Александр Жирков: “Тыа сиригэр баһылык быыбара оннунан хаалар”

Ааптар: 
30.03.2017
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков улуустар кииннэринэн буолар куораттааҕы түөлбэннэр (поселениелар) баһылыктарын куонкуруска олоҕуран талар боломуочуйаны муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганыгар биэрии туһунан боппуруоска санаатын эттэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын бастакы сийиэһэ буола турар.

Көһүтүллүбүтүн курдук, сийиэскэ улуустар кииннэринэн буолар куораттааҕы түөлбэннэр (поселениелар) баһылыктарын куонкуруска олоҕуран талар боломуочуйаны муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганыгар биэрии туһунан боппуруос эмиэ тумнуллубата.

Ити боппуруоһу соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара дьүүллэһэ сылдьыбыттара, ону “Саха сирэ” хаһыат сырдатан турар.

Пленарнай мунньахха сүрүн дакылааты оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, ол быһаарыныы ылыныллыбыта буоллар, итинэн өрөспүүбүлүкэ 21 куораттааҕы түөлбэнэ эрэ хабыллыаҕын, ол инникитин улуус киининэн буолар куораттарга боломуочуйалара хос-хос буолалларын аҕыйатыа, итиэннэ, кыалыннаҕына, улуус кииннэригэр олохтоох салайыныы уорганнарын сарбыйыыны туорайдаһыа этэ диэтэ. Ону сорох СМИ-лэр атыннык эргитэн, нэһилиэк, улуус, куорат баһылыктарын быыбардааһыны тохтотон, мантан антах анаталыыр эрэ гына дьаһанан эрэллэр диэн олоҕо суоҕу суруйбуттарын ыйда. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ: “Оннук буолбатах уонна буолуо да суоҕа”, — диэтэ. Ити үөһэ ахтыллыбыт 21 куораттааҕы түөлбэҥҥэ баһылыгы талыы бэрэстэбиитэллээх былаас салалтата туспа баар эрэ буоллаҕына оҥоһуллуон сөбүн бэлиэтээтэ. Оттон тыа сиригэр баһылык быыбара оннунан хаалларыллыбытын тоһоҕолоон ыйда.

Салгыы сийиэс дэлэгээттэригэр туһаайан, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ: “Аны, куорат уонна тыа сирин түөлбэннэрин дьокутааттарын талыыга аҥардас элбэх мандааттаах уокуругунан үлүһүйбэккэ, биирдии мандааттаах уокуруктан туспа дьокутааты талыыны эмиэ ааҕынан көрөргүтүгэр этиэм этэ”, — диэтэ.

Муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутааттарын быыбарын ханнык ньымаҕа олоҕуран ыытарын муниципальнай тэриллии бэйэтин устаабынан быһаарар. Александр Жирков куораттааҕы уонна тыа сиринээҕи түөлбэннэри биир мандааттаах уокуруктарга араарыы дьоҥҥо хас быыбардыыр уокурук аайыттан чопчу биирдии дьокутааты талар кыаҕы биэриэҕин эттэ. “Маннык талыллыбыт дьокутаат быыбардааччыларын иннигэр эппиэтинэһэ бары өттүнэн үрдүүр. Олохтоох үбү-харчыны, бүддьүөтү тыырсыыга да, бэйэтин үлэтин быыбардааччыларыгар көрдөрөрүгэр да ордук табыгастаах буолар. Ол кини анал туругун уонна үлэтин таһымын көрдөрөр”, — диэтэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0