Алексей Еремеев Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Ытыктабыллаах Сэбилэниилээх күүстэр бэтэрээннэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.

Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар махтанабын уонна ытыктабылбын биллэрэбин. Эһиги кыргыһыы хонуутугар көрдөрбүт хорсун быһыыгыт, самныбат санааҕыт уонна кыайыыга дьулуургут билигин сулууспалыы сылдьар эдэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбитигэр үтүө холобур буолар.

Бу күн Модун Россия чэчирии сайдарын туһугар күннэтэ үлэлии-хамсыы сылдьар эр дьоммутун чиэстиибит.

Олунньу 23 күнэ – Саха сирин олохтоохторугар кэриэстэбил, кутурҕан уонна албан аат күнэ. Ол курдук, 79 сыл анараа өттүгэр Новгород уобалаһын Старорусскай оройуонун босхолуур иһин Ильмень күөлгэ номох буолбут кыргыһыыга 597 Саха сирин буойуна кыттыбыта, олортон үгүһэ сэрии толоонугар тыынын толук уурбута. Бу кыайыы хайдахтаах курдук ыар сүтүктээх ситиһиллибитэ умнуллубат, биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыылара саха норуотун киэн туттуута буолар.

Эһиэхэ чэгиэн туругу, эйэлээх олоҕу, биһиги улуу дойдубут – Россия биир сомоҕо буоларыгар уонна модун күүһүн бөҕөргөтөр үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин

Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ                                                                            А.И. Еремеев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0