Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бу туһунан Твиттеригэр суруйда.
Алексей Дьячковскай бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлиир кэмигэр үөрэҕирии, наука, инновационнай бэлиитикэ, каадырдары бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу, үлэ ресурсатын балансатын, социальнай харысхал, дьарыктаах буолуу, биэнсийэнэн хааччыйыы, култуура, ускуустуба уонна духуобунай сайдыы, история-култуура нэһилиэстибэтин харыстааһын, тыл бэлиитикэтин, доруобуйа харыстабылын боппуруостарынан дьарыктаммыта. Дуоһунаһыттан Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу ыйааҕынан, бэс ыйын 13 күнүгэр босхоломмута.
— Астаапкаҕа барыыны холкутук ылынным. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар кыһалҕалары быһаарарга саҥа дьоннор наадалар, саҥа сыһыан эрэйиллэр. Мин санаабар, Айсен Сергеевич өрүү лидер. Ханна анаабыт сиригэр үлэлиэм, — диэбитэ Алексей Прокопьевич бэс ыйын 15 күнүгэр News.Ykt. Ru сайт кэрэспэдьиэнигэр.
Бэс ыйын 16 күнүгэр Айсен Николаев Ил Дархан быыбар иннинээҕи ыстаабын Алексей Дьячковскай салайарын туһунан эттэ. Санатан эттэххэ, Ил Дархан быыбара балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыытыллар.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ» edersaas.ru