Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ ытык Сайсары күөл биир көстүүлээх биэрэгэр тутулла турар.
Киин 1500 миэстэлээх саалалардаах: 700 — филармония, 450 — Саха тыйаатыра уонна 350 — Олоҥхо тыйаатыра.
Биллэн турар, Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинин култуура үлэһиттэрэ эрэнэ кэтэһэллэр. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Алексей Павлов санаатын бу курдук үллэстэр:
— Арктика култууратын киинэ хайаан да баар буолуохтаах. 2004 сылтан ускуустуба тэрилтэлэригэр дьиэ тутуллубакка турар. Дьэ, баҕабыт хоту бу баараҕай тутуу саҕаланна. Кэнэҕэс Эпос уонна ускуустуба Арктическай киинэ Саха сирин брендэ буолуоҕа. Санаан көрүҥ, саха тыйаатыра, Олоҥхо тыйаатыра, норуот уус уран оҥоһугун быыстапкалыыр киин – туристарга хайдахтаах курдук култуурабытын биирдэ арыйан биэрэр суолталааҕый! Манна араас таһымнаах араас омук дьонун түмэр култуура пуорумнара, научнай кэмпириэнсийэлэр ыытыллыахтара. Ол тэрээһиннэр чэрчилэринэн Саха сирин аатырдыбыт испэктээкиллэри көрүөхтэрэ. Улуустартан киирбит норуот маастардарын үлэлэрин быыстапката холбуу тэҥҥэ ыытыллыаҕа. Онон олус туһалаах духуобунас киинэ тутуллан эрэриттэн үөрүөх эрэ тустаахпыт.
Мин айар үлэбинэн үгүс куораттарга сылдьабын. Онно бырааттыы омуктарбыт киһи сөҕө көрөр баараҕай тутуулардаахтар. Холобура, Татарстаҥҥа Куукула тыйаатыра диэн баар. Омос иһиттэххэ, куукулаҕа эмиэ туох тыйаатырай диэх курдук. Оттон бу тутуу олох остуоруйа дыбарыаһын курдук. Бурятияҕа Н.А. Бестужев аатынан Нуучча судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыра киһи сөҕө көрө кыраһыабай тутуута – куорат олохтоохторо эрэ буолбакка, ыалдьыттар эмиэ саамай сөбүлээн сынньанар сирдэрэ. Киһи хараҕа халтарыйар тутуута. Биһиги, сахалар, култуурабыт ис хоһооно муҥутуурдук сайынна эрээри, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазабыт онно олох эппиэттээбэт. Тыйаатырдарбыт эргэрдилэр, айар дьон үлэлиир усулуобуйабыт олох мөлтөх. Онон бу Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ тутуллуута – кэм ирдэбилэ. Ыаллыы өрөспүүбүкэлэртэн биһиги туох атыннаахпытый? Тоҕо бу киин курдук ыччаппытыгар хаалларар нэһилиэстибэбит суох буолуохтааҕый?
Мин санаабар, киин тутулла турар сирэ эмиэ олус дириҥ ситимнээх, силистээх. Сайсары күөлэ саха дьоно былыр былыргыттан түөлбэлээн олохсуйбут сирдэрэ. Саханы саха дэппит улуу Эбэ аттыгар туспа ситимнээх саха норуотун муҥутуур ситиһиитин туоһулуур киин тутуллан эрэриттэн биһиги киэн туттуох уонна үөрүөх тустаахпыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru