Алексей Копылов норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга көмүс мэтээли кыайда
Екатеринбург куоракка ыытылла турар норуоттар икки ардыларынааҕы университет успуордун бэстибээлэ атырдьах ыйын 31 күнүгэр түмүктэниэҕэ. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара көҥүл тустууга ситиһиилэммиттэр.
Ол курдук, 57 киилэҕэ Алексей Копылов көмүс мэтээли кыайда. Үрүҥ көмүс мэтээлинэн Александр Авелов (61 киилэҕэ) уонна Никита Хабаров (125 киилэҕэ) наҕараадаланнылар. Ону таһынан, Станислав Свинобоев (74 киилэҕэ), Никита Софронов (92 киилэҕэ) уонна Максим Толмачев (97 киилэҕэ) боруонса мэтээли ыллылар.
«Бу иннинэ Алексей Копылов уолаттарга уонна кадеттарга чөмпүйүөннээбитэ. Кини ситиһиитэ Саха сирин успуордун устуоруйатыгар көмүс буукубанан киирдэ. Физическэй култуура хамсааһына 100 сылын көрсө улахан бэлэх буолла дии саныыбын», — диэн бэлиэтээтэ ХИФУ иһинэн устудьуон успуордун сайыннарар Киин салайааччыта Александр Черкашин.
Бастакы эргииргэ спортсмен Монголия, Ангола бөҕөстөрүн кыайбыт. Оттон финалга — Кыргызстан спортсменын.
Санатан эттэххэ, университет спордун аан дойдутааҕы бэстибээлэ атырдьах ыйын 19-31 күннэригэр Екатеринбурга ыытыллар. Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара 14 успуорт түөрт көрүҥэр киирсэллэр.