Саха Республикатын Ил Дарханын сорудаҕынан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков кулун тутар 23-25 күннэригэр Кыргызстан Республикатыгар тиийэн Саха АССР төрүттэммитэ 100, саха норуотун уонна Кыргызстан судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр тустарынан официальнай кэпсэтиилэри ыытан кэллэ.
Александр Жирков Кыргыз Республикатын Судаарыстыбаннай Сэкирэтээрэ (вице-президент) Суйунбек Касмамбетовы, Кыргыз парламенын Бэрэссэдээтэлэ Талант Мамытовы, КР культуратын, информациятын, спордун уонна ыччат политикатын министрэ Азамат Жуманкуловы, онтон да атын официальнай дьону, ону сэргэ КР культуратын уонна искусствотын биллиилээх дьонун кытта көрүстэ. Александр Николаевич Саха Республикатыгар САССР төрүттэммитэ 100, М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр тустарынан иһитиннэрдэ, республика салалтатын аатыттан ыытыллыахтаах тэрээһиннэргэ кыттарга этии киллэрдэ.
Кыргызстан Республикатын Судаарыстыбаннай Сэкирэтээрэ Суйунбек Касмамбетов республика салалтатын аатыттан Кыргызстан Республикатын уонна Саха Республикатын икки ардыгар культурнай-гуманитарнай уонна да атын сибээстэри салгыы сайыннарыыга интэриэстээхтэрин эттэ. Кыргызстан Республикатын делегацията Саха Республикатыгар бэс ыйыгар, оттон Саха Республикатын делегацията Кыргызстан Республикатыгар барыллаан алтынньы-сэтинньи ыйдарга сылдьыахтара диэн сөбүлэһии барыла оҥоһулунна.
Александр Жирков Кыргызстан айар интеллигенциятын улахан бөлөҕүн кытта көрүстэ. КР парламенын Дьиэтигэр буолбут көрсүһүүгэ Кыргызстан народнай суруйааччылара Кенеш Жусупов, Анатай Омурканов, Бейшебай Усубалиев, Акбар Рыскулов, Жедигер Саалаев, Бактыгул Чотурова, Кыялбек Урманбетов, Нуржан Тентимишова о.д.а. кытыннылар. Кыргыз литературатын аксакаллара Александр Жирковка бырааттыы норуоттар икки ардыларыгар бигэ ситимнэһиилэригэр, 2017 с. Саха Республикатыгар литература уонна искусство күннэрин тэрийэн ыытыыга, эпостан саҕалаан литературалар айымньыларынан хардарыта тылбаастаныыларыгар уһун кэмнээх сыралаах үлэтин билинэн дириҥник махтаннылар. «Саха сиригэр аан бастаан кыргыз литературатын күннэрэ 1967 сыллаахха буолбуттара, – диэн эттэ көрсүһүүгэ Александр Николаевич. – Ол культурнай событие лоп курдук үйэ аҥаара, 50 сыл ааспытын кэннэ, 2017 с. Саха сиригэр кыргыз суруйааччыларын кытта көрсүһүү буолбута. Биһиги утумнааччыларбыт бу үтүө үгэһи салгыахтара уонна төрөөбүт тылларынан национальнай литература уонна искусство кыһалҕаларын ырытыахтара диэн эрэнэбин», – диэтэ.
Александр Николаевич Чингиз Айтматов бииргэ төрөөбүт балтын, биллиилээх учуонай, суруйааччы уонна общественнай деятель Роза Торекуловна Айтматованы, Чингиз Айтматов төрөппүт уолун, дипломат, общественнай деятель Асхар Айтматовы, КР Национальнай Академиятын Чингиз Айтматов аатынан тыл уонна литература институтун директора, академик Абдылдажан Акматалиевы, кыргыз народнай суруйааччыта Акбар Рыскуловы о.д.а. кытта биирдиилээн туспа көрүстэ. Кини Саха Республикатын Парламенын аатыттан Розетта Торекуловна Айтматованы 85 сааһынан эҕэрдэлээтэ. Республика Ил Дархана А.С. Николаев аатыттан эҕэрдэ тылларын тириэртэ.
Розетта Торекуловна СР Ил Дарханыгар иһирэх эҕэрдэтин иһин махталы тиэрдэргэ көрдөстө уонна Парламент государственноһын музейыгар, Саха Республикатын Национальнай библиотекатыгар кэлиҥҥи сылларга нуучча уонна кыргыз тылларынан тахсыбыт кинигэлэрин бэлэхтээтэ.
«Иссык-Куллааҕы форум» салайааччыта Асхар Айтматовы кытта норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэ инники үлэтин туһунан кэпсэтии буолла. Барыллаан, Иссык-Куль форума Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 95 сылыгар Азербайджаҥҥа ыытыллара ордук диэн сүбэлэһии буолла.
Александр Жирков Алыкул Осмонов аатынан Национальнай библиотекаҕа сырытта. Бу библиотекаҕа 2012сыллаахха, Максим Аммосов төрөөбүтэ 115 сылыгар Александр Жирков көҕүлээһининэн М.К. Аммосов фондата тэриллибитэ. Бу сырыытыгар Александр Жирков Кыргызстан киин библиотекатыгар Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга тахсыбыт кинигэлэри бэлэхтээтэ. Библиотека директора Нуржан Имакулованы кытта көрсүһүүгэ Саха сирин Парламенын бастакы вице-спикерэ Национальнай библиотекаҕа саха кинигэлэрин анал фондатын тэрийэргэ уонна Саха Республикатын Национальнай библиотекатын кытта бигэ сибээһи олохтуурга этии киллэрдэ. Үлэ маннык киэбин бастакы вице-спикер КР Национальнай музейыгар тэрийэргэ эттэ. «Саха Республиката эһиги музейгыт фондатын, чуолаан М.К. Аммосов Кыргызстаҥҥа үлэлээбит кэрдииһин сырдатар эбии матырыйаалларынан толорууга кыттыах этэ”, – диэтэ кини.
“Аан дойду норуоттарын эпостара” норуоттар икки ардыларынааҕы Ассоциация вице-президенин быһыытынан Александр Жирков араас тэрээһиннэргэ сылдьан билистэ. Кини Гульмира Жакиеваҕа төрөппүттэрэ – Кыргызстан Республикатын Геройа, КР народнай суруйааччыта, “Аан дойду норуоттарын эпостара“ норуоттар икки ардыларынааҕы Ассоциация Президенэ Бексултан Жакиевич Жакиев уонна кэргэнэ Сабирабига Жакиева олохтон барыыларынан дириҥ кутурҕанын тиэртэ, кинилэр уҥуохтарыгар сылдьан сибэкки уурда.
Кыргызстан Республикатын Судаарыстыбаннай сэкирэтээрэ Суйунбек Касмамбетовы, КР Парламенын Бэрэссэдээтэлэ Талант Мамытовы кытта көрсүһүүгэ Александр Жирков Кыргызстан Республикатын Правительствота уонна Парламена Норуоттар икки ардыларынааҕы Ассоциация үлэтин өйүөхтэрэ диэн эрэнэрин эттэ. «Аан дойду 16 Судаарыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ тэрийбит уонна аан дойду эпическэй эйгэтигэр үйэ чиэппэрэ кэриҥэ үлэлээн кэлбит тэрилтэ салгыы үлэлиэхтээх уонна бу тэрилтэ киинэ Кыргызстааҥҥа хаалыахтаах», – диэн этии киллэрдэ. Кыргызстан Республикатын Судаарыстыбаннай Сэкирэтээрэ Суйунбек Касмамбетов Александр Жирков этиитин өйөөтө уонна Ассоциация үлэтэ, аан дойду норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ уонна тарҕатыыга аналлаах бырайыактар Кыргызстааҥҥа салгыы өйөнүөхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.
Кыргызстан Республикатын “Манас” диэн соторутааҕыта аһыллыбыт театрыгар истиҥ көрсүһүү буолан ааста. «Аан дойду норуоттарын эпостара» тэрилтэ вице-президенэ Александр Жиркову кытта көрсүһүүгэ Кыргызстан биллиилээх манасчылара, аччыгый эпоһы толорооччулар – дастанчылар уонна норуот ырыаһыттара – акыннар муһуннулар. Александр Жирков мустубут дьоҥҥо Саха Республикатыгар эпическэй нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ уонна тарҕатыыга үлэ туһунан кэпсээтэ, “Манас” киинэ Саха Республикатын Олоҥхотун театрын уонна Олоҥхо дьиэлэрин кытта билсиһэн, икки омук эпическэй нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа уонна тарҕатыыга үлэлэһэллэригэр эттэ.
Александр Жирков үс сыл сабыллан турбут Кыргызстан Национальнай театра аһыллыытыгар кытынна. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр былааннарын быһыытынан Кыргызстан Национальнай театра бу күһүн Саха сирин артыыстарын көрсүөҕэ.
Түмүккэ Бишкек куоракка олорор саха дьонун кытта истиҥ көрсүһүү буолла. Александр Николаевич көҕүлээһининэн, өссө 2012 сыллаахха “Олоҥхо” диэн Кыргызстаҥҥа олорор сахалар түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Кыргызстан Норуоттарын Ассамблеята туспа кабинет биэрбитэ. Онон саха диаспората Киргизскэй ССР Компартиятын Киин Комитетын Бастакы сэкирэтээрэ М.К. Аммосов 1937 сыллаахха үлэлээбит дьиэтигэр анал хос бэриллэн, онно түмсэр буоллулар.
Александр Жирков биир дойдулаахтарыгар республикабыт, республика төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах былааны кэпсээтэ, ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. Саха диаспоратын бэрэстээбиитэллэрэ Александр Николаевичка куруук болҕомтотун, өйөбүлүн иһин махтаннылар, былааннарын, кыһалҕаларын кэпсээтилэр. “Кыргызстааҥҥа буолар официальнай, онтон да атын тэрээһиннэргэ анаан кыттаргытыгар эһиги туох-ханнык иннинэ Сахаҕыт сирин, төрөөбүт норуоккутун көрдөрөҕүт. Онон эһиэхэ ити өттүгэр өйөбүл, көмө баар буола туруоҕа», – диэтэ Александр Николаевич.
Көрсүһүү кэнниттэн саха диаспоратын кыттыылаахтара
А.Н. Жирков көҕүлээһининэн 2012 с. Бишкек куорат киинигэр Саха Республикатын уонна Кыргызстан Республикатын общественноһын күүһүнэн туруоруллубут М.К. Аммосов мэҥэ өйдөбүнньүгэр сибэкки уурдулар.
Саха сиригэр төннөн иһэн Москваҕа Александр Жирков Российскай Федерацияҕа Кыргызстан Республикатын посола Гульнара-Клара Саматы кытта көрүстэ.
С. Васильев.