Алексей Чекунков: «Инновация, наука, технология киинин тэриллиитэ Уһук Илини сайыннарыаҕа»
РФ Уһук Илинин уонна Арктикатын сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков Саха сирин курдук айти-технологияҕа инники күөҥҥэ сылдьар эрэгийиэҥҥэ Инновация, наука, технология киинин тэрийэр наадатын эттэ.
«Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэргэ айти-технологияҕа бастыҥ уопуттаах. Бу эйгэҕэ салгыы сайдан Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр Уһук Илин федеральнай уокурук эмиэ бэйэтин миэстэтин булуоҕа диэн эрэнэбин«, — диэн бэлиэтиир Алексей Олегович суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр.
Миниистир Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр тахсарга оскуолаттан саҕалаан айти-технологияҕа иитии-үөрэтии барыахтааҕын, үрдүк үөрэхтэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ ылар оруоллара үрдүгүн этэр.
— Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет, Тиихэй Акыйааннааҕы судаарыстыбаннай университет курдук үрдүк үөрэхтэр ситимнэрин нөҥүө бу эйгэҕэ үлэ күүскэ барыахтаах. Үрдүк үөрэххэ туһааннаах исписэлиистэри бэлэмнээһин, манна бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэлэри элбэтии барыта бу хайысха сайдыытыгар төһүү буолар. Ол эрээри өйдүөх тустаахпыт, ханнык баҕарар эйгэҕэ буоларын курдук, айти-технологияҕа эмиэ биир ситимнээх үлэ наада. Онуоха оҕо саадтан, оскуолаттан, үрдүк үөрэхтэн саҕалаан Инновация, наука, технологиялар кииннэригэр тиийэ биир ситим баар буолуохтаах. Онон Саха сиригэр бу маннык киини тэрийии мин санаабар наада, — диэн этэр кини.
Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйа үрдүнэн түөрт маннык киин үлэлиир. Москваны таһынан Сочига, Владивостакка бааллар.
Аграфена КУЗЬМИНА