Алексей Голиков: «Анаатахтарына, үлэлиэм»

Ааптар: 
31.01.2018
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Педагогическай институтун дириэктэрэ, п.н.д. Алексей Голиков Москватааҕы Сколково каадырдары бэлэмниир оскуолаҕа үөрэнэ барыан эрэ иннинэ көрсөн, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитииттэн саҕалаан, федеральнай университекка тиийэ, араас тиэмэҕэ кэпсэттибит.

edersaas.ru


 «Сонортон» сиэттэрэн

— Алексей Иннокентьевич, Педагогическай институкка хайдах кэлэн хаалбыккыный? Математик идэлээх киһи туочунай наукалар диэки тоҕо чарапчыламматаххыный?

Математика, информатика институтугар үлэлии сылдьыбытым. СГУ математикаҕа факультетын бүтэрбитим. Устудьуоннуур сылларбар Г.В.Томскай 1988 с. айбыт сонор оонньуутугар бастаан, бэйэм да соһуйбутум. Салгыы аспирантураҕа киирбитим. Сонор оонньууну уһуйааҥҥа уонна алын кылааска хайдах киллэриэххэ сөбүн туһунан эспэримиэн ыыппыппыт. Ол түмүгэр, 1997 с. кандидатскай үлэбин көмүскээбитим. Онон научнай-педагогическай үлэм сонор оонньууттан саҕаламмыта. Итини кытта сэргэ Математика институтугар ассистентан саҕалаан, высшай математиканы үөрэппитим.

Үлэнэн хааччыллыы

— Сыллата сүүһүнэн педагогтар тахсаллар эрээри, ордук хоту улуустарга, учуутал син биир тиийбэт кыһалҕата баар.

Мин көрдөхпүнэ, биир сүрүн төрүөт баар. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыллата 800-900 учуутал ирдэнэр. Бакалавриаты бүтэрбит устудьуоннар салгыы магистратураҕа үөрэнэ киирэллэр. Үөрэхтэрин хайысхатын даҕаны уларытыахтарын сөп. Аны ыччат үлэ биэрээччи усулуобуйатын эмиэ учуоттуур. Дьиҥэр, тус сыаллаахтык (целевое) үөрэтиини хото туһаныахха сөп этэ. Улуустар эрдэттэн үс өрүттээх дуогабар түһэрсиэх тустаахтар. Иккиһинэн, медицинэ үлэһиттэригэр курдук күүстээх бырагыраама учууталларга эмиэ көрүллэрэ буоллар, үөрэҕи бүтэрбит эдэр дьон син тыа сиригэр талаһыах этэ. Биллэн турар, мөлүйүөннээх бырагыраама баар эрээри, туга эрэ кыайтарбат.

Институппутугар оскуола иннинээҕи иитээччилэри уонна алын кылаас учууталларын бэлэмниибит. Ити хайысхаҕа педагогтары өссө үс колледж үөрэтэн таһаарар. Биһиги устудьуоннарбыт ханна үлэлии баралларын эрдэттэн быһаарыналлар. Магистратураҕа аҕыйах киһи киирэр, үгүс­тэр идэлэринэн үлэлииллэр. Кэлин чааһынай уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ хото арылыннылар. Биир-икки оҕо онно үлэлиир, ол эрээри, син биир бэйэтин идэтинэн. Миэстэтигэр тиийэн үлэлиир сирдэриттэн ыспыраапка ылабыт, хардарыта сибээспитин тутабыт. Университекка “Карьера киинэ” диэн тэриллибитэ. Номнуо үһүс сылын хас биирдии улууһу кытта көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар устудьуоннар кэлэн тустаах улуус баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр.

Кэлин сахалыы тылынан дьарыктыыр логопедтары үөрэтии боппуруоһун көтөҕөн эрэллэр. Биһиги ыстандаарка олоҕуран бэлэмнэммит бырагырааманан үөрэтэбит. Саха тыла көннөрү диссипилиинэ эрэ быһыытынан киирэр. Ити проблеманы үөрэтэбит. Чахчы, уустук боппуруос. Бары үлэнэн хааччыллыахтара дуо, диэн ыйытыы күөрэйэр.

Саҥа сүүрээн

— Дириэктэринэн анаммытыҥ бэһис сылыгар барда. Институкка туох саҥа сүүрээн киирэн эрэрий?

Бастакытынан, устудьуоннар бэйэлэрэ салайыныыларын тэрийбиппит. Номнуо оскуоланы бүтэрбит дьону өрүү бүөбэйдиир кыаллыбат, бэйэлэрин-бэйэлэрэ дьаһаныахтаахтар. Итини сэргэ, Үөрэх уонна наука, Ыччат уонна дьиэ кэргэн министиэристибэлэрин, Губинскай уокуругу кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Холобура, бу аҕыйах хонуктааҕыта биһиги базабытыгар “Мин — чинчийээччибин” диэн тэрээһин буолан ааста. Аны Попечителлэр сэбиэттэрин көмөтүнэн, Педагогическай институт (1934 с.) историятын барытын хабан көрдөрөр түмэли тэрийбиппит. Устудьуоннар этэрээттэрэ бааллар. Дьиэҕэ олорор оҕолору хабан, сыллата елка ыытабыт. Онно барытыгар кэнэҕэһин оҕолору кытта үлэлиэхтээх устудьуоннарбыт туохха да тэҥнэммэт үгүс уопуту иҥэринэллэр. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа тиийэн “мунан” хаалбаттарын туһугар эрдэттэн бэлэмниибит. Аны Бүлүүтээҕи педагогическай колледж иһинэн институт базовай кафедратын арыйан эрэбит. Ити курдук, үгүс өрүттээхтик үлэлиибит. Педагогическай наука хандьыдааттарын, дуоктардарын бэлэмниир Диссертация сэбиэтин хаттаан арыйтарыыбытын улахан ситиһиинэн ааҕабыт.

Хаачыстыба үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммат

— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах үрдэтиэххэ сөбүй?

Үөрэх хаачыстыбата бэйэ-бэйэтин кытта ыкса ситимнээх (комплекснай). Аҥардастыы оҕону, ыччаты эрэ үөрэтиинэн муҥурданыллыбат. Үөрэтэр бырагыраама аныгылыы, дириҥ ис хоһоонноох, табыгастаах, учууталлар, преподавателлэр киэҥ билиилээх, үрдүк таһымнаах, туттар ньымалара араас буолара ирдэнэр. Ону таһынан, үөрэх кыһата сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, уопсай үөрэхтээһин, орто анал үөрэх, үрдүк үөрэх уонна саамай күүстээх федеральнай университет – барыта баар. Арассыыйа үрдүнэн уон эрэ федеральнай университеттаахпыт. Олор кэккэлэригэр биһиги Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеппыт.

Мөлтөх өрүппүт тугуй? Биһиги өрөспүүбүлүкэбит киэҥ сиринэн тайаан сытар, онон суол-иис мөлтөх, интэриниэт бытаан… Дистанционнай үөрэх туһунан этэ даҕаны барыллыбат. Билигин муниципальнай таһымтан эрэги­йиэҥҥэ көһүү систиэмэтэ киирэн эрэр. Холобура, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты ылан көрдөххө, барыбытын биир халыыпка киллэрэн олороллор. Биһиги тоҕус ый тымныыбытын аахсыбаттар, коммунальнай ороскуотун учуоттаабаттар. Эрэгийиэн таһымыгар көһүүгэ итини көрдөхтөрүнэ, оннун буолуо дии саныыбын.

ХИФУ – 33 миэстэҕэ

— Үөрэх кыһаларын ортолоругар рейтинг таһаараллар. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет итиннэ хаһыс көрдөрүүлээҕий?

Арассыыйаҕа салааларынан уопсай рейтиннэри таһаараллар. Сорох тас дойдулар саамай мөлтөх устудьуоннарынан тэҥнэһэллэр. Ханнык баҕарар университекка биир-икки чаҕылхай устудьуон көстөр, олимпиадаҕа кыттар, науканан дьарыктанар… Саамай мөлтөх көрдөрүүнү тэҥнии тутуохха дэһэллэр. Биһиэхэ ити систиэмэ киирэр түгэнигэр, уустуктар үөскүүр чинчилээхтэр. Билигин туохха барытыгар орто көрдөрүүнү таһааран олордохпут. Биллэн турар, баалларынан күрэхтэһэбит. Кэлин көрдөрүүбүт биллэ тубуста. Национальнай рейтиҥҥэ 33-с миэстэҕэ сылдьабыт. 40 бастыҥ университет кэккэтигэр киирэбит. Ити курдук, үрдүк рейтинг үгүс сыранан ситиһиллэр, хас лаборатория, база, хас хандьыдаат, дуоктар үлэлиирэ, тас дойдуттан төһө устудьуон үөрэнэрэ барыта оруолу оонньуур.

— Федеральнай министиэристибэ Аттестациялыыр хамыыһыйата эн ХИФУ ректорыгар кандидатураҕын аһарбыта. Тус бэйэҥ ити дуоһунаска хайдах сыһыаннаһаҕыный?

Аттестацияны ааһан университет чиэһин көмүскээтим. ХИФУ бэрэпиэссэрдэрин коллегията, салалтата миэхэ эрэллэрин иһин махтанабын. Анаатахтарына, үлэлиэм.Итинтэн ураты, билигин тугу да эппэппин.

Үрдүк үөрэх соруктара

— Университет федеральнай таһымнаммыта туох үчүгэйдээҕий? Үрдүк үөрэх инники сайдыытын хайдах көрөҕүнүй?

Бастатан туран, дойду хааһынатыттан 4,8 млрд солк. көрүлүннэ. Онон саҥа оборудование ыллыбыт, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ туһанныбыт. Ити Киһи хапытаалын үрдэтиигэ улахан оруоллаах. Иккиһинэн, бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх буолан, хаачыстыбаҕа үтүө өттүнэн дьайар, олох хаамыытын кытта тэҥҥэ хаамсар кыах үөскүүр.

Хас биирдии университет аһылларыгар төрүөт баар, нууччалыы эттэххэ, “миссиялаах”. Университеппыт аата да этэринии, Хотугулуу-Илиҥҥи. Чукотка уокуругар кыра филиаллаахпыт. Бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитинэн эрэ муҥурдаммакка, өссө Магадан, Камчатка оҕолоро хото кэлэн үөрэнэллэрин ситиһэр туһугар үлэни күүһүрдүөхпүт. Чинчийии ыытарбытыгар, Арктиканы барытын хабар, үрдүк таһымнаах, күөн күрэстэһэр кыахтаах каадырдары бэлэмнииргэ эмиэ ырааҕынан чарапчыланан күүстээх үлэни ыытыахпыт. Сыал баар, ону толорор соруктаахпыт.

— Алексей Иннокентьевич, кэпсээ­ниҥ иһин махтал.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0