Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕын уратытын, суолтатын туһунан

Ааптар: 
13.07.2017
Бөлөххө киир:

Бүлүүгэ ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын иккис күнүгэр Ил Түмэн спикерэ, олоҥхо иккис Уон сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков суруналыыстары кытары көрсөн, Олоҥхо ыһыаҕын туһунан санааларын эттэ. Олортон ойо тутан билиһиннэрдэххэ маннык:

Edersaas ru

Олоҥхо ыһыаҕын тэриллиитэ

2005 с. ЮНЕСКО олоҥхону Аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран айымньытын щедеврин быһыытынан билиммитин кэннэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо уон сыла биллэриллибитэ уонна ону тэрийэр национальнай кэмитиэт тэриллибитэ, Олоҥхо ыһыахтарын ыытар туһунан дьаһал тахсыбыта. Бастакы Олоҥхо ыһыаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын IV спортивнай оонньууларын кытары алтыһыннаран Сунтаарга ыытыллыбыта, ол кэнниттэн Тааттаҕа былааннаммыт ыһыах халаанынан сибээстээн көһөрүллэн, эһиилигэр ыһыллыбыта. Ити кэмтэн сыллата ыһыллар.

Атын ыһыахтан уратыта

Үтүмэн үйэлэртэн кэлбит, айылҕа саамай ситэн-хотон турар кэмигэр ыһыахтыыр үтүө үгэс сахаларга тиһигин быспатаҕа. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ православиеҕа сөп түбэспэт диэн, Сэбиэскэй былаас сылларыгар омук бэйэтин итэҕэлин сиэрэ диэн соччо өйөөбөт буолуу баара гынан баран, төрүт бобор туһунан дьаһал суоҕа. Ол эрээри, сэбиэскэй-партийнай ис хоһоонноммута.

Олоҥхо ыһыаҕа диэн олоҥхоҕо анаммыт ыһыах буолбатах, бу — Олоҥхо ыһыаҕа. Билэргит курдук, үгүс олоҥхолор ыһыаҕынан түмүктэнэллэр, бөдөҥ олоҥхолорго ыһыах хайдах тэриллэрэ, туох сиэр-туом толоруллара, туох ас-үөл тардыллара, дьон тугу таҥнара-симэнэрэ, туох оонньуу тэриллэрэ кэпсэнэр. Билиҥҥи Олоҥхо ыһыахтара онон сирдэтэн, түһүлгэ хас биирдии элэмиэнэ, тутуулара (Аал Лук мас, Моҕол ураһалар, Алта сэргэ, түрүбүүнэлэр), сиэрэ-туома, атын да тэрээһиннэрэ чопчуланан, халбаҥнаабакка тутуһуллар канон быһыытынан ыһыллар. Сүрүн сыала — саха дьоно ыһыаҕы былыргы өбүгэлэрбит курдук ыһар таһымҥа тиийиилэрин ситиһии.

Уруккуну саҥалыы тыыннаан

Биһиги сүтэрбиппит элбэх, итиннэ бэйэни буруйданар табыллыбат, ааспыт олохпут уустуга бэрт, быста-быста салҕаммыт кэмнэрдээхпит. Бу ыһыахтарга тирэҕирэн, олору сөргүтэ сатыыбыт. Сахалыы таҥас ыһыахтар сабыдыалларынан көрүҥэ байытыллан, күннэтэ кэтиллэр таҥаска кубулуйда. Урукку өттүгэр ыһыахха сыһыана суох күнү көрсүү сиэрэ туттуллар эйгэтэ муҥурданан, умнуллан испитин сүһэн ылан киллэрбиппит, ыһыах сиэрин тупсарда, дириҥэттэ. Олоҥхоҕо, тойукка, үҥкүү тылын таһаарыыга, чабырҕахха, итии-атах оонньуутугар холонооччу үксүү турар.

Саха мындыр уус. Тимири уһааран, араас туттар тэрили оҥорор дьоҕурбутун тиэхиньикэ сайдыаҕыттан сүтэрбиппит. Ол иһин Бороҕоҥҥо ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар тимир уустарын түһүлгэтэ тэриллибитэ, уус күөрдэ оҥоһуллубута. Билигин Уус түһүлгэтэ сыллата кэҥиир, уустар маастарыстыбалара үрдүүр, бэлэм металынан буолбакка, бэйэтэ эллээбит болгуо тимиринэн уһанааччы элбиир. Холобур, бэҕэһээ манна уустар ыһыах дьонугар тимири уһаары сиэрин-туомун толорон көрдөрдүлэр.

Өбүгэбит бултаан айаҕын ииттиммит, бэйэтин көмүскэммит тэрилэ (ньир муос ох саа) сэрии сэбин курдук көрүллэн, суох оҥоһуллубута. Билигин мусуойдарга XVI-XVII үйэтээҕи сүүрбэччэ эрэ ох баар. Ону сөргүтүөххэ уонна ох курдук спорт олимпийскай көрүҥэр ыччаты сыһыарыахха диэн, быйыл оҕунан ытыыны киллэрдибит. Былырыын Дьокуускайга Николай Аржаков — Боло Уус бэйэтэ оҥорбут охторун быыстапкалаабыта. Быйылгы быыстапкаҕа 14 киһи кэлэн оҥоһуктарын көрдөрдүлэр, ырааҕы ытыыга күрэхтэстилэр. Кэлэр өттүгэр бу биир умсулҕаннаах көрүҥ буолуоҕа, ох саа тупсарыллан, тэбиитэ күүһүрэн иһиэ. Күрэхтэһиигэ бириистээх миэстэни ылбыт Василий Гоголев куруһуок тэрийэн, Дьокуускайга оҕолору ох сааны оҥорорго үөрэтэр. Кини курдук фанаттар атын да улуустарга бааллар.

Эһиил – Алдаҥҥа

— Тоҕо атын омук тоҕуоруспут сиригэр ыытылларый? — диэн омнуолааһын баара мэлдьэһиллибэт.

Биһиги сыана артыыстарын курдук олоҥхону оонньоон көрдөрөөрү онно тиийбэппит, кинилэри бэйэлэрин кытыннаран, бэйэлэринэн тэрийтэрэн, саха төрүт култууратын, өйүн-санаатын, дьиҥнээх ыһыах диэн тугун билэллэрин-көрөллөрүн ситиһэбит. Мирнэй дьоно 2011 с. Олоҥхо ыһыаҕын ыспыттарынан бэркэ астыналлар, олохтоох сахалар ыһыах кэнниттэн сахалыыга сыһыан уларыйбытын, быдан ытыктабыллаах буолбутун бэлиэтииллэр. Алдан ыһыаҕа эмиэ оннук түмүктэниэхтээх.

Былыргы алгыс чээрэтинэн

Ханнык баҕарар улуус ыһыаҕы бэйэтигэр сыһыары тардан тэрийэр. Холобур, бүлүүлэр бу ыһыахха Марк Жирков үбүлүөйүн уонна Мастаахха тарҕаммыт күргүөм тойугу киллэрдилэр. Уопсайынан, Бүлүү дьоно-сэргэтэ ыһыаҕы үрдүк таһымҥа тэрийэргэ болҕомтолорун уурбуттара, кыһаммыттара көстөр. Барыта 22 эбийиэги, ол иһигэр Василий Румянцев аатынан спортивнай сааланы, тутан үлэҕэ киллэрдилэр, уонча кинигэни таһааран биир дойдулаах олоҥхоһуттарын үйэтиттилэр.

Ыһыаҕы арыйыы сиэригэр-туомугар Семен Иванов – Чочу Сэмэнин алгыһын сэргээтим, ытык кырдьаҕас атын омуктартан уратыбытын бэлиэтиир түҥ былыргы алгыс чээрэтин илдьэ сылдьар эбит.

Чахчыта даҕаны, Олоҥхо ыһыахтарынан сирэйдээн, сахалар атын омуктарга буккуспат, кинилэри кытары биир хааһыга киирэн хаалбат туһугар үлэлии-хамсыы сырыттахпыт!

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru

Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ түһэриитигэр: Ил Түмэн скиперэ, олоҥхо иккис Уон сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕын түмүктүүрүгэр Ытык Дуоҕаны Алдан оройуонун баһылыгын солбуйааччы Игорь Сахноҕа туттарар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0