Саха сирин дьахталларын ХV сийиэстэрин дэлэгээтэ.
Бүтүн үйэ аҥаара кэм устата, ол аата төгүрүк 50-с сылын туундара киэҥ киэлитигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар, номоххо киирбит чулуу табаһыт Александра Черкашинаны кытта билсиһиим – бу миэхэ, суруналыыстыка эйгэтигэр киирбитэ балачча буолбут киһиэхэ, арааһа, бастакы уонна бэрт сэдэх чахчынан, умнуллубат түгэнинэн буолар.
Кырдьыга да оннук. Быйыл, 2022 сыл балаҕан ыйыгар Александра Иннокентьевна төрөөбүт дойдутугар, тапталлаах Өймөкөөнүгэр ыраах таба ыстаадатыгар үлэлии кэлбитэ лоп курдук 50 сыла томточчу туолар. “Кэлбитэ” диэн судургу соҕустук этэн кэбистим эрээри, биллэн турар, дьиҥэр, барыта оннук судургу буолбатах этэ… Тоҕо диэтэххэ, оскуоланы саҥа бүтэрбит кыысчаан Шура Черкашина, бу түгэн иннинэ, аҕыйах эрэ чаас анараа өттүгэр букатын атын хайысханан айаннаары — Дьокуускайга көтөөрү, аэропортка сөмөлүөт кэтэһэн олороро эбээт!
—Ити 1972 сыллаахха этэ. Мин Томтор орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн баран, Салайар каадырдары бэлэмниир Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирбитим. Дьокуускайга оччолорго итинник үөрэх кыһата баара. Чымадааммын хомунан, аэропортка тиийдим. Дьэ, күммүт-дьылбыт туруга оннук эбит буоллаҕа – сөмөлүөппүт көппөт. Оттон аэропорт иһэ тобус-толору киһи. Устудьуон аймах элбэҕиин! Бары киин куоракка Дьокуускайга талаһаллар. Кырата биир нэдиэлэ хаайтардыбыт… Ол сырыттахпытына, эмискэччи, хантан эрэ бөртөлүөт тырылаан кэллэ уонна, быһаччы мин төрөөбүт түөлбэбэр – 2N-дээх ыстаадаҕа көтөр, диэтилэр. Мин, мэктиэтигэр сүрэҕим нүөлүйэн ыларга дылы гынна. Ол курдук дьоммун, дьиэбин, туундарабын ахтыбыт этим! Өр толкуйдуу барбатым – чымадааным сыыһын кыбынным да – төрөппүттэрбэр, дьиэм диэки көтө турдум! Дьылҕам, дьэ, итинник быһаарыллыбыта. Мин, төрөппүттэрим курдук, табаһыт буолбутум. Ийэлээх аҕабар соҕотох кыыстара буоллаҕым.., — диэн кэпсээнин саҕалаата табаһыт, “Үчүгэй” ФГУП 2Nдээх таба ыстаадатын чуум үлэһитэ, эбээн норуотун чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, “Гиркун” — “Восхождение”, сахалыы “Дабайыы” төрүт олохтоох хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кочевой дьиэ кэргэн ородобуой общиналарын бэрэссэдээтэлэ Александра Иннокентьевна Черкашина.
“Кимтэн кииннээххин?..”
Кини 1954 сыллаахха ыам ыйын 20 күнүгэр Өймөкөөн оройуонун 1-кы Бороҕон (Үчүгэй) нэһилиэгэр удьуор табаһыттар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Варвара Николаевна Сергучева, омугунан эбэҥки, Хабаровсай кыраай Охотскайыттан төрүттээҕэ. Оттон аҕата Иннокентий Михайлович Черкашин Таатта Уолбатыттан силис тардар киһи. Кини эһэтэ Алексей Черкашин (Александра хос эһэтэ) икки төгүллээн кулаахтаммыт, оттон удьуордара оскуолаҕа үөрэнэллэрэ бобуллубут этэ. Бука сэрэйдэххэ, аатырбыт Оруоһуттар күтүөттэрэ буолан, оннук дьылҕаланнаҕа… Ол курдук, Александра эһэтэ Михаил Черкашин 9 уола аан дойду устун тарҕаммыттара… Иннокентий ол иһин, Хаандыганан, Ааллаах -Үүнүнэн сылдьыталаан баран, Охотскайга тиийэн, Варвараны кэргэн ыллаҕа.
