Александра Соловьева өбүгэлэрин үйэлээх маллара (видео)

18.04.2022
Бөлөххө киир:

Чурапчы Мырылатыттан сылдьар  Александра  Иннокентьевна Соловьева “Үйэлээх мал” куонкуруска  төрөппүттэрин  уонна өбүгэлэрин саната сылдьар  күндү малларынан кытынна.

Төрөппүттэриттэн хаалбыт, 1922 сыллаахха оҥоһуллубут  үрүҥ көмүс ньуоскалары, дьабака бэргэһэни уонна ийэтэ Елена Назаровнаттан кэриэс мэллээх иһити көрдөрө аҕалбыт. Дьиктитэ диэн, дьабака бэргэһэ киэргэлин бытархай оҕуруота иҥиир сабынан тигиллибит.

Киһи олоҕо оҕолорунан, сиэннэринэн салҕанарын кэриэтэ, ханнык баҕарар маллары харыстаан көрөр-истэр ыччаттардаах буоллаҕына, эмиэ уһун үйэлэнэр. Ол да иһин,  Соловьевтар аймах  өбүгэлэрин малларын харыстаан, кэнэҕэски ыччаттарыгар кэриэс гынан көрдөрө сылдьаллара —  кэнчээри ыччаты иитии биир көрүҥэ.

Александра Соловьева:

“Эһиги тэрийбит куонкурускутугар наһаа элбэх киһи кыттыбыт эбит. Тэрийээччилэргэ: “Саха сирэ” хаһыат хаһыат, “Эдэр саас” саайт кэлэктиибигэр уонна Ем. Ярославскай аатынан мусуойга  бэйэм махталбын тириэрдэбин”.

Александра Соловьева “Мин дьиэ кэргэним кэриэс мала” номинация биир кыайыылааҕынан буолла.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,   edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0