Александр Ким-Кимэн эҕэрдэтэ

04.04.2017
Бөлөххө киир:

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит олоҕор-дьаһаҕар бэлиэ историческай күн тосхойдо. 1992 с. муус устар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин уон биирис уочарата суох сессиятыгар өрөспүүбүлүкэбит Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыныллыбыта. Бу докумуон преамбулалаах, 144 ыстатыйаттан турар 8 салаалаах уонна көһүү кэминээҕи балаһыанньалаах үс ыстатыйалаах. Уонна Сэбиэскэй кэннинээҕи Россия бастакы Конституциятынан буолбута.

Өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституциятын бэлэмнээһиҥҥэ уонна ылыныыга Саха сирин Судаарыстыбаннай Суверенитетын туһунан Декларация төһүү буолбута. Итиннэ 11 ыстатыйа этэринэн, “Декларация Якутскай-Саха ССР саҥа Конституциятын оҥорууга , РСФСР кытта дуогабары түһэрсиигэ, Сойуус дуогабарын түһэрсиигэ, өрөспүүбүлүкэ сокуонун тупсарыыга  тирэҕинэн буолбута”. Маны сэргэ Үрдүкү Сэбиэт 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ баһылыктаах 57 киһилээх “Якутскай-Саха ССР Конституционнай хамыыһыйатын тэрийэр туһунан” уурааҕы ылыммыта. Хамыыһыйа чилиэннэриттэн Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы уонна Конституционнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.М.Власов салалтатынан оробуочай бөлөх тэриллибитэ уонна Конституционнай хамыыһыйа бүтэһик пленарнай мунньаҕар – 1992 сыл муус устар 2 күнүгэр диэри үлэлээбитэ.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит Төрүт Сокуона ылыллыаҕыттан үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, өрөспүүбүлүкэбит дьиҥнээх патриоттарын сүҥкэн  оруолларын бэлиэтиибит. Кинилэр көмөлөрүнэн Декларация идеялара олоххо киирбиттэрэ уонна кимиилээх демократическай сайдыы бигэ тирэҕэ ууруллубута. Бастатан туран, бу М.Е.Николаев, К.Е.Иванов, В.М.Власов, М.М.Федоров, Д.Н.Миронов, Е.М.Ларионов, Ф.Г.Охлопков, А.П.Илларионов, В.В.Кириллин, Е.П.Жирков уонна да атыттар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын ылыныы уопсастыба уонна судаарыстыба олоҕун бары эйгэлэрэ сайдыыларыгар саҥа сүүрээни киллэрбитэ. Саха сирин саҥа Конституцията судаарыстыба сүрүн сыалынан гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин олоххо киллэриини уонна көмүскээһини ааттаабыта. Судаарыстыбаннай былаас саҥа үрдүкү уорганнарын – Бэрэсидьиэни (билигин Ил Дархан),  Судаарыстыбаннай Мунньаҕы (Ил Түмэни)  – Парламены  уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун олохтообута — балар бары былааһы тыырсыы бириинсибигэр олоҕураллар. Бүгүн биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан, Парламенынан уонна Конституционнай суутунан сирэйдээн былаас туруктаах  триумвиратын  көрөбүт. Судаарыстыбаннай тутууга былаас структураларын ситиһиилээхтик тэриллиитэ уонна үлэлээһинэ ситиһилиннэ. Биһиги норуот бүттүүн талбыт лидердэригэр, өрөспүүбүлүкэбитин араас сылларга салайбыт Михаил Николаевка, Вячеслав Штыровка уонна Егор Борисовка дириҥник махтанабыт.

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституцията (Төрүт Сокуона) Саха сирин политическай олоҕун  XX үйэ 90-с сылларыгар сүҥкэн оруолу ылан, киһи уонна гражданин быраабын бириинсиптэрин көмүскээһиҥҥэ, федерализмҥа, Российскай Федерация судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын икки ардыларыгар боломуочуйаны араарыыга, Саха сирин элбэх нациялаах норуоттарын култуураларын илдьэ сылдьыыга уонна сайыннарыыга олоҕуран судаарыстыбаннаһы сайыннарыы саҥа правовой тирэҕинэн буолбута.

Александр Ким-Кимэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0