Александра Иннокентьевна, аҕам байанайдаах булчут, балыксыт этэ диир. Кыһын ийэтинээн тииҥнии баран хаалаллар эбит, Шура, кырачаан хаһаайка, күнү быһа соҕотоҕун бэрт үчүгэйдик сылдьыбыт буолара үһү. Төрөппүттэрэ кыыстарын олус таптыыллара эрээри, аһары атаахтаппаттар этэ. Шура, хотугу дьон ыччатын быһыытынан, тугу барытын сатыыр, үлэһит буола улааппыт. Оҕо эрдэҕиттэн табаларын да манаһара, аҕатынаан булка, балыкка да сылдьара, ураһаны көрүөх бэтэрээ өттүгэр хомуйа да, туруора да охсоро… Асчыт бэрдэ буолбута, эбээн омук аһын-үөлүн барытын бэлэмнии улааппыта. Балаакка тигиитэ, табаһыттарга кыһыҥҥы сылаас таҥаһы бэлэмнээһин – бу барыта ийэтиттэн иҥэриммит үөрэҕэ. Хотугу киһи тирииттэн уһуун да уһун аркааннары (маамыкта) өрөрү хайаан даҕаны сатыахтаах. Онто суох табыллыбат. Ол иннинэ тириини таҥастааһын диэн бэйэтэ ураты мындыр үлэ эмиэ баар. Бу, төрөппүттэриттэн иҥэриммит сатамньыта киниэхэ олоҕор олус туһалаах буолбута. Билигин Александра Иннокентьевна бу сатабылларыгар оҕолорун, сиэннэрин, ыччаттарын уһуйар. Чуум үлэһитэ, община салайааччыта Александра Черкашина күн бүгүнүгэр диэри, “Калинин аатынан собуот оҥорон таһаарыыта” диэн суруктаах, сэбиэскэй кэмнэртэн харыстаан илдьэ сылдьар ийэтин иистэнэр массыыҥкатынан арааһы барытын тигэр. Улахан дьиэ-кэргэҥҥэ, биллэн турар, аныгы иистэнэр массыыҥкалар да, бытовой тиэхиньикэ арааһа баар да — “Сэбиэскэй хаачыстыба диэн, дьэ, маннык!”, — диэн Александра ийэтиттэн хаалбыт массыыҥкатын сөҕө-махтайа хайгыыр.
Бастыҥ чуум үлэһитэ, эбээн национальнай таҥаһын тигиигэ көмүс тарбахтаах маастар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тоҕоостоох кэмҥэ мэлдьи көмөҕө кэлэр. Унтуунан, сонунан, бэргэһэнэн, үтүлүгүнэн, о.д.а. сылаас таҥаһынан кини хас көлүөнэни таҥыннарбыта буолуой?! Сэрэйиэххэ эрэ сөп. Александра Иннокентьевна маны таһынан тутууга, тутуу матырыйаалларыгар, араас тиэхиньикэҕэ, саппаас чаастарга барытыгар эмиэ сыһыаннаах, барытын билэр уонна быһаарсар. Хоту дойдуга олороҕун – барытын сатыахтааххын!
“Туйах хатарааччылар”
1974 сыллаахха Александра олоҕун аргыһын, эдэр табаһыт Петр Васильевич Неустроевы көрсөн, эдэрдэр сүрэхтэрин холбоон, ыал буолбуттара. Петр – олохтоох уол, Өймөкөөн, эмиэ удьуор табаһыттар ыччаттара, олус үлэһит, үчүгэй кэргэн, кыһамньылаах аҕа, төрдө-ууһа эмиэ ыраах Охотскай табаһыттарыттан силис тардара. Бүтүн үс пятилетка устата Петр Неустроев табаһыттар ортолоругар Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсыбыта. РФ үлэ бэтэрээнэ. Үчүгэй мас ууһа этэ. Дьон-сэргэ кинини ытыктыыра. Кэргэнэ Александра киэн туттара. Сотору буолан баран бастакы оҕолоро Михаил төрөөбүтэ, оройуон киинигэр. Иккис уолларын 1982 сыллаахха Александра ыстаадаҕа, балааккаҕа оҕоломмута. Иннокентий диэн ааттаабыттара. Үһүс уоллара Петр Үчүгэйгэ төрөөбүтэ. Оттон саамай кыралара – кыыстара Надежда эмиэ Уус — Ньараҕа күн сирин көрбүтэ. Улахан уонна кыра уолаттар — Михаил Петрович Черкашин уонна Петр Петрович Неустроев билигин бэйэлэрэ уопуттаах табаһыттар, дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара.
Орто уол Иннокентий Петрович Неустроев оҕо эрдэҕиттэн сылгыга сыстаҕас буолан, билигин сылгы үөрүн көрөр-истэр. Уолаттар барыны бары сатыыллар. Оттон кыыстара Надежда Петровна Неустроева Дьокуускайга олорор, эмчит идэлээх, кэргэннээх, уоллаах-кыыс оҕолордоох. Аҕалара оҕолорун бэйэтин холобурунан ииппитэ, сатабылын иҥэрбитэ. Ыччаттар бары үөрэхтээхтэр – ким ДьГТХА-ны, ХИФУ-ну, ким Сельхозтехникуму, ким училищены бүтэрбиттэрэ. Александра Иннокентьевна кэргэнэ Петр Васильевич, хомойуох иһин, хас да сыллааҕыта ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Александра кэргэнин ыарыылаабыта, онтон суох буолбутугар, дьиэ кэргэнин туһугар эппиэтинэһи барытын бэйэтигэр ылыммыта. Билигин уолаттар аҕаларын дьыалатын салҕыыллар. Сиэннэр улаатан иһэллэр. Александра Иннокеньевна, сиэн уолаттар төрөппүттэрин туйахтарын хатаран, кинилэр суолларынан барыахтара диэн бүк эрэнэр. Неустроевтар-Черкашиннар табаһыт династиялара, дьэ, маннык үлэлии-хамсыы олорор.
“Гиркун” — “Восхождение” – “Дабайыы”
Өссө сэбиэскэй кэмнэртэн “Үчүгэй” ФГУП 2N-дээх таба ыстаадата үчүгэй көрдөрүүлэрдээҕинэн аатырар. 2003 сылтан саҕалаан биригээдэ Саха сирин табаарынай хаһаайыстыбаларын племенной табаларынан хааччыйар. Холобур, билигин Өймөкөөн племенной табалара Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Саха сирин онтон атын да оройуоннарынан тэнийдилэр. Таба дьыалабыай тахсыыта 100 бырыһыаҥҥа тиийтэлиир кэмнэрэ эмиэ бааллара.
“Гиркун” дьиэ кэргэн ородобуой общинатын Александра Черкашина 2011 сыллаахха тэрийбитэ. Дьыалара этэҥҥэ үчүгэйдик баран иһэр. Этэргэ дылы, үөһээ дабайан иһэллэр. Тоҕо диэтэххэ, барытын сүбэнэн оҥороллор. Ханнык баҕарар быһаарыныыны кэлэктиибинэн, дьиэ кэргэн сүбэтигэр ылыналлар. Ол эрээри, быһаарар куолаһы, биллэн турар, община салайааччыта – ийэлэрэ ылар. 2021 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан община 968 табалаах. Ардыгар таба ахсаана тыһыынчаттан тахса буолааччы.
Манна даҕатан эттэххэ, өскөтүн Өймөкөөн улууһугар уопсайа 5 ородобуой община баар эбит буоллаҕына, дьахтар-салайааччы Александра соҕотох.
2 N-х биригээдэ удьуор табаһыттар династиялара Неустроевтар-Черкашиннар дьиэ кэргэттэрэ – норуоттарын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар дьиҥнээх патриоттар. Мындыр дьахтар, салайааччы хара маҥнайгыттан табаһыттар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга үлэлээбитэ. Тиэхиньикэ атыыласпыта. Квадроцикллар, бураннар, массыыналар бааллар. Дьиэлэри, хараастары, баанньыктары туттарбыта. Генератор үлэлиир – электрическэй уот баар. Портативнай гаас билиитэтэ эмиэ баар. Билигин 2-с биригээдэ табаһыттара сайынын эрэ балааккаҕа олороллор. Оттон дьиэлэрэ евро-түннүктэрдээхтэр.
—Урут биһиги түннүктэрбит целлофан сабыылаах буолаллара. Оттон билигин евро-түннүк – баһаалыста, табаларгын түннүгүнэн да кэтиэххин сөп.., – Александра Иннокентьевна мичээрдиир.
Биллэн турар, “түннүгүнэн” табалары манаабаккын. Александра Иннокентьевна кэпсээниттэн, ордук, тэллэй үүнэр кэмигэр табалар 10-чалыы буолан куучалаһан, тэллэй көрдөөн, туундара устун тарҕаһан хаалаллар эбит. Онон, маннык кэмнэргэ табаларын күннэри-түүннэри батыһа сылдьан маныыллар. Аны оннооҕор улахан, бөрө уонна тыатааҕы кырдьаҕас үөскэтэр кутталлара баар… Табалары адьырҕалартан көмүскээһин – табаһыт бэйэтин кыһалҕата буолан турар билигин. Ол, биллэн турар, киһи доруобуйатыгар да, ардыгар олоҕор да кутталлары үөскэтэр. Быйыл саас ыам ыйыгар Александра Иннокентьевна кыра уола Петр ыстаадаҕа саба түспүт уопсайа 5 тыатааҕыны бултаабыт (бастакы күн үһү, иккис күн — иккини). Оттон кыһынын бөрөлөр мэнээктииллэр. Кинилэри Иннокентий Петрдыын бултаһаллар. Ол эрээри, оройуоҥҥа ветлаборатория суох буолан, бөрө тириитин туттарар уустуктардаах. Көҥүл ылар туһугар, тирииттэн араас элбэх анаалыс туттарыллан, бэрэбиэркэни ааһыахтаах. Дьэ ол иһин табаһыт аны Дьокуускайга тиийэн, уһуннук-киэҥник араас инстанциялары кэрийэргэ күһэллэр…
Ыччат таба иитиитигэр тоҕо соччо дьулуспат?!… Ыарахан үлэ. Тымныы. Ардыгар кутталлаах, сэрэхтээх даҕаны. Сороххо чуҥкук – туундараҕа киинэ, тэлэбииһэр, араас гаджеттар суохтар. Сибээс – спутниковай төлөпүөнүнэн. Ону аҕыйах диир буоллахтара. Биригээдэҕэ төһөлөөх элбэх ыччат кэлэн ааспыта буолуой? Александра Иннокентьевна барыларыгар ийэлии эйэҕэстик сыһыаннаһан, санааларын көтөҕөн, сүбэ-ама биэрэн, туундара олоҕор сыһыараары, үөрэтии-такайыы бөҕөтө буолар. Минньигэстик, тотоойутук аһатан, төбөлөрүттэн атахтарыгар тиийэ сылаас, табаһыкка табыгастаах таҥаһынан хааччыйан (барытын бэйэтин илиитинэн иистэнэн), түбүк бөҕөтүгэр түһэр. Дьэ ол да буоллар, туундара усулуобуйатын үгүстэр 2-3 эрэ ый устата тулуйаллар…
Ол эрээри, табаһыттар – күүстээх санаалаах дьон. Ыччаттар кэлиэхтэрэ диэн син-биир эрэнэллэр. Александра Иннокентьевна, мээнэҕэ манна оҕо сайыҥҥы лааҕырын аспатаҕа. Оройуон элбэх оҕолоох, материальнай өттүнэн уустуктары көрсөр дьиэ кэргэттэрин оҕолоро – уопсайа 14-15 уол сыллата лааҕырга сылдьан ааста. Кинилэр табаһыттарга көмөлөһөллөр, олоххо туһалаах үөрүйэхтэргэ уһуйуллаллар. Күһүн оскуолаҕа наадалаах мал, таҥас-сап да ылыналларыгар харчыланаллар. Уот оттон, табалары көрөн, туундараҕа олоро, үлэлии үөрэнии – бу улаатан эрэр оҕоҕо улахан ситиһии!
Далбар Хотун
Ыстаадаҕа чуум үлэһитэ улахан суолталаах. Табаһыт сүрүн көмөлөһөөччүтэ, уҥа илиитэ буоллаҕа. Александра Иннокентьевна маны сэргэ община баһылыга, олох бары боппуруостарыгар эдэрдэргэ истиҥ сүбэһиттэрэ буолар. Кини өссө медик да, бэтэринээр да… Общинаҕа анал медик диэн суох. Холобур, табаһыт уолаттар бары кэриэтэ тиистэрэ ыалдьар. Оттон сааһырыы чугаһаан истэҕин аайы, илии-атах, сүһүөх ыарыыта сыыйа бэйэтин биллэрэн иһэр… Табаһыттар сылга саатар биирдэ диспансеризацияны аасталлар, төһөлөөх үчүгэй, туһалаах буолуох этэй, диир Александра Иннокентьевна.
Повар эмиэ кини. Минньигэс, тотоойу, дэлэй астаах дьиҥнээх Далбар Хотун диэн Александра буоллаҕа. Сибиэһэй эт миинэ, кэтилиэт остуолга мэлдьи баар, пилимиэн, бэрэски, алаадьы, хубуорас – уолаттар сөбүлүүр астарын куруутун бэлэмниир. Хас сарсыарда аайы тото-хана аһатан баран, барыларын тиэрмэскэ итии астаах, үлэҕэ атаарар. Дьэ, ити курдук, мэлдьи кыһалла, барытын көрө-истэ сылдьар.
—Туундараҕа киһи хайаан даҕаны сылаастык таҥныахтаах уонна үчүгэйдик, иҥэмтиэлээхтик аһыахтаах. Оччоҕуна эрэ үлэҕэ барыта кыаллан иһэр, — диир ийэ киһи.
Үлэ үөрүүтэ
Өймөкөөн улууһун “Үчүгэй” ФГУП 2N-дээх биригээдэтин Неустроевтар дьиэ кэргэн династиялара өссө 2012 сыллаахха (баһылык Неустроев Петр Васильевич) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Гранын кыайыылааҕынан тахсыбыта. Эмиэ ити сыл табаһыт Неустроевтар дьиэ кэргэн династиялара Үлэ Дьоруойа В.М.Кладкин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатынан буолбута. Оттон 2013 сыллаахха Александра Черкашинаҕа “СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
Кини Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. РФ уонна СӨ үлэ бэтэрээнэ. 2017 сыллаахха Александра Иннокентьевна “Арассыыйа агропромышленнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ” буолбута. Оттон Үчүгэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрин үөрэх-производственнай быраактыкаларын тэрийиигэ көхтөөх, кыһамньылаах кыттыытын, көмөтүн иһин Өймөкөөн улууһун баһылыгын грамоталарынан наҕараадаланар. Уолаттара эмиэ дьоһуннаах наҕараадалардаахтар.
Ийэ даҕаны, Бэрэсидьиэн даҕаны…
Александра Иннокентьевнаҕа үгүстүк учуонайдар сылдьаллар уонна дойду да, омук да туристара анаан-минээн, ааттаан кэлэллэр. Туризмы тэрийии боппуруоһугар община баһылыга, бакаа бириэмэ тиийбэт, ол эрээри, инникитин сиэннэр туризмынан хайаан да дьарыктаныахтара диир. Оттон ДЬГТХА (билигин Арктический государственный агротехнологический университет) научнай үлэһиттэрэ община баазатыгар араас научнай уопуттарын ыыппыттара үгүс сыл буолла. Ол түмүгэр элбэх киһи наука кандидата, дуоктара буола үүннүлэр. Учуонайдар Александра Иннокентьевнаҕа олус махтаналлар, ийэбит диэн ытыктаан ааттыыллар, оттон эдэр көлүөнэ дьон кинини “Биһиги Бэрэсидьиэммит” дииллэр…
— Таба баар – эбээн баар! Табата суох сатаммат. Табалаах эбээн өлөн-охтон биэрбэт. Табаһыт үлэтэ ыарахан эрээри, бу — мин эйгэм, мин олоҕум, дьылҕам! — диир Александра Иннокентьевна, тугу эрэ ырааҕы толкуйдаан, чочумча саҥата суох олоро түһэн баран.
Сөпкө этэр. Кини олоҕор туох баарын барытын бэйэтин өйүнэн, үлэһитинэн, сатабылынан, дьулуурунан ситистэҕэ.
Кинини долгутар элбэх – норуотун инникитэ, култуурата, тыла… Өскөтүн Александра Иннокентьевна уонна кини улахан уола Михаил эбээн тылын билэр буоллахтарына, онтон кэлэр ыччаттар, хомойуох иһин, төрүттэрин тылын билбэттэр… Община баһылыга, ийэ, эбээ санаата биир – төрөөбүт тылы араҥаччылыахха! Ол иһин оҕолор, сиэннэр төрөөбүт тылларын ытыктыылларын, таптыылларын, билэллэрин хайаан да ситиһэр, оннук иитэр наада.
Бу күннэргэ чулуу табаһыт Александра Иннокентьевна Черкашина — Саха сирин Дьахталларын ХV сийиэстэрин дэлэгээтэ, бу улахан, хотугу дьон олохторугар суолталаах түмсүүгэ кыттар, сэминээрдэргэ, “төгүрүк остуолларга” сылдьан, табаны иитиигэ баар кыһалҕалары туоратыыга бэйэтин санааларын үллэстэр, табаһыттар этиилэрин туруорсар.
ХХХ
ИЙЭ кыһамньытынан, ыччаттара Дьокуускайга толору хааччыллыылаах аныгылыы дьиэлээхтэр-уоттаахтар, ол гынан баран, чахчытынан эттэххэ, Александра Иннокентьевна куорат киириилээх-тахсыылаах олоҕун соччо сөбүлээбэт. Онон, араас конгресстарга, форумнарга соччо кэлэ сатааччыта суох. “Бастатан туран – үлэ!”, — диир кини, үгэһинэн.
Ол да иһин, дьиэ кэргэнинээн бу 50 сыл тухары туундара устун көһө сылдьан, үлэлии сырыттаҕа! Дьэ маннык дьонтон олохпут тутулуктаах! Оттон, удьуор утума, дьиэ кэргэн дьыалата салҕанан, сайда турарыгар ИЙЭ эрэллээх. Уолаттара уонна кыыһа үтүө дьон буолан үүнэн таҕыстылар. Кылаабынайа – дойдуларын, туундараларын муҥура суох таптыыллар. Кини курдук.
Хаартыскалар дьиэ кэргэн альбомуттан.
Татьяна МАРКОВА.