Алексей Амбросьев: Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алексей Амбросьев, “Муммуттар”, «Мин үрүҥ түүннэрим”, “15 күн” киинэлэр режиссердара:

— Дьон үксэ “самоизоляцияны” туох эрэ олус куһаҕан курдук саныыр. Ол да буоллар «куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэбиккэ дылы, дьиэҕэ олорууттан даҕаны туһаны булуохха сөп. Билигин интэриниэт үөдүйбүт кэмигэр элбэх онлайн-үөрэх, ол бу сайыннарар куурустар арылыннылар, туһалаах лекциялар босхо тарҕаналлар. «Хаһан эмэ иллэҥсийэн омук тылын үөрэтиэм этэ»  диир дьоҥҥо  дьэ күүппүт кэмҥит кэллэ! Түһүнэн кэбиһиҥ! Сорох онлайн-бибилэтиэкэлэр кинигэлэрин босхо биэрэр буоллулар. Тус бэйэм таах сытыахтааҕар киинэ сценарийын суруйан субу бүтэрдим. Оҕолорбун кытары оонньоон, ону-маны онорон тахсабыт. Онон суолтата суох кутталга бэйэҕитин уган биэрбэккэ эрэ (ыарыы кэмигэр таһырдьа быгар улахан куттал буоллаҕа дии), туох эрэ туһалааҕы, кэнники кэмҥэ көмө буолары оҥорбут ордук.

Егор Карпов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0