Александр Саввинов: «Соруктары суһаллык быһаарыахтаахпыт, Арктика кэтэһиэ суоҕа»
СИА-ҕа интервьютугар Арктиканы сайыннарыыга уонна Хоту дойду норуоттарын дьыалаларыгар миниистирэ Александр Саввинов ааспыт Дьокуускай мээрин быыбарын, бу саҥа дуоһунаһыгар ханнык бастакы уочараттаах соруктары быһаарар баҕалааҕын туһунан кэпсээтэ.
— Мээр быыбарыгар эйигин мээр буолуо дии санаабыттара. Хотторуугун хайдах ылынныҥ? Кэмсинэҕин дуо?
— Бөлүһүөктүү ылыммытым – оннук иитиилээхпин. Олоххо сөптөөх суолу аастым, балтараа сыл үлэтэ суох эмиэ сылдьыбыттааҕым. Тугу эрэ оҥорбокко, уларыппакка хааллым диэн хомойуу баара. Быыбар хампаанньатын кэмигэр дьону кытта үгүстүк көрсүбүтүм. Ол эрээри быыбар диэн быыбар, ким эрэ хотторуохтаах буоллаҕа. Ол туһунан “хотторуута кинини самнарда”, “кини уйатыгар уу киирдэ” диэн суруйбуттарга этэбин: “доҕоттоор, оннук буолуо суоҕа!”
— Бэйэбинээҕэр, дьиэ кэргэним туһугар ордук долгуйбутум диэбитиҥ. Чугас дьонуҥ хайдах ылыммыттарай?
— Хара ааныттан кинилэр мээргэ киирсэрбин сөбүлээбэтэхтэрэ. Чугас дьонум маны барытын олус ыараханнык ылыммыта. Социальнай тиһиктэргэ миигин хараардан суруйбуттарын билэҕин. Холобур, уолугар сири биэрбит диэн суруйбуттара эрээри, бу “Уһук Илиҥҥи гектар” буоларын туһунан суруйалларын умнубуттар. Итинник хабааннаах элбэх. Биллэн турар, дьиэ кэргэммэр бөрүкүтэ суох дьайыылааҕа миэхэ ордук ыарыылаах этэ. Үгүс билэр дьонум мин туспар долгуйбуттара. Кимиэхэ да куһаҕаны оҥорботохпун дьон билэр уонна эмискэ – маннык буолан хаалар. Бу маны оҥорбут дьон суобаһыгар хааллын. Биһиги бэйэбитин дьоһуннук көрдөрдүбүт дии саныыбын: ыраастык уонна аһаҕастык.
— Эн Куорат Дууматын спикерин кириэһилэтигэр 15 тахса сыл олордуҥ. Тугу ситистим дии саныыгын?
— Дьиҥэ, ситиһии элбэх. Мин үлэлиир кэммэр үгүс мээр да уонна утарсыы да баара. Хайдах да балаһыанньаҕа бэрэстэбиитэллээх уорган киниэхэ сүктэриллибит сорудаҕы дьоһуннук толоруохтаах. 2003 сылтан кылгас болдьоххо бигэ нормативнай базаны оҥордубут, бастатан туран, олохтоох салайыныыны олоххо киллэриигэ. Маныаха Дьокуускай куоратынан эрэ муҥурдамматыбыт, өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын тэрийдибит, сөптөөх таһымҥа таһаардыбыт. Оччолорго үгүс ыйытыы баара: олохтоох салайыныы диэн тугуй, хайдах үлэлиэхтээҕий. Биһиги бу үлэни ыыппыппыт. Түмүгэр Куорат Дууматыгар эрэ Уһук Илин федеральнай уокуругар олохтоох салайыныынан дьарыктанарга итэҕэйбиттэрэ. Биһиги бары муниципаллары түмэр кыахтаммыппыт, үгүс көҕүлээһиннэр биһигиттэн тахсыбыттара. Бу туһунан муннук аайы хаһыытаабатахпыт уонна былааҕынан далбаатамматахпыт.
Төһө да үгүс утарсыылар баалларын үрдүнэн, Куорат Дуумата баһылыктар ыйыыларынан куоластыыр массыынаҕа кубулуйбатаҕа. Дьокутааттарбыт этиилэрэ олоххо киирэрин ситиспиппит. Оҕо саадтара, оскуолалар, суоллар, Арассыыйаҕа бастакы муниципальнай ипэтиэкэ – биһиги көҕүлээһиммит. Биһиги үлэбит көмөтүнэн Саха сирин атын оройуоннарыгар бэрэстэбиитэллээх уорганнар бэйэлэрин аналларын өйдөөбүттэрэ.
— Билигин үлэҥ ыыра кэҥээтэ. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэҥ уопута суоҕуттан куттаммаккын да?
— Маннык дии санаабаппын. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччынан үлэлээбитим. Бу иннинэ обкомҥа Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи көс аҕа ууһун общиналарын хааччыйыынан дьарыктаммытым. Эдьигээн оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлээбитим. Хайа уонна хоту дойдуттан төрүттээхпин дии. Индигииргэ күн сирин көрбүтүм, Өлөөҥҥө улааппытым, онно оскуоланы бүтэрбитим. Хос эһэм төрдүтүнэн Муомаҕа, Абыйга, Орто Халымаҕа аймахтарым бааллар. Онон Арктика миэхэ – туора сир буолбатах.
— Анаары сылдьалларын туһунан истэн баран, тута сөбүлэспитиҥ дуо?
— Ахсынньы ыйга этии киирбитэ, өр толкуйдаабытым.
— Саха сирин баһылыга эн иннигэр ханнык соруктары туруорда?
— Айсен Сергеевич Арктика кыһалҕаларын кэлимсэтик быһаарар кыахтаах күүстээх министиэристибэ тэриллиэ диэбитэ. Уустук соруктар тураллар: федераллары, пограничниктары, аэропортары кытта үлэлиэхтээхпит, Арктикаҕа туризмы сайыннарыахтаахпыт, инвестициялары тардыахтаахпыт уо.д.а. Арктикаҕа кыһалҕа элбэх, ол эрээри саамай сүрүнэ – Арктика тобох бириинсибинэн хааччыллыа суохтаах диэн чунуобунньуктар өйдөрүн-санааларын уларытыахтаахпыт. Ил Дархан миэхэ бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Арктика сайдыытын кэлимсэ бырагырааматыгар тирэҕирэн хас биирдии министиэристибэ уонна биэдэмистибэ үпкэ докумуоннарыгар “Арктика” строката баар буоларын ситиһэр соругу туруорда. Маны ситиһиэм.
— Хамаандаҥ састаабын чопчулаатыҥ дуу уонна кимнээҕи ыҥырар былааннааххыный?
— Министиэристибэ штатын ахсаана хайы-үйэ бигэргэннэ – 23 киһи. Кинилэртэн иккитэ Тас сибээскэ министиэристибэттэн кэлиэҕэ, кинилэр хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын боппуруостарынан дьарыктаныахтара. Арктика сайдыытын уонна Хоту дойду норуоттарын министиэристибэтин эйгэтигэр хоту дойду бары олохтоохторо киириэхтэрэ диэн тута этэбин. Биллэн турар, хамаанданы талыахпыт, эдэр уонна ураты көрүүлээх исписэлиистэргэ ордук болҕомтону ууруохпут.
— Чопчу хардыыларга тохтоотоххо: туохтан саҕалыыр былааннааххын?
— Бастатан туран, аҕыс улууһу Арктика зонатыгар киллэрии боппуруоһун быһаарыы. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу стратегическай суолталаах. Саха сирин сирин-уотун 52 % — Арктика уонна хотугу оройуоннар, ол эрээри 2014 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕар олоҕуран, биэс эрэ оройуон Арассыыйа Федерациятын Арктикатааҕы зонатыгар киирбитэ. Биһиги бастакы сорукпут буолар уонна манан дьарыктана сылдьабыт, ол өссө аҕыс улууһу манна киллэрэр туһугар. Оччоҕуна атын үбүлээһин, атын көрүүлэр буолуохтара, тобох бириинсибинэн буолбатах.
Арктика Госкэмитиэтэ уонна Экэниэмикэ министиэристибэтэ үгүс үлэни ыыппыттарын бэлиэтиибин. Манна олоҕуран, биһиги Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин Уһук Илин уокурукка Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев аадырыһыгар бу боппуруоһу кини салайар судаарыстыбаннай хамыыһыйата көрөрүгэр сурук бырайыагын бэлэмнээтибит.
Иккиһинэн, Арктика сайдыытын судаарыстыбаннай бырагырааматын ылынар олох наада. Бу бырамыысыланнас баһылааһына саҕаланнаҕына, дьон интэриэһин туһунан умуннарбат сүрүн докумуон буолуоҕа. Оттон бу сотору кэминэн саҕаланыаҕа, онон манна бэлэм буолуохтаахпыт.
Үсүһүнэн – Арктикаҕа хаһаайыннааһын үгэс буолбут дьарыктарын оннунан хаалларыы. Төрүт дьарыктары сүтэрдэхпитинэ, норуоттары сүтэриэхпит. Наада буоллаҕына, сокуоҥҥа уларытыылары киллэриэххэ. Бу өттүгэр үгүс үлэ күүтэр. Үгэстэри умнар табыллыбат.
— Хайдаҕын да иһин, Арктика – Киһи хапытаалын сайдыытын өттүттэн өрөспүүбүлүкэ уонна дойду кыра кыахтаах чааһа буолар. Бу кыһалҕаны хайдах быһаарыаххытый?
— Сөпкө этэҕин – билигин 13 оройуоҥҥа балаһыанньа уустук. Баара-суоҕа 68,2 тыһыынча киһи Саха сирин сирин-уотун 52 быр. олорор. Маныаха дьиҥнээхтик үлэтэ суох буолуу өрөспүүбүлүкэтээҕэр үс төгүл үрдүк. Атын өттүттэн көрдөххө – куһаҕана суох база баар: оскуолалар, култуура эбийиэктэрэ, толору хааччыллыылаах дьиэ-уот. Кэлэр өттүгэр маннык усулуобуйаны оройуоннар кииннэригэр эрэ буолбакка, барытыгар тэрийиэхпит. 2022-2023 сылларга Арассыыйа Арктика судаарыстыбаларын саммитын салайыаҕа уонна саммиты Дьокуускайга ыытар туһугар чопчу үлэни тэрийиэхпит.
Ол эрээри мин санаам – Арктикаҕа дьону тардыахпытын баҕарар буоллахпытына, бырамыысыланнай баһылааһына суох кыаллыбат. Бу Киһи хапытаалын сайыннарыыга тирэҕинэн буолуоҕа. Билигин онно эр дьоҥҥо үлэ суох, сүрүннээн, дьахталлар үлэлээхтэр.
— Арктикаҕа экэниэмикэҕэ көдьүүстээх буолуутун өттүттэн сыһыаннаһар сыыһа дии санаабаккын дуо? Хайдаҕын да иһин, онно олорорго усулуобуйа суох, ол аата дьон тоҕо анньан кэлэрин кэтэспэппит буолуо.
— Ыйытыыҥ иһин махтанабын. Дьон, биллэн турар, бастакы уочарат. Билигин бу 13 оройуоҥҥа өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 7 % олорор. Көһөн барыы кыһалҕата уонна үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ ылар өлүүтэ аччааһына, саастаах дьон ахсаана элбээһинэ бэлиэтэнэр. Кыһалҕа барытыгар баар уонна бары боппуруостарга.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быстах миэрэлэринэн балаһыанньаны көннөрүөхпүт суоҕа диэн сөпкө этэр. Ол иһин судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа кэлимсэ сыһыан туһунан этиллэр. Биһиги муус устар ыйга диэри Арктика сайдыытын федеральнай бырагырааматыгар киирэр туһугар бэлэм оҥоруохтаахпыт.
