Александр Монастырев: «Саха сиригэр мэдиссиинэни сайыннарар сыаллаахпын»
2022 сыл муус устар ыйыгар, СӨ Билим дьоҕус академиятыгар, Өктөмҥө «Большие вызовы» билим бырайыактарын куонкурустарыгар сылдьаммын, Саша Монастыреву кытта билсибитим. Эдэр чинчийээччи үгүс кыттааччы, экспиэр биһирэбилин ылбыта. Кэпсиир, быһаарар быһыыта-майгыта, туттара-хаптара, элбэҕи билэрэ-көрөрө, тэҥниирэ, нууччалыы да, сахалыы да ыраастык саҥарара сөхтөрбүтэ.
Бүгүн — кини өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй — интэринээт выпускнига, абитуриент. Докумуоннарын биэс үөрэххэ биэрбит. Ол эрээри, талаһар үөрэҕэ — М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет. Биһиги саайпытыгар абитуриеннары өтөрүнэн сырдаппатахпыт. Онон эдэр уол санааларын, көрүүлэрин ааҕыҥ.
— Саша, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ?
— Дорооболоруҥ! Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй — интэринээт биология уонна химия хайысхатын бүтэрбитим. Дьокуускайга төрөөбүтүм, улааппытым эрээри, Чурапчы Боотуруттан төрүттээхпин. Ийэм эмчит идэлээх. Дьиэ кэргэммэр соҕотох оҕобун.
— Иван Шамаев салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй — интэринээти үгүс киһи билэр, Саха сирин киэн туттуута буолар, манна хаһан киирбиккиний?
— 2020 сыллаахха сайыныгар туттарса сатааммын, кыһыҥҥы оскуолаҕа мэктиэлээһин ылбытым. 2021 сыл тохсунньутугар эксээмэн туттаран киирбитим. Саамай сөбүлүүр предметтэрбинэн — математика, биология, химия, экология, биохимия, төрөөбүт литература уонна саха сирин устуоруйата буолаллара.
— Оскуола бэрэсидьиэнэ этиҥ дии?
— Саас 2021 сыллаахха лиссиэйгэ докумуоннарбын туттара сылдьан элбэх оҕону кытта билсибитим, кинилэр истэригэр Афоня Афанасьев диэн оскуола бэрэсидьиэнэ баара. Кинилиин бодоруһан, оскуола үөрэнээччилэр бэйэ салайыныы тэрилтэлэлэрин билбитим. Сэтинньигэ бэйэм хамаандабын хомуйан, быыбар иннинээҕи агитациялары, тэрээһиннэри тэрийэн хандьыдаакка туруоруммутум. Кыайыыны билэн, оҕолор интэриэстэрин көмүскүөм, туруорсуом диэн андаҕайбытым. Биэрбит тылбын дьоһуннаахтык толордум дии саныыбын.
— Дьэ, билимҥэ киириэххэ. Бастаан хайдах, хаһан саҕалаабыккыный?
— Бастакы научнай-чинчийэр үлэнэн 6 кылааска кыттыбытым. Саха сиригэр ойууннааһын хантан үөскээбитин уонна ханнык норуоттарга майгынныырын үөрэппитим. 7 кылааска, Саха сиригэр баар, наскальнай живописьтары(петроглифы) үөрэппитим. Өбүгэлэрбит дьарыктарын уруһуйдууллар эбит, онон кинилэр олохторун — дьаһахтарын билиэххэ сөп. 9 кылааска экология олимпиадатыгар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсаммын, «Индивидуальный проект» предмеккэ Дьокуускайга босхо сылдьар ыттарга хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн үөрэппитим. Хас билим кэмпириэнсийэтин ахсын кыайыы ситиһэр этим. Ол гынан баран, биирдэ, 7 кылааска, ангылыйалыы тылы үчүгэйдик билбэт буоламмын, куонкуруска ситиһиилээх миэстэҕэ тиксибэтэҕим.
Былырыын сайын ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы өй оонньууларын иһинэн ыытыллыбыт «Science Fair» кэмпириэнсийэҕэ үһүс «Науки о жизни, науки об окружающей среде и химические науки» сиэксийэҕэ иккис миэстэ буолбуппут. Салайааччыбыт — Попова Александра Семёновна. Биһиги биэс оҕо араас-араас конфкыттабыт. Хамаандабыт аата: «GRAEAE BioTech». Социальнай ситимнэргэ суруйдаххытына, тахсыаҕа. Биһиги бырайыакпыт уопсай санаата туохха сытарый? Аан дойду үрдүнэн температура үрдээн иһэр буолан, тымныы сирдэргэ араас ыарыылар уонна уларыйыылар кэлэн эрэллэр. Ол ыарыылар үүнээйилэргэ эмиэ охсууну оҥороллор. Сыл ахсын Саха сирин айылҕата, тыатын хаһаайыстыбата мөлтүүр. Онон биһиги аныгы ПЦР (полимеразная цепная реакция) генетическай ньымалары туһанан, ыарыылары эрдэттэн сэрэтэр тест — систиэмэлэри оҥоробут. Үлэбитин тохтоппокко салгыы турабыт.
-Ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕын? Дойдуҥ кэскилин кытта хайдах көрөҕүн?
— Мин үрдүк үөрэхтээх быраас буолуохпун баҕарабын. Саха сирин медицинатын күүһүрдэр, сайыннарар сыаллаахпын. Ону таһынан, бэйэм туспар улэлиир гына килииникэлээх урбаанньыт буолуом этэ. Билиҥҥи информация үйэтигэр элбэх уларыйыы кэлиэҕэ. Муҥура суох киэҥ Арассыыйабыт бу бириэмэҕэ бэлэмнэнэ сылдьар. Эдэрдэр программированиены, ускуустубаннай интеллектары баһылаан эрэллэр. Саастаах дьоннорбут хаалсыбакка, комьютердарынан тутталлар. Босхо үөрэх үгэнигэр утумнаахтык, дьаныардаахтык үөрэниэххэ наада. Сотору күрэстэһии элбээн иһиэҕэ. Итернет ситимигэр элбэх оҕо үөрэҕин усулуобуйата үөскээн эрэр.
—Саша, бэйэҥ сааскар олус дьоһуннаахтык толкуйдуур, олоҕу, тулалыыр эйгэҕин сыаналыыр, ыраҥалыыр эбиккин. Эн кэскиллээх сыалыҥ-соругун туоллун, өрүү ситиһии арыаллаатын диэн баҕа санаабын этэбин. Сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал!
— Эйиэхэ эмиэ улахан махтал! Ааҕааччылартан лаайктары күүтэбин!