“Мин төһө да ыалдьыбатарбын вакцинаны ылыахха диэн санаан туран бэс ыйын 1 күнүгэр “ГамКовидВак” диэн вакцина бастакы компоненын, онтон бэс ыйын 22 күнүгэр иккис компоненын ыллым. Бастаан ылан баран тугу да билбэтэҕим, доруобуйам этэҥҥэ этэ. Иккис кэннитэн кыратын ол киэһэ сүһүөхтэрим ыалдбыттара. Онтон сарсыҥҥы күнүгэр үчүгэй буолбута.
Вакцинаны бастаан оҕолорум бары ылбыттара. Кэтээн көрбүтүм. Кинилэр этэҥҥэ аһарбыттара. Мин саныахпар дьон олох куттаммакка, араас сурахха-садьыкка итэҕэйбэккэ вакцинаны ылыахтарын наада. Тоҕо диэтэр урут уруккуттан сыстыганнаах ыарыыны утары вакцина бөҕө ылан кэллэхпит дии. Дьон билигин социальнай ситиминэн, ордук ватсабынан тарҕанар араас информацияны истэннэр, ону наһаа ылынан быһыыны ылартан туттуналлар дии саныыбын. Мин оннук кэлэр информациялары олох ааҕа сатаабаппын, көрбөппүн даҕаны. Мин ол оннугар билэр дьонум санааларын истэбин, ыйыталаһабын. Чахчы да этэллэрин курдук наар куһаҕаны санаатахха ол бэйэҕэр кэлэр буоллаҕа дии. Ыалдьабын диэтэххинэ ыалдьыаҥ. Онон олох саарбахтаабакка баран ыллахха, барыта этэҥҥэ буолуо.
Манна биири бэлиэтээн этиэм этэ. Быраастар нэһилиэнньэҕэ олох үчүгэйдик өйдөтөр, быһаарар информациялары таһаарыа этилэр. Холобура, биһиги улууспутугар дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлэ, бэйэтэ медик идэлээх Софья Лаврентьевна Александрова олус үчүгэйдик вакцина, вирус туһунан кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн үгүс саарбахтыы сылдьар дьон баран вакцинаны ылбыттара. Онон ити курдук өйдөнүмтүөтүк быһаардахтарына дьон өйдүө этэ дии саныыбын. Биһиги тыабыт хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ыанньыксыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар бары ыла сылдьаллар уонна этэҥҥэлэр. Ыла иликтэри хайаатар да ылын, тулалыы дьоҥҥутун харыстаан диэн этэбин. Мин билигин толору вакцинацияны ааһаммын, алтыһар дьоммор кутталы үөскэпэппин. Онон бары ыгыы-түүрүү күүһүнэн буолбакка, дьиҥ өйүнэн-санаанан салайтаран быһыыны ыларгытыгар диэн улууһум олохтоохторун, бэйэм кэллиэгэлэрбин ыҥырабын”, — диэн Александра Николаевна санаатын тириэртэ.
«Амма олоҕо» хаһыат