Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин ортотугар барытыгар дэгиттэр дьоҕурдаах, талааннаах дьон элбэҕин астына бэлиэтиибин. Ити чахчытын кинилэр араас тэрээһиннэригэр, идэлээх бырааһынньыктарыгар көрөн итэҕэйиэххэ сөп.
Бүгүн кэпсиир полицейскайым туһунан “киинэ сценарийдарын, кэпсээннэри суруйар” дииллэрин истибитим. Уус-уран айымньыны ылбычча киһи суруйбат-айбат, онон, кинилиин көрсөн кэпсэтэргэ санаммытым. Билсиҥ — Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ис дьыалаҕа отделын оперативнай дьуһуурунайа, полиция младшай лейтенана Александр Иванов.
Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр 1986 сыллаахха төрөөбүт.
Оскуола кэнниттэн Байкаллааҕы экономика уонна быраап судаарыстыбаннай университетыгар юрист идэтигэр үөрэммит.
Ол үөрэнэр кэмигэр “Киин” араадьыйаҕа Эрчим диэн аатынан үлэлээбит.
Үөрэнэ сылдьан, ыал буолан, кэтэхтэн үөрэххэ көһөн, Чурапчыга көһөллөр.
2007 сыл атырдьах ыйыттан – ис дьыала уорганнарыгар: Чурапчытааҕы Ис дьыала отделыгар экономическай буруйдары утары охсуһар салаа оперболомуочунайынан, 2009 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ис дьыалаҕа отделын дьону быстах кэмҥэ тутар изоляторга конвоирынан, 2011 сылтан күн бүгүнүгэр диэри дьуһуурунай чааска үлэлиир.
2012 сыллаахха Хотугу Осетия-Алания Өрөспүүбүлүкэтигэр полиция своднай этэрээтигэр талыллан, сыл аҥаардааҕы командировкаҕа сылдьыбыта.
Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр: кини улаханнара, икки балтылаах.
Кэргэннээх, икки уол оҕолоох.
Милииссийэ эдэр көмөлөһөөччүтэ
Быраабы араҥаччылыыр уорганнарга сулууспалыыр баҕа үөскүүрүгэр туох төрүөт буолбутай, туох дьайбытай диэн, кэпсэтэр дьоруойдарбыттан куруук интэриэһиргээччибин. Киһи эрэ итинник ыарахан үлэни баҕатыйан туран талбатын иһин. Александртан да ону ыйыттым.
Киниэнэ оҕо эрдэҕиттэн баҕа санаата эбит: алын кылаастарга үөрэнэ сылдьан, милииссийэ үлэһиттэрин уруһуйдуурун, оччолорго “Следствие ведут знатоки”, “Анискин” диэн дойду үрдүнэн аатырбыт элбэх сиэрийэлээх киинэлэри сөбүлээн көрбүт эбит. “Олор да дьайыылара буолуон сөп”, — диир Александр.
Онтон үрдүкү кылаастарга тахсан, юрист биитэр милиционер буоларын чуолкайдык быһаарыммыт. Ол кэмҥэ оскуолатыгар “Милииссийэ эдэр көмөлөһөөччүтэ” (ЮДМ) этэрээтэ тэриллэн, кини онно бастаан чилиэнинэн, онтон хамандыырынан сылдьыбыт. Оскуола бары тэрээһиннэригэр бэрээдэги көрөр, анал дастабырыанньалаах уолаттар тылларын оҕолор истэллэрэ, толлоллоро үһү.
Сэттэ сылынан арыллыбыт өлөрүү
— Александр, үлэлиир кэмиҥ устатыгар биир эмит саамай өйдөнөн хаалбыт түбэлтэҕин кэпсиэҥ дуо?
— 2008 сыл атырдьах ыйын бүтүүтүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр тэллэйдьиттэр ойууртан киһи өлүгүн кырамталарын булбуттара. Оперативниктар онно айаннаабыппыт. Ордубут таҥас лоскуйдарыттан сылыктаан, өлүөхсүт кыыс дии санаабыппыт, ону кэлин экспертэр бигэргэппиттэрэ. Ону таһынан, кыыс хаһан, туохтан өлбүтүн эмиэ быһаарбыттара.
Улуустарга Ис дьыала отделларыгар, Дьокуускай куоракка ирдэбил суруктары ыыппыппыт түмүгэр, Таатта улууһуттан 2002 сыллаахха биир кыыс сураҕа суох сүппүтүн уонна көстө илигин туһунан бигэргэтии кэлбитэ. Холуобунай дьыала тэриллэн, кыыс интэринээккэ икки киһини кытта бииргэ арыгы испиттэрэ, ол дьон кыыһы өлөрбүттэрэ биллибитэ, буруйдаахтар иккиэн сууттаммыттара. Ити курдук 2002 сыллаахха буолбут өлөрүү 2009 сыллаахха арыллыбыта.
“Манна даҕатан эттэххэ, милииссийэҕэ сулууспалыы киирбиппэр, бастакы настаабынньыктарбынан Дмитрий Скрябин (билигин Уус Алдан улууһун отделын начаалынныга), Дмитрий Евграфов (оччолорго Чурапчытааҕы Ис дьыала отделын холуобунай ирдэбилгэ отделениетын начаалынньыга, билигин полиция астаапкаҕа майора), Никита Макаров (оччолорго холуобунай ирдэбил оперболомуочунайа, билигин пенсионер), Михаил Уваров (Чурапчытааҕы Ис дьыала отделын холуобунай ирдэбилгэ отделениетын старшай оперболомуочунайа, билигин да ол дуоһунаһыгар үлэлии хамсыы сылдьар) буолбуттара”, — диэн Александр бииргэ үлэлээбит дьонун махтана ахтар.
“Дьуһуурка” – сэлэһэр сир буолбатах
Полиция дьуһуурунай чааһа – олох хараҥа өрүттэрин туоһулуур иһитиннэриилэр түмүллэр кииннэрэ. Күннэтэ, түүннэри-күнүстэри бэрээдэги кэһии, буруйу оҥоруу туһунан сайабылыанньалар, тыллабырдар манна киирэллэр. Дьуһуурунайтан, иһитиннэрии киирээтин, быһылаан буолаатын, суһал миэрэлэри ылыы ирдэнэр.
Ол эрэн, дьуһуурунай чаас үлэтигэр өссө биир көстүбэт өрүт баар эбит, ол – арааһа, соҕотохсуйан, кимниин да сэлэһэр киһитэ суох буолан буолуо, хат-хат эрийэн, көннөрү кэпсэтэ-сэлэһэ сатыыр дьон баара. Сүрүннээн, эмээхситтэр-оҕонньоттор төлөпүөннүүллэр эбит. “02” нүөмэргэ эрийэн баран, “туох сонун?” диэн ыйытыыны иһиттэҕинэ, Александр бу киһи көннөрү кэпсэтээри эрийбитин өтө таайан, полиция дьуһуурунай чааһа сэлэһэр сир буолбатаҕын төһө кыалларынан холкутук быһааран биэрэргэ кыһаллар.
Айар үлэ алыбыгар
Ыстатыйам дьоруойа айар үлэ үөһүгэр сылдьарын истэммин, сөҕө санаатым – тоҕо диэтэр, полиция үлэтэ киһи тыынар да солото суох курдук ноҕоруускалаах сулууспа буоллаҕа.
Ол курдук, Александр Аркадий Новиков “Көөчөөн көрө” диэн көр-күлүү мини-тыйаатырыгар үлэлэспитэ үһүс сылыгар барбыт, сценкаларга оонньуур.
Үгэс быһыытынан, Саҥа дьыл аайы бу тыйаатыр көрдөөх киинэлэри устарын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо билэр, көрбүт буолуохтаахтар. Александр “Бэлэх”, “Аптаах күлүүс” диэн кэпсээннэринэн киинэлэри уһулбуттара. “Көөчөөн көрдөрө” билигин кини сценарийынан кэмиэдьийэ уста сылдьаллар, ахсынньы бүтүүтүгэр таһаарар былааннаахтар. Тыйаатыры кытта гостуруолга уоппускатын кэмигэр тэҥҥэ сылдьар.
Маны сэргэ, айар куттаах полицейскай сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ тамадалыыр эбит. Оттон иллэҥ кэмин дьиэ кэргэнигэр анаан, киинэҕэ сылдьалларын, айылҕаҕа сынньаналларын, тэллэйдииллэрин, ас астыырын, кустуурун сөбүлүүр.
Александр билигин “Холуонньа#8” диэн Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана Кэмпэндээйигэ туус хостооһунугар үлэлээбит хаайыылаахтар дьылҕаларын туһунан сэһэн суруйа сылдьар. Биэнсийэҕэ таҕыстаҕына, айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар баҕалаах. Билиҥҥитэ сөбүлээн ааҕар ааптардарынан Леонид Диодоров уонна Виталий Егоров буолаллар. Уруккута быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлээбит, сахалыы, нууччалыы тылынан суруйар юрист-ааптардар Николай Борисов-Ньукулай Уус, Май Емельянов, Леонид Диодоров, Алексей Ефимов, Виталий Егоров, Иннокентий Андреев билигин киэҥ ааҕааччыга биллэллэр. Александр Ивановтан кэлин, баҕар, кинилэр туйахтарын хатарар, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх ааптар тахсыаҕа диэн эрэнэбин.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: А.Иванов тус архыыбыттан