Алексей Семенов: Дьокуускайга сыллата 2 тыһыынча оҕо үөрэнэ киирэр

Ааптар: 
20.03.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка сыллата үөрэнээччи ахсаана ортотунан 2 тыһыынчанан эбиллэр. Маныаха саҥа миэстэни таһаарыы, оскуолалары тутуу, сахалыы үөрэх туһунан куорат үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Алексей Семеновы кытта кэпсэттибит.

 50 625 оҕо үөрэнэр

– Кэлиҥҥи үс сыл тухары ортотунан иккилии тыһыынчанан үөрэнээччи ахсаана эбиллэн иһэр. Өскөтүн былырыын 48,5 тыһ. оҕо үөрэнэр эбит буоллаҕына, күн бүгүн чааһынай оскуолалары, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс аллараа сүһүөх оскуолатын ааҕан туран, куоракка 50 625 оҕо үөрэнэр. Оҕо да элбэх төрүүр, улуустартан, өрөспүүбүлүкэ таһыттан даҕаны кэлии элбэх.

Маҥнайгы кылааска кэлэр үөрэх дьылыгар куоракка баар уһуйааннартан 5 441 оҕо киирэрэ былааннанар. Итинтэн 287 оҕо чааһынай уһуйааннартан. Ис, тас миграцияны кытта холбоон 5 900 оҕо бастакы кылааска киириэ диэн суоттанабыт.

– Кэлиилэр диэбиккэ дылы, Украинаттан кэлээччилэр бааллар дуу?

– Кангаласс билигин үлэлии турар оскуолатыгар быстах кэмҥэ түһэрэр сири бэлэмнии сылдьаллар. Чугастааҕы кэмҥэ оскуола саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх. Билиҥҥитэ туох даҕаны сыыппара суох, баҕар, кэлиэхтэрэ диэн бэлэмнэнии үлэтэ эрэ барар.

Иккис симиэнэ эбэтэр…

– Аҕыйах сыллааҕыта иккис симиэнэни суох оҥорууга бырагыраама баара. Ол ха­­йаста?

– Ол бырагырааманан билигин тутуу күүскэ барарын бэ­­йэҕит даҕаны көрө сылдьар буолуох­тааххыт. 31-с оскуолаҕа сал­­ҕааһын тутуллубута, Бүлүүлүүр тракка БГУЭП дьиэтигэр саха политиэхиньиичэскэй лиссиэй инженернэй оскуоланы арыйбыта (5-
11-с кылаастар), Толстой уулуссатыгар 5-с оскуола эбии дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ, Кангаласска 240/100 миэстэлээх ос­­куола-уһуйаан, сыл бүтүүтэ “Прометей” түөлбэҕэ 990 миэстэлээх саҥа оскуола киириэхтээх. Ону таһынан, 5-с, 12-с уонна Хатас оскуолатыгар салҕааһыны тутан саҕалаатылар. Бырагырааманан кэлэр сылларга 29-с, 26-с, 17-с оскуолаларын салгыырга быра­йыактыыр-симиэтэлиир доку­муоннара оҥоһуллаллар. 2026 сылга диэри эбии 17 тыһ. миэстэни таһаарыахтаахпыт.

– Билигин үһүс симиэнэ баар дуо?

– Үһүс симиэнэ суох, биһиги оскуолаларбыт Кангаласс оскуолатыттан ураты бары иккис си­­миэнэлээх үлэлииллэр.

– Үнүр СӨ Бырабыы­талыстыбатын отчуотугар 700-тэн тахса оҕоҕо суоттаммыт 10-с оскуолаҕа 1700 оҕо үөрэнэр диэтилэр.

– Оскуолабыт үксэ оннук. Билигин үлэлии турар оскуолалар тутуллубут бырайыактарынан
25 тыһ. тахса миэстэҕэ  суоттаммыттар. Оттон оҕобут ахсаана – 50,5 тыһ. Ол аата 2,1 төгүл элбэх оҕо үөрэнэ сылдьар.

Оҕо дыбарыаһын аллараа сүһүөх кылаастарын аахпатахха, 52 оскуола баар, бары иккилии симиэнэлээхтэр. Өссө итиччэ оскуола тутулуннаҕына эрэ иккис симиэнэттэн босхолонуохпутун сөп. Мин санаабар, икки симиэнэлээх үлэлии олорорбут, биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар дьиэлэр көдьүүстээхтик туһаныллалларыгар, билиҥҥи курдук экэниэмикэ усулуобуйатыгар ордук көдьүүстээх диэн көрөбүн. Ититиигэ, ууга-хаарга уустук түгэннэр үөскүөхтэрин сөп. Болҕомто ордук биир кылааска бииргэ үөрэнэр оҕо ахсаанын аччатааһыҥҥа ууруллуон наада.

Тутуу, саҥа миэстэ

– Бүтэһик биэс сылга хас оскуола тутулунна?

– Саҥа тутуллубут оскуола диэн этэр буоллахха, бүтэһик кэмҥэ 203-с түөлбэҕэ Глобальнай үөрэх киинэ киирбитэ. Итиэннэ куорат сиригэр Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола тутуллубута эрээри, үксэ улуустартан оҕолор кии­рэллэр. Уонна бу сылга “Прометей” түөлбэҕэ киирэр саҥа оскуола буолар. “Айыы кыһатын” үөрэнээччилэрэ Оҕо дыбарыаһыгар үөрэнэ сырыттахтара, баар оскуола этэ, көһөн эрэ биэрдэхтэрэ дии, ол гынан баран оҕотун ахсаана быдан элбээн турар.

– Кангаласска супер кампус тутулуннаҕына, орто үөрэх тэрилтэлэрин оскуола гыныахтара диэн кэпсэтии баара.

– Ити курдук санааны Үөрэх министиэристибэтэ эппитэ. Бу эбийиэктэр өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бааллар. Онон СӨ Билимин уонна үөрэҕин ми­­нистиэристибэтэ хайдах быһаарарынан. Куоракка Саха-корейскай оскуола оҕону үөрэтэргэ сөп тү­­бэспэт дьиэҕэ, физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй уһуйаан дьиэтигэр үлэлии-хамсыы олороллор. Ити курдук аныгы ирдэбилгэ сөп түбэспэт дьиэ элбэх. Орто үөрэх тэрилтэлэрин дьиэтин куорат оскуолаларыгар биэрдэллэр, боппуруос быһаарыллыа этэ.

Ону таһынан, Дьокуус­кайдааҕы педагогическай кэл­лиэс оҕолоро быйыл алын кы­­лааһы бүтэрэллэр. Уонна 36-с нүө­мэрдээх алын оскуола оҕолорун 5-с кылааска ханна киллэрэбит диэн боппуруос турар. Кооперативнай тиэхиньикум ­дьиэтэ 1-кы нүө­мэрдээх оскуолатааҕар улахан. Онон чугас олорооччулары эбии хабарга суоттанабыт.

– Сатал диэки сахалыы тыыннаах оскуола тутуллуо диэн Айсен Николаев эппитэ.

– Бырайыак быһыытынан Саталга уонна Жатайга былааҥҥа баар эрээри, кыралар. Биир оҕоҕо төһө кыбадыраат көрүллүөхтээҕэ биллэр, онтон аттаран суоттаныллар. Аныгы үйэҕэ аҥаардастыы сахалыы оскуоланы аһар уустук буолуо. Биллэн турар, төрөппүттэн эрэ тутулуктаах. Холобур, Хатас нэһилиэнньэтэ саха буолан, төрөппүттэр оҕолорун сахалыы үөрэттэрэр баҕалаахтар. Тулагы оскуолата уонна уһуйаана сахалыы, нууччалыы үөрэтэр бөлөхтөөх, кылаастаах.

Оскуолаҕа –  сахалыы эйгэ

– “Прометей” түөлбэ ос­­куолатыгар аҕыйах сахалыы кылааһы арыйар былааннаахтар үһү диэн иһиллибитэ.

– Хайдах даҕаны инникини өтө көрөн этэр кыаллыбат. Төһө төрөппүт саха тылын оҕотугар таларыттан уонна ону са­­йабылыанньаҕа ыйарыттан тутулуктаах. Билигин куорат сахалара үгүстэрэ нууччалыы саҥараллар. Үөрэнээччи 30 бырыһыана саха тылын үөрэтэр эрээри, билиҥҥи туругунан көрдөххө, балаһыанньа оскуолаттан эрэ тутулуга суох. Төрөппүт үлэтиттэн орпот, оҕо интэриниэттэн, ютубтан быыс булбат. Оннооҕор 90-с сылларга “мин сахабын” диэн санаа­лаах ыал буолбут уолаттар оҕолоро нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. “Хайдах манныкка тиийдигит?” диэн ыйыттахха, кыайан хоруйдуур кыахтара суох. Дьиэлэрин иһигэр бэйэлэрэ сахалыы кэпсэтэллэр эрээри, оҕо сахалыы алтыһыыта аҕы­йаҕыттан нууччалыы баран хаалар. Ити улахан кыһалҕа.

Уһуйаан кэнниттэн оҕолор бары тутуспутунан ыйыллыбыт оскуолаҕа киирэллэр диэн этэр уустук. Бастакытынан, олорор сирдэринэн хапсыбаттар, иккиһинэн, төрөппүт бэйэтэ бы­­һаарар. Куорат 2-с нүө­мэрдээх ос­­куолатыгар үлэлиирим тухары үс сахалыы, икки нууччалыы кылаас аһыллара. Бүтэһик сылларга кэпсэтии, өйдөтүү үлэтэ барбата буоллар, үһүс сахалыы кы­­лаас нууччалыыга кубулуйар кыах­тааҕа. Билигин төрөппүттэр саха оскуолаларыгар, гимназияларга киллэрбит эрэ киһи диэн киллэрэллэрэ баар чахчы, оҕолоро сахалыы кэпсэппэттэр диэн үгүстүк бэлиэтииллэр.

Дьаҥ иннинээҕи сыл Олоҥхо тыйаатырын, Таатта улууһун үөрэҕин управлениетын кытта сөбүлэҥ түһэрсибиппит, хардарыта үлэ баран испитэ. Оҕолор олоҥхоҕо уһуйуллан, күүстээх, эр санааламмыттара. Онтон сиэттэрэн Туймаада ыһыаҕар үөрэх управлениета оҕолорго, эдэр төрөппүттэргэ туспа түһүлгэ тэрийиэхтээх эбит диэн быһаарбыппыт. Оннооҕор дириэктэрдэргэ, оскуолаларга эбээһинэстэрин кытта үллэрбиппит. Быйыл ыһыах ыһыллыа дииллэр, онон былааннаабыппытын олоххо киллэрэр санаалаахпыт. Кэлин элбэх киһи сахалыы ааты ылынна, оҕолорун сахалыы үөрэтиэхтэрин баҕаралларын этэллэр. Аҥаардас баҕа санаа итэҕэс, хамсаныы ирдэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэ үөскүүрүн ситиһэргэ дьулуһуохтаахпыт, өйдөтүү үлэтин ыытыахтаахпыт. Өскөтүн норуот бүттүүн үлэлээбэтэҕинэ, биир “Саха” НКИХ дуу, кинигэ кыһата дуу кыайар кыаҕа суох.

Ялта үөрэҕин департаменын кытта илии баттаһан, оскуола оҕолорун медиа-ситимнэрин са­­йыннарыы үлэтэ барар. Кинилэргэ күүстээх мэтэдиистээхтэр, медиа­-үөрэххэ бэлэм ха­­йысхалаахтар. Биһиги Дьокуускай куоракка эмиэ бэйэбит киинэ, медиа, үөрэх хайысхатын оҥордубут, бу хам­­сааһын сахалыы уонна Саха сиригэр олорор атын омуктар тылларынан сайдарын сити­һиэхтээхпит. Оскуолалар медиа- устуудьуйалара хайдах үлэ­лиэхтээхтэрин, хайысхаларын, тэрээһиннэригэр тиийэ былааннаатыбыт. Тэрээһиннэри крымнары кытта тэҥҥэ ыытан, үлэ саҕаланна.

Крымҥа бэлиэтии көрбүтүм диэн, атыылаһааччы маҕаһыыҥҥа киирэн татардыы, украинскайдыы, нууччалыы ыйыттаҕына, атыыһыттар ханнык баҕарар тылынан судургутук хоруйдуур кыахтаахтар. Дьокуускайга судаарыстыбаннай тэрилтэттэн ураты сахалыы тылынан суруллубут ааты (вывеска) да булар уустук буолуо.

Уһуйааҥҥа –  сахалыы эйгэ

– Уһуйааннарга сахалыы, нууччалыы уонна икки тыл­лаах (экспериментальнай) диэн үс бөлөҕү тэрийэр кыаллыан сөп дуо?

– Сахалыы эйгэ сайдарыгар эбии үөрэхтээһин күүһүн сөпкө туһанарбыт ирдэнэр. Уонна уруок таһынан ыытыллар тэрээһиннэр сахалыы тылынан эбэтэр саха тылын сайыннарыыга ананыахтарын наада.

Билигин оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэригэр, оскуолаларга салайар сэбиэттэр, төрөппүт кэмитиэттэрэ бааллар. Балар улахан оруоллаахтар. Ол аата төрөппүттэр үөрэх бырагырааматыгар кыттыһан уларытыыны киллэриэхтэрин сөп. Сокуонунан хааччах баарын көрбөппүн.

Хас биирдии саха ыала эдэр ыччатын, кэнэҕэски көлүөнэтин сахалыы тылга уһуйуута – бу ытык иэһэ буоларын умну­муоҕуҥ. Дагестаҥҥа 40-ча тыл, ол иһигэр 14 судаарыстыбаннай тыл баара биллэр. Маны барытын ыал, аймах тутан сайыннарар, төрөөбүт тылларын оҕолоругар, сиэннэригэр тиэрдэр.

Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0