Александр Горбунов: “Ааспыт сылга ыар буруйу оҥоруу тахсыбата”

Ааптар: 
18.02.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн РФ ИДьМ-тын тимир суол, салгын уонна уу көлөлөрүгэр бэрээдэги араҥаччылыыр полициятын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, биһиги ыйытыыларбытыгар РФ ИДьМ-тын Уһук Илиҥҥи транспорка линейнэй управлениетын начальнига, полиция полковнига Александр Горбунов хоруйдуур.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/  

Александр Сергеевич, идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин. Бастаан ааҕааччыбытыгар эн салайар управлениеҥ туһунан билиһиннэриэххэ – дьоҥҥо «транспортнай полиция» диэнинэн биллэр биэдэмистибэ ис дьыала уорганнарын атын салааларыттан туох уратылааҕын.

– Биһиги управлениебыт Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Чукотскай автономнай уокурукка баар салгын, өрүс, муора, тимир суол эбийиэктэригэр уопсастыбаннай бэрээдэги көрөр, онно оҥоһуллар буруйдары булар уонна арыйар.

Ис дьыала уорганнарын бары салааларыгар курдук, биһиэхэ силиэстийэ, дознание, оперативнай, уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһын отделлара, кинологическай сулууспа, экспертнэй-криминалистическай киин бааллар. Туруоруллар соруктары ситиһиилээхтик толоробут.

Ааспыт сылга эһиги көрөр эбийиэктэргитигэр буруйу оҥоруу туруга хайдах этэй? Буруй көрүҥнэринэн ылан көрдөххө?

– Ити ыйытыыга хоруйдуом иннинэ, бастаан пассажирдар уонна таһаҕаһы тиэйии туһунан этэн аһарыам. Өрөспүүбүлүкэбит уонна Чукотка уокуругун социальнай-экономическай балаһыанньаларын ырытыы көрдөрбүтүнэн, көлө бары көрүҥнэринэн айаннаабыт дьон уопсай ахсаана эбиллэн, 2 мөлүйүөн кэриҥэ буолбут. Тиэйиллибит таһаҕас ахсаана эмиэ – 8 мөлүйүөн кэриҥэ, итинтэн 7 мөлүйүөнэ – Саха сиригэр.

Оттон буруйу оҥоруу туһунан этэр буоллахха, бастатан туран, киһини соруйан өлөрүү, доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини оҥоруу, күүһүлээһин курдук ураты ыар буруйдар тахсыбатылар. Маны тэҥэ, уоруу, түөкүннээһин, сэби-сэбиргэли сокуоннайа суохтук эргитиигэ, коррупцияҕа сыһыаннаах буруйдар аҕыйаатылар.

Биһиги полицейскайдарбыт ирдэбилгэ сылдьар 46 киһини булбуттара (федеральнай ирдэбилтэн 33 киһини, олохтоохтон — 13). Сокуоннайа суох эргитииттэн 258 сэп-сэбиргэл араас көрүҥэ уонна балтараа тыһыынчаттан тахса боеприпас былдьаммыта.

—Наркотикка сыһыаннаах буруйу оҥоруу төһө элбэх таҕыста?

—Өйдүүбүн ээ, били тимир суол бастаан кэлиитин саҕана, араас куһаҕан барыта тарҕаныа, ол иһигэр, наркотигы хото таһыахтара диэн кэпсэтии бөҕөтө, ырытыһыы, дьаарханыы баарын. Билигин «оннук буолбата» диэн бигэтик этиэххэ сөп. Ааспыт сылга буруй бу көрүҥүн көрдөрүүтүгэр кыра үрдээһин баар эрээри, транспортнай полиция сотрудниктара бу хайысхаҕа ураты болҕомтолорун уураллар. Манна ордук чуолаан, кинологтар үлэлииллэр.

—Куттал суох буолуутун ирдэбиллэрин кэһии түбэлтэлэрэ бааллара дуо?

—Ити эн, арааһа, Холуобунай кодекс 238-с ыстатыйатынан булуллубут чахчылары ыйытаҕын быһыылаах? Дьоҥҥо быһааран эттэххэ, бу ыстатыйаҕа куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт табаары, бородууксуйаны оҥорон таһаарыы, харайыы, тиэйии, батарыы, оннук үлэни, өҥөнү оҥоруу иһин эппиэтинэс киирэр. Бу ыстатыйанан 11 холуобунай дьыала тэриллибитэ.

Манна даҕатан эттэххэ, коррупцияҕа сыһыаннаах дьыалалартан эмиэ ахтан аһарыым: ол курдук, хотугу улуустар кэккэ муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктара өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хорон сиэһиҥҥэ уорбалананнар, биһиги управлениебыт силиэстийэлиир отдела холуобунай дьыалалары тэрийбитэ. Олортон сорох дьыала суут көрүүтүгэр барбыта. Бу баһылыктар бөртөлүөт түһэр былаһааккатын өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга көрүллүбүт харчыны иҥэриниигэ, хорон сиэһиҥҥэ буруйданаллар. Кумааҕыга «былаһаакка бэлэм» диэн отчуоттаабыттар, оттон олоххо өрөмүөн да ыытыллыбатах, былаһаакка тутуллубатах даҕаны.

Оттон «контрафактнай» дэнэр итирдэр утахтары тиэйии чахчылара бааллар бөҕө буоллаҕа?

—Бааллара. 2016 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оннук арыгыны тиэйэн киллэрии чахчытынан 8 холуобунай дьыала тэриллибитэ. Холобура, Нерюнгритааҕы отделбыт Москваттан 20 туонналаах 3 контейнерга кондитерскай оҥоһук быһыытынан тиэйиллибит 60 тыһыынчаттан тахса бытыылканы булан былдьаабыта. Манна биир кыһалҕалаахпыт, ол – былдьаммыт итирдэр утахтары харайар сирбит суоҕа. Дьыалаҕа дакаастабыл буоларын быһыытынан, «Росспиртпром» тэрилтэҕэ туттарыахтаахпыт, оттон кинилэр, элбэҕэ бэрт буолан, биһигиттэн ылар кыахтара суох. Инньэ гынан, бэйэбит контейнердарга харайан туруорабыт.

—Арыгыттан сиэттэрэн ыйыттахха, ити атын регионнарга курдук, биһиэхэ айан кэмигэр итирэн баран айдаарар-садыамныыр дьон баара дуо?

—Оннук чахчы суоҕа эрээри, арыгы иһэн кэлбит киһи улахан айдааны таһаарбакка эрэ, көннөрү үөхсүүтэ, ыыс-бурут тыллары туттуута сыл аайы 4-5 чахчы баар буолааччы. Оннук түбэлтэҕэ экипаж биһиги дьуһуурунай чааспытыгар эрийэн биллэрэр, оччоҕо бу киһини тиийбит сиригэр полиция үлэһиттэрэ көрсөллөр.

Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, арыгы иһэн кэлбит киһини регистрацияттан устуу биитэр бу киһини эбийиэккэ киллэрбэт буолууну авиакомпаниялар эбэтэр аэропорт салалтата быһаараллар, биһиги оннук боломуочуйабыт суох. Биһиги киһи уопсастыбаннай сиргэ арыгы испит туруктаах сылдьарын иһин административнай эппиэккэ тардыахпытын сөп.

—Эһиги көрөр эбийиэктэргитигэр туох малы, тэрили илдьэ киирэр, тиэйэр бобулларый?

—Докумуона суох сэп-сэбиргэл, саа-саадах бары көрүҥэ бобуллар. Уонна биллэрин курдук, наркотик, боеприпастар, итирдэр утах.