Александр Горохов: «Коронавирус дьаҥын кэмигэр мэдиссинискэй страховка балыыһаларга уонна страховкаламмыттар бырааптарын көмүскүүргэ тирэх буолар», — диэн этэр.
Мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) Саха сиринээҕи пуондатын дириэктэрэ Александр Горохов, пандемия бары мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэлэригэр, тоҕоостоох кэмигэр диагностиканы туоруорууга, COVID-19 дьаҥын эмтиииргэ, бохсорго сабыдыаллаах буолла диэн эттэ. Кини маннык мэдиссинискэй страховка тиһигэ балыыһаларга уонна страховкалаах дьоҥҥо пандемия кэмигэр бырааптарын көмүскүүргэ тирэх буоларын быһаарда.
– Пандемия кэмигэр доруобуйа харыстабылын тиһигэ олус улахан ноҕоруусканы көрүстэ. Маныаха тустаах бары ресурсалар сөптөөх дьаһаныыларыттан (тэрийии, быһаарыы үлэлэрэ, үп-харчы боппуруоһа, каадыр үлэтэ уо.д.а.) дойдубут инники кэскилэ тутулуктаах. «Доруобуйа харыстабылын тиһигэ үп-харчы өртүнэн туруктаах буоларыгар, Федеральнай таһымҥа улахан быһаарыылар ылылыннылар», — диэн ОМС Федеральнай пуондатын бэрэссэдээтэлэ Елена Чернякова этэр.
Доруобуйа харыстабылыгар үрдүкү былаас уорганнарын, ОМС территориятааҕы пуондатын уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрин былааннаахтык дьаһанан үлэлээһиннэриттэн, коронавирус дьаҥын бохсуу балаһыанньата улахан тутулуктаах. Коронавирус дьаҥын тарҕаппат, бохсор, дьону-сэргэни харыстыыр туһуттан, бу дьаҥҥа сыһыана суохтары, былааннаммыт эмтээһиннэри, көмөнү оҥоруулары тохтотон эрэргэ, күнүн-дьылын уларытан биэрэргэ быһаарыылар ылылланнар үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук, поликлиникаларга профилактическай мэдиссиинискэй көрүүлэр уонна нэһилиэнньэ бары араҥатыгар ыытыллар диспансеризациялар тохтотуллубуттара. Бу — 69,2 тыһ. мэдиссиинэ өҥөтө; суһал көмөҕө наадыйбат ыарыһахтарга лабораторнай-инструментальнай чинчийиилэри ыытыы хааччахтаммыта. Онон 2020 сыл иккис кыбаарталыгар чэбдигирдэр тэрээһиннэри ыытарга көрүллүбүт эбэһээтэлинэй мэдиссиинискэй страховка (ОМС) үбүттэн 400 мөл.солкуобайтан тахса, пандемияны утары охсуһуу чэрчитинэн, поликлиникалары үбүлээһиҥҥэ тыырыллара быһаарыллар. Ол гынан баран, бу саҥаттан үллэрии, эпидемиологическай балаһыанньа уустугуруута ааһан-араҕан биэрбэт түгэнигэр.
Нэһилиэнньэ былааннаммыт госпитализация туһунан мунан-тэнэн ыйытара элбэх. Билиҥҥитэ толору кээмэйинэн мэдиссиинэ көмөтө искэн ыарыылаахтарга, сүрэх-тымыр ыарыһахтарга, эндокринологиялаахтарга уонна бүөрдэринэн эмтэнээччилэргэ (гемодиализка) эрэ оҥоһуллар.
Онтон атын пациеннарга, сыһыарыллыбыт бырапыыскалаах поликлиникаларыгар, киириилэрэ хааччахтаах, өскөтүн эмтиир быраастара биэрбит, олохтоммут ирдэнэр кумааҕыта (напраление) баар эрэ буоллаҕына. Онуоха, эмтиир быраастар бу киһи доруобуйатыгар улахан куттал суоһаабат буоллаҕына, кинилэр этэҥҥэ сылдьалларын туһугар харыстааннар, былаан быһыытынан балыыһаҕа киириэхтээҕин коронавирус дьаҥын балаһыанньата ааһыар, намырыар диэри тохтотон эрэллэригэр сүбэлээн биэрэллэр. Оттон ыарыһахха суһал көмө наада буоллаҕына, биллэн турар, балыыһаҕа киллэрии уталытыллыбат. Аны дьарҕарбыт ыарыылаахтар, коронавирус дьаҥыттан хаптарбат туһуттан, мөлтөөбөккө, бэргээбэккэ этэҥҥэ сылдьар буоллахтарына, поликлиникаҕа кэлэллэрин тохтотон эрэллэрэ ордук. Оттон туруктара мөлтүүр түгэнигэр, бырааһы дьиэҕэ ыҥырар наада. Маны сэргэ, поликлиникалар кыайан үлэлээбэт дьону балыыһаҕа ыҥырбакка эрэ анал кумааҕыларын толорон биэрэллэр итиэннэ ыраахтан олорон эмтэрин-томторун суруйаллар.
Коронавирус дьаҥын кэмигэр, биир саамай табыгастаах уонна хайаларыгар да куттала суох ньыманан, телемэдиссиинэ көмөтүнэн туһанан сүбэни-аманы биэрии буолар. Ол эбэтэр, ыарыһах поликлиникаҕа барбакка эрэ сүбэлэтэр кыахтаах.
Коронавирус дьаҥын бохсор туһуттан, төрриториятааҕы пуонда мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ бары пациеннары кытары тэйиччиттэн, ол эбэтэр дистанционнай ньыманан сибээһи туталларыгар сүбэлиир. Телемэдиссиинэ көмөтүнэн бэриллэр сүбэлэр-амалар кээмэйинэн хааччахтаммакка, мэдиссиинэ страховканы оҥорор тэрилтэлэринэн ыытыллыахтара.
2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллуохтаах мэдиссиинэ көмөтө ылыныллыбыт кээмэйиттэн 10-30%-ҥа диэри намтыыра, итинтэн көстөрүнэн, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр үп-харчы киириитэ эмиэ кыччыыра сабаҕаланар. Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр дохуот түһүүтэ эпидемиологическай быһыыттан-майгыттан сибээстэнэр, ол иһигэр харантыыҥҥа сабыллыы. Холобур, Дьокуускайдааҕы килиниичэскэй балыыһаҕа Перинатальнай киин бу сыл муус устар 19 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри санитарнай ыраастаныыга, дезинфекциялааһыҥҥа сабылларынан, мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу биллэ намтыыр. Ол курдук, 15,3 мөл.солк. мэдиссиинэ өҥөтө оҥоһуллубат. Итинник балаһыанньалар атын да мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр, харантыыҥҥа барыылар түмүктэринэн көстөллөр. Бу үп-харчы ырыымчыктыйыытыгар тиэрдэр кутталлаах, табыгаһа суох содулу туоратар инниттэн, мэдиссиинискэй көмө кээмэйэ толоруллуутуттан тутулуга суох, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин 100% абаансалыырга быһаарыы ылылынна.
Ол эбэтэр, эпидемиологическай быһыы-майгы тупсуор диэри, ОМС тиһигинэн үлэлиир өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ, үбүлээһини абаанса быһыытынан кээмэйи ылыахтара. Быйыл муус устар-ыам ыйдарыгар 2,6 млрд.солкуобайтан ордук үп стационарнай көмөнү үбүлээһиҥҥэ барыаҕа. Бу харчыттан, маны сэргэ, мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнастара, коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэригэр, эми-тому ылыыга уонна ороскуоттанар матырыйаалларга хантараактары төлүүргэ барыахтара.
СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ COVID-19 дьаҥы бохсорго, мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго, ону сэргэ куойкалары элбэтэргэ туһуламмыт үлэлэри далааһыннаахтык тэрийэн ыытар. 2020 сыл саҥатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ инфекционнай ыарыһахтары эмтииргэ 357 куойка баара. Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ, тустаан коронавирустаахтары эмтииргэ 485 куойкаҕа тиийдэ.
Мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго, COVID-19 дьаҥыгар хаптаран сэбиргэхтэппиттэргэ, олохтоммут тарыыптар ылыллыбыттара: ыарыы чэпчэки пуоруматыгар — 231 719 солк., ортокуга – 424 818 солк., ыараханнык ыарыйдахтарына — 463 438 солк. Онтон олус ыарахан сэбиргэхтэтиигэ, COVID-19 кытта ситимнээх буоллаҕына, тарыып — 840 994 солкуобай. Лабораторияларга күҥҥэ 1000-тан тахса анаалыс оҥоһуллар. COVID-19 анаалыһын оҥорор, быһаарар лабораториялар бары ОМС тиһигэр киириэхтэрэ. Манна туспа тарыып быһыллыбыта, биир анаалыс сыаната — 649 солкуобай.
Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ пандемияны бохсуу үлэтигэр эми-тому уонна да атын наадалаах малынан-салынан хааччыналларыгар, ол иһигэр бэйэлэрин харыстанар сириэстибэлэри атыылаһыыга, харантыын тэрээһиннэригэр, ону таһынан үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөһүҥҥэ ороскуотураллар.
Муус устар 16 күнүнээҕи барыллааһынынан, СӨ ОМС тиһигэр киирэн үлэлии сылдьар мэдиссиинэ тэрилтэлэрин хоромньулара 133,5 мөл.солк. тэҥ. Маныаха Федеральнай таһымҥа «О внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации по вопросам предупреждения и ликвидации чрезвычайных ситуаций» № 98-ФС бу сыл муус устар 1 күнүгэр ылылынна.
ОМС харчыта, нуорумаламмыт страховой саппаастан (НСЗ) 2020 сыл иккис кыбаарталыгар, ИВЛ 5 аппараатын ыларга, улуус киин балыыһаларыгар анаан 1 портативнай, барыта 8,9 мөл.солк. ылыллыбыта.
Тымныйан ыалдьыы (острые респираторные инфекцим-ОРИ) кэнники 5 сылга 18% кыччаабыт, ыалдьыбыт дьону балыыһаҕа киллэрии ( 2016 с. – 37 231 госпитализацияламмыт, 2019 с. – 30 369). Эспиэрдэр маны нэһилинньэни гирииптэн вакцинациялааһын түмүгэр ситиһилиннэ диэн бэлиэтииллэр. Прививканы төһөнөн элбэх киһи ылар да, соччонон доруобуйаларыгар организмнара ыарыыны утарылаһыыта күүһүрэр. Бу статистика прививканы ылыы сыстыганнаах ыарыыны утарылаһарга көмөлөһөрүн көрдөрөр. Ол иһин, COVID-19 вакцинатын оҥоруу сүрүнүнэн буолар.
Сэбиргэхтэтиигэ ситуация арыый уустук. Кэнники сылларга внебольничнай пневмонияҕа өрөспүүбүлүкэҕэ балыыһаланыы элбээбит. 2016 с. -2019 с.— 4875-6537 тиийбит. Ол эбэтэр 34 % тэҥ. Ыарыыны намтатар туһуттан, вакцинопрофилактиканы күүһүрдэр наадалааҕын бэлиэтииллэр. Ону сэргэ, дьоҥҥо иһитиннэрии-өйдөтүү үлэтин киэҥник тарҕатары наадалааҕынан ааҕаллар. «Быһа сибээс» линията олохтонон үлэлиир. Кулун тутар 12 күнүттэн 10 тыһыынчаттан тахса звонок киирбитэ бэлиэтэнэр. Сүрүн ыйытыылары нэһилиэнньэ дьиэҕэ хааччахтанан олорууга, ол иһигэр 65-тэн үөһээ саастаахтар бэйэлэрин көрүнүүлэригэр, коронавируска тиэһи хаһан, ханна туттарары, дьиэҕэ мэдиссиинэ көмөтүнэн туһаныыны, волонтердар көмөлөрүн туһунан, од.а. ордук токкоолоһоллор.
Маны сэргэ, территориальнай пуонда сайтыгар коронавирус дьаҥын өйдөтөр, быһаарар, сүбэни=аманы биэрэр туспа раздел баар. Бу саайтка киирбиттэр наадалаах ыйытыыларыгар толору хоруйдары ылаллар, балаһыанньаны ааҕан билэллэр. Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ бу хайысхаҕа документацияны барытын ылаллар. Ону таһынан, страховкаламмыт гражданин страховой бэрэстэбиитэлигэр сибээскэ тахсыан сөп. Сэҥээрбиттэр страховой бэрэстэбиитэллэрин толору аатын-суолун «Поиск вашего полиса» киирэн булаллар.
Пандемиянан сибээстээн, РФ Бырабыыталыстыбатынан эбэһээтэлинэй мэдиссиинискэй страховкалааһынынан хааччыйыы бэрээдэгэ уларытылынна — быстах кэҥэ туһаныллар сибидиэтэлистибэ болдьоҕо, ОМС полиһын бигэргэтэр уонна страхокаламмыт сирэй босхо мэдиссиинискэй көмөнү ылара туоһуламмыт буоллаҕына, уһатыллара быһаарылынна. Быстах кэмҥэ бэриллибит сибидиэтэлистибэ 2020 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата. Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ улахан ноҕоруускаламмыттара учуоттаныллан, территориальнай пуонданан 25 мэдиссиинэ тэрилтэтигэр былааннаммыт бэрэбиэркэлэр уларыйдылар.
Коронавирус дьаҥын бохсор туһуттан, бары мэдиссиинискэй страховкалаах тиһиктэр бу уустук кэмҥэ мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр үбүнэн-харчынан туруктаах буолууга, пациеннар бырааптарын хааччыйыыга кыһамньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бары кэллиэгэлэрбэр — быраастарга, мэдиссиинэ сиэстэрэлэригэр, санитаркаларга , пандемияны бохсорго ахсаабат кыһамньыгытын ууран үлэлии сыльаргытыгар , эһиэхэ хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан тураммын, барҕа махталбын тиэрдэбин.