— Бу бырагыраама туох ис хоһооннооҕуй?
— Туох-ханнык иннинэ, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланыаҕа. Арктикаҕа олох бары сүрүн хайысхаларын хабыаҕа. Табаны иитии, балыктааһын, бырамыысыланнас үлэтэ. Бүгүн таба ахсаанын чиэппэрэ кэриҥэ аҕыйаата уонна 140 тыһыынча төбөҕө тэҥнэһэр. Мин көрүүбэр, итиннээҕэр аҕыйах. Биһиги баара-суоҕа биэс тыһыынча туонна балыгы ылабыт, оттон бу үгэс буолбут салаабыт эбээт. ОДьКХ, мөлтөх суол-иис, үрдүк сыана туһунан этэ да барбаппын. Бу түгэннэр барыта учуоттаныахтара.
— Ол эрээри табаны иитии уонна балыктааһын функциятын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна Экология министиэристибэтигэр биэрдилэр дуо?
— Оннук, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын ыйааҕар олоҕуран, табаны иитии Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бэриллэр. Балыктааһын өттүгэр биоресурсалары сүрүннээһин Экология министиэристибэтигэр, бырамыысыланнай балыктааһын – Тыа хаһаайыстыбатыгар чугас. Хайдаҕын да иһин, Арктика министиэристибэтэ бу боппуруостарынан дьарыктаныаҕа.
Бырамыысыланнай баһылааһын Бырамыысыланнас министиэристибэтигэр баар. Ол эрээри Арктика сирин-уотун үгүс чааһа – айылҕаны төрүт үгэскэ туһаныы миэстэтэ, маныаха сир баайын хостооччулар уонна төрүт олохтоохтор икки ардыларыгар тэҥ сыһыан олохтонуохтаах. Айылҕаны төрүт үгэскэ туһаныы сиригэр-уотугар сир баайын хостооччулар этнологическай эскпертизата суох хостуур бырааптара суох диэн сокуонунан бигэргэнэн турарын бэлиэтиэм этэ. Бу хайысхаҕа күүскэ үлэлиэхпит. Сир баайын хостооччулар олохтоохтор санааларын истэр баҕалаахтара үөрдэр.
Биллэн турар, бу боппуруостар хайдах туруулаһарбытыттан тутулуктаах. Маныаха Арктика олохтоохторун баҕа санааларын билиэхтээхпит. “Мин – миниистирбин, эттим да бүттэ” диир табыллыбат. Ол иһин ананаат да, Ытык Сүбэлэри кытта көрсүбүтүм.
— “Арктика кыһалҕаларыттан” биирдэстэрэ – хотугу таһаҕаһы тиэйии. Кэнники сылларга үгүс ыарахаттар бааллар. Урукку ньымалар үлэлээбэттэрэ билиннэ. Арктика оройуоннарын хааччыйыыга ханнык саҥа ньымалар баар буолуохтарай?
— Араас санаа баар. Хотугу таһаҕаһынан дьарыктанар чопчу туспа тэрилтэлэр баар буолуохтаахтар дии саныыбын. Маны сэргэ судаарыстыба субсидиялааһына уонна хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ сыананы сүрүннээһин баар буолуохтаах. Хотугу таһаҕаһы тиэйииттэн олох хаачыстыбата тутулуктааҕын умнар табыллыбат. Маны барытын үөрэтиэхпит.
— Эн өрөспүүбүлүкэ улахан чааһын хабар министиэристибэ баһылыга буоллуҥ. Социальнай да өттүнэн көрдөххө, уустук оройуоннар түбэстилэр. Бу сылы хайдах түмүктүүр былааннааххытый?
— Арассыыйа Арктикатааҕы зонатыгар аҕыс улууһу киллэрэри ситистэхпитинэ, улахан кыайыы буолуо этэ. Маны сэргэ, кэлимсэ бырагыраамаҕа сайдыы чопчу суруллуохтаах. Бу соруктары суһаллык быһаарыахтаахпыт, Арктика кэтэһиэ суоҕа.
Аркадий Васильев.