Бу күннэргэ “В Якутии.ру” интэриниэт-хаһыат Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьевы кытары иккис төгүлүн кэпсэттэ. Былырыын кыһын биһиги киниттэн кэккэ боппуруостары сураспыппыт. Ол иһигэр, улуус сиригэр-уотугар үлэлиир АЛРОСА хампаанньа улууска үбүнэн хайдах көмөлөһөрүн туһунан.
edersaas.ru
Сыл бүтүүтүнээҕи бастакы кэпсэтиибитигэр Алексей Иннокентьев бүттүүн экэнэмиичэскэй кириисис буолбутунан (биллэн турар, ол алмаастаах хампаанньаҕа эмиэ дьайдаҕа), 2020 сыл түмүгүнэн кэккэ төлөбүрү ылбат кутталлаахтарын туһунан эппитэ. Ол гынан баран, Ньурба улууһун баһылыга: “Улуус улаханы сүүйтэриэ суохтаах эбэтэр букатын даҕаны кэлиэхтээх үбү-харчыны, урукку сыллардааҕы курдук, толору ылыахпыт диэн эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, АЛРОСА эппит тылыгар мэлдьи турар”, – диэбитэ. АЛРОСА, кырдьык, хайдахтаах да түгэҥҥэ алмаастаах түөлбэлэргэ эбэһээтэлистибэтин толоруох буолан эрэннэрбитэ.
Алексей Иннокентьев эрэлэ туолла дуо? Ол туһунан сыл аҥаара буолан баран, улуус баһылыгыттан бэйэтиттэн сурастыбыт. Онуоха кини маннык хоруйдаата.
– Билэргит курдук, былырыын хамсык турбута. Онтон бэл, АЛРОСА курдук аан дойду таһымнаах улахан хампаанньалар оҕустардылар. Ол гынан баран, хампаанньа салалтатын, үлэһиттэрин, чуолаан Арассыыйа Федерациятын алмааһын 25%-на хостонор Ньурбатааҕы ХБК итиэннэ Удачнайдааҕы уонна Айхаллааҕы кэмбинээттэр көмөлөрүнэн уустуктары этэҥҥэ туораатылар.
Өйдүүргүт эбитэ дуу, балаһыанньа көнүө диэн сылыктаабыппыт дии? Кырдьык, балаһыанньа тупсан эрэр. Хампаанньа сылы барыстаахтык түмүктээбитэ. 2020 сыл бүтүүтүгэр АЛРОСА аан дойду ырыынагар алмаас сырьетун үчүгэйдик атыылаабыта. Онон 2020 сыл иккис аҥаарынааҕы дивиденин атырдьах ыйыгар ылыахтаахпыт. Ол быһа холоон, 639 мөлүйүөн солкуобай буолуохтаах. Алмаастаах түөлбэ хас биирдии улууһа оннук ылыахтаах. Ону ааһан, сыл бүтүүтүгэр өссө 2021 сыл бастакы аҥаарынааҕы дивиденд кэлиэхтээх. Ол суумата билиҥҥитэ биллибэт эрээри, арааһа, кырата суох буолара буолуо.
Ыам ыйын 20 күнүгэр хаһаайыстыбаннай актыып мунньаҕар Сергей Иванову уонна Айсен Николаевы кытта көрсүһүүбүтүгэр, Сергей Сергеевич “хампаанньа туруга этэҥҥэ” диэбитэ. Онон өссө биирдэ этэбин: АЛРОСА – социальнай хайысхалаах хампаанньа.
Мин ханна даҕаны, ол иһигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ, мэлдьи этэбин: биһиги АЛРОСА хампаанньаны кытта партнердуу сыһыаннаах буолуохтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр биһиги сирбититтэн, Ньурба улууһун сириттэн-уотуттан, Арассыыйа алмааһын 25 % хостууллар. Ол биир өттүнэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун көрдөрүүтэ буолар.
Итини таһынан хампаанньаны кытта улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт сөбүлэһиилээхпит. Онтубут болдьоҕо быйыл түмүктэнэр. Сөбүлэһиини уһатар туһунан номнуо кэпсэппиппит. Онон 2020 сылтан сөбүлэһиини саҥаттан түһэрсэн, салгыы бииргэ үлэлээччилэр быһыытынан үлэлэһэн барыахпыт.
Уопсайынан, биһиги хампаанньаттан үс тус-туспа суолунан харчыны ылабыт.
Бастатан туран, алмаастаах түөлбэ аҕыс улууһа дивиденд ылабыт. Биһиги, аҕыс улуус, аахсыйалаах буоларбыт быһыытынан, хампаанньа дивиденин 1-дии бырыһыанын тэҥҥэ үллэстэбит. Ол эбэтэр, дивидени Ленскэй, Мииринэй, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Анаабыр уонна Өлөөн улуустара ылабыт.
Дивиденд өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын, чуолаан СӨ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин сөбүлэһиитинэн тыырыллар. Киирбит үбү биһиги социальнай эбийиэктэри тутарга, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай боломуочуйаны үбүлүүргэ туттуохтаахпыт. 1% дивиденд суумата хампаанньа барыһыттан көрөн, сыл аайы араастаһыан сөп – 300 мөл. солкуобайтан 500 мөл. солкуобайга диэри буолар.
Сорох кэккэ улуустар, холобур, Өлөөн уонна биһиги, дивидени таһынан улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт сөбүлэһиилээхпит. Ити иккис үбүлэнэр источникпыт буолар. Эрдэ этэн аһарбытым курдук, сөбүлэһиибит 2019 сыллаахха түһэрсиллибит буолан, болдьоҕо быйылгынан түмүктэнэр. Ити сөбүлэһии чэрчитинэн биһиги сыл аайы 324 мөлүйүөн солкуобайы ылабыт. Ол харчы тус сыаллаах – булгуччу хапытаалынай тутууга эрэ барыахтаах. Ол эрээри, биһиги онно иккис пууну эбэн биэрбиппит. Ол быһыытынан, харчыны Марха өрүс сүнньүн бата турар ууну ыраастыыр тутуулары саҥардыыга уонна үлэлэтэргэ эмиэ туһаныахха сөп буолла.
Үһүс источник – хампаанньа успуонсар быһыытынан көмөтө. Ону эмиэ алмаастаах түөлбэ улуустара тэҥинэн үллэстэбит. 9-туу мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы ылабыт. Биэс сылга барыта 47 мөлүйүөн солкуобай буолар. Ону хампаанньаны кытта сүбэлэһэн баран туттабыт.
Ол курдук, харчы туохха туттуллуохтааҕын быһаарар балаһыанньаны биэрэбит. Биһиги улууспутугар оннук балаһыанньаны өссө мин иннибинэ үлэлээбит баһылыктар 2013-2014 сылларга оҥорбуттара. Ол быһыытынан, харчы дьоҕурдаах оҕолору өйүүргэ, куонкурустары, олимпиадалары тэрийэргэ, улуустааҕы култуура, успуорт, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базаларын бөҕөргөтөргө, ыһыах ыһарга, тулаайах оҕолорго Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри атыылаһарга, о.д.а. барар.
2020 сыл иккис аҥаарынааҕы дивиденд харчытын социальнай эбийиэктэри тутарга, муниципальнай бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ, тыа хаһаайыстыбата, тыа сирэ, успуорт, култуура, үөрэхтээһин сайдыытыгар, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийэргэ, суолу-ииһи оҥорорго туһаныахпыт.
Онон түмүктээн эттэхпинэ, АЛРОСА эппит тылыгар турар хампаанньа.
“Саха сирэ”, edersaas.ru саайтка анаан Елена ТИХОНОВА суруйуутуттан тылбаас
АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара