһиний?» диэн кинини билэр дьонтон ыйыттахха, харда биэрээччи балай да мунааран баран хоруйдуура буолуо. Биллэр ааттаах блогер? Эбэтэр төттөрүтүн — “интернет тролль”? Ситиһиилээх урбаанньыт? Эбэтэр — ас тиэйэр үлэһит? Эбэтэр олох даҕаны — мусуой үлэһитэ? Алексей кырдьык элбэх дьарыктаах, толкуйдарын интиэриниэккэ аһаҕастык этэр киһи. «Басылаев» диэн псевдонимынан Саха сиригэр интэриниэт саҥардыы сайдан эрэр кэмигэр киэҥник биллэ сылдьыбыта. Ис дьиҥэр, туох киһи буоларын бэйэтин кытта көрсөн ыйыталастым.

«МУСУОЙ ҮЛЭҺИТЭ УТУКТУУ ОЛОРОР ЭМЭЭХСИН БУОЛБАТАХ»

Үөрэхпинэн мусуой үлэһитэбин. Бу идэҕэ эһээм Суорун Омоллоон сүбэтинэн киирбитим. Кини бэйэтэ өр сылларга мусуой үлэтинэн дьарыктаммыт буолан, бу дьыалаҕа анал үөрэх туһалааҕын өйдүүрэ, онон миигин олус холкутук хайдах курдук туһалаах үөрэх буоларын туһунан этэн ылыннарбыта. Бу үөрэххэ киирбиппин хаһан даҕаны кэмсиммэтэҕим, онно ылбыт би­­лиим күн бүгүҥҥэ диэри туһалыыр. Биһигини сороҕор Эрмитажка олордон эрэ үөрэтэр этилэр. Виктор Файбисович диэн учууталым онно туспа кэбиниэттээх этэ. Уонна Пушкин, Державин, ыраахтааҕылар, декабристар хаама сылдьыбыт сирдэригэр, туттубут малларын ортотугар, кинилэр тустарынан истэрбит.

Мусуой үлэһитин туһунан дьоҥҥо сыыһа өйдөбүл баар — били сааланы маныыр олоп­поско утуктуу олорор эмээхситтэри “мусуой үлэһитэ” диэн ааттыыллар. Мусуойу буоллаҕына, араас дьикти мунньуллубут ыскылаатын курдук саныыллар. Дьиҥэр, му­­суой үлэтэ улахан билиини эрэ­йэр, киһи хараҕын далыттан ыраах ыытыллар үлэ. Түмүгэ, ханнык да хаһыакка, тэлэбиисэргэ тэҥнэспэт күүстээх, дириҥник мэйиигэ дьа­йар итэҕэтии үлэтэ. Ханнык баҕарар экспозиция дириҥ ис хо­­һоонноох, уустук таҥыылаах, өйгө көнөтүк дьайар үнүстүрүмүөн. Оҕо мусуойга сылдьан көрбүтэ өйүгэр-санаатыгар дириҥ сабыдыаллаах буолар.

МИН ДОҔОРУМ СУОРУН ОМОЛЛООН

Үөрэхпиттэн кэлэн баран эһээбинээн бииргэ үлэлээбиппит. Кинини мин кырдьаҕас оҕонньор дуу, улуу суруйааччы дуу курдук буолбакка, чугас доҕорум курдук ылынарым. Мындыр өйдөөх, дириҥ толкуйдаах бииргэ үлэлиир киһим этэ. Кинини кытта маҥнайгы оҥорбут бырайыакпыт — Иван Попов 120 сааһын бэ­­лиэтии, элбэх хаартыскалаах, альбом быһыылаах кинигэ буолбута. Матырыйаалы көрдөөһүн, кинигэни таҥыы сыралаах эрээри, олус умсугутуулаах үлэ этэ. Ол кэнниттэн мин үс сыл Суотту мусуойугар үлэлээбитим, Хадаайыга Ытык Күөл мусуойун тэрийсиигэ кыттыбытым. Эһээм төһө даҕаны кырдьаҕас киһи буоллар, олус сыыдам сырыылаах, биир сиргэ хам олорбот киһи этэ. Олоҕун тухары үлэ үгэнигэр сылдыбыт киһи буоллаҕа. Ол иһин кыра эрдэхпинэ элбэхтик алтыспыппын өйдөөбөппүн, үлэһит киһи эрэ буолан баран чугастык бодоруспутум. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, фотоаппараат бэлэхтээбитин өйдүүбүн — сиэннэриттэн миэхэ эрэ бэлэх биэрбитэ быһыылаах. Бэйэтэ эдэр эрдэҕиттэн фотограф үтүөтэ этэ, онон эмиэ туһалаах буолуо диэн бэлэхтээтэҕэ. Мусуой үлэтигэр, кинигэ таҥыытыгар куруутун бэйэтэ хаартыскаҕа түһэрэр этэ.

СУРУЙААЧЧЫ БУОЛБАТАХПЫН ЭРЭЭРИ…

“Аймахтарыҥ бары худуоһунньуктар, суруйааччылар, оттон эн тугу да удьуордаабатыҥ дуо?” Кыра да сылдьан, улаатан да баран хоһоон айбатаҕым. Манна Лев Толстойу кытта биир санаалаахпын “Хоһоону айыы – суханы анньан иһэн үҥкүүлээбит кэриэтэ”. Ол да буоллар, хоһоону ааҕарбын сөбүлүүбүн, Пастернак, Евтушенко — таптыыр бэйиэттэрим. Таайым Айсен Дойду хоһооннорун астына ааҕар этим. Оттон суруйуу өттүгэр, төһө даҕаны кинигэ бэчээттэтэн таһаарбатаҕым иһин, мин суруйууларбын элбэх киһи билэрэ буолуо. Элбэх сыл устата тус санаабын, толкуйдарбын социальнай ситимнэргэ суруйабын. Сорохтор өйүүллэр, сорохтор сөбүлэспэттэр, сорохтор күлбүтэ буолаллар. Ол эрэн, биир да киһи “чуҥкуктук суруйаҕын” дии илик. Онон, миигин “сетевой суру­­йааччынан” ааттыаххын сөп.

ААН ДОЙДУ САРСЫҤҤЫ КҮНЭ — ЭЛЕКТРОННАЙ ЭРГИЭН

Билиҥҥи үлэм эмиэ интэриниэт нөҥүө тэриллибитэ. “Простая еда” диэн бырайыагым соруга — дьоҥҥо күннээҕи астарын-үөллэрин дьиэлэригэр аҕалан биэрии. Билигин электроннай эргиэн аан дойду үрдүнэн саҥа сайдан эрэр көстүү. Ebay, Amazon, AliExpress билигин миллиардынан дуолларынан эргинэр тэрилтэлэр эрээри, кэнэҕэски сайдыылара билиҥҥи таһымтан быдан үрдүк буолуоҕа, ити саарбаҕа суох. Оттон биһиги дойдубутугар электроннай эр­гиэн маҥнайгы эрэ хардыыларын оҥорон эрэр. Онон мин дьарыгым — саҥа сайдан эрэр, улахан кэскиллээх сүүрээн. Дьиҥэр, бас­таан бэлэм ас атыытыттан саҕа­лаабытым. “Одун Фуд” диэн ааттаах бырайыагым, пицца, суши оннугар сахалыы аһы — эт, собо, лэппиэскэ, кыһыллыбыт балык курдук сахалыы минньигэс аһы дьиэҕэ аҕалыы этэ. Улахан сыралаах үлэ этэ, дьон олус күүппүт өҥөтө буоларын сүүһүнэн үтүктээччилэр үөскээбиттэрэ көрдөрбүтэ. Онно саҥа эр­гиэнинэн дьарыктанан эрэр этим, араас сыыһалар бааллар этэ (холобур, олус чэпчэки сыананы быһан, тэрилтэм сайдыытыгар үгүөрү үп-харчы тахсыбатаҕа), кү­­рэстэһээччилэрим баһыйбыттара. Ол эрэн, ити быра­йыакпын “эстии” курдук санаабаппын, хата үөрэх курдук ылынабын.

ДЬИЭ АТТЫНААҔЫ МАҔАҺЫЫННАР КЭМНЭРЭ ААСТА

Дьиэ таһыгар баар чугастааҕы маҕаһыыннар сыаналара ыарахан, табаардара аҕыйах, хаа­чыстыбалара мөлтөх. Оттон кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга айан бириэмэ бөҕөтүн сиир. Онон биһигиттэн атыылаһар быдан барыстаах, үөрэниэххэ эрэ кэрэх. Күннээҕи сиир аскытын, эти, куруппаны, оҕуруот аһын дьиэҕитигэр аҕалан биэрэбит, аҕалар табаарбыт хаачыстыбатын мэктиэлиибит, куһаҕан дуо? Элбэх киһи бу өҥөбүтүн сыаналаата, күн аайы туһанар дьон ахсаана элбээн иһэр. Күннээҕи атыым кээмэйин биир холобурунан этиим — күҥҥэ биир туонна кэриэтэ аҥаардас хор­туосканы батарабын. Били этэн аһарбыт “Одун Фудтан” хаалбыт инстаграм сурутааччыларым (15 тыһыынча кэриҥэ киһи) истэриттэн хаалбыт атыылаһааччыларым билигин даҕаны сакаастаһа олороллор.

Сыл саҥата бу өҥөнү оҥорор бөдөҥ тэрилтэ кэлбитэ — “Сбермаркет”, рекламатын көрбүтүҥ буолуо. “Улахан тэрилтэ кэллэ, эн тэрилтэҕин үрэ­йиэ!” диэтэхтэринэ, күлэбин эрэ — кинилэр кэлбиттэригэр таҥараҕа күн аайы махтанабын! Саҥа атыы сүрүн моһуога — дьон санаатын уларытыы, саҥаҕа үөрэтии. Ол үлэбин “Сбермаркет” мөлүйүөнүнэн суумалаах реклама хампаанньата мин оннубар оҥорон биэрэр буоллаҕа! Оттон күрэстэһииттэн куттаммаппын — бөдөҥ тэрилтэ туттуута син биир бытаан соҕус, хаачыстыба хонтуруола уустук. Мин буоллаҕына, атыылыыр табаарбын тус бэйэм тутан-хабан көрөбүн, тиэйэр дьоммун барыларын сирэй көрөн билэбин уонна бэйэм тиэйиинэн дьа­рыктанабын.

Онон сайдыы үрдэ өссө көстө илик. Дьокуускайы толордохпуна, атын куораттар диэки көрүөм — барыта саҥардыы саҕаланан эрэр диибин ээ, барыта сабыс-саҥа!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска Алексей Васильев социальнай ситимнэриттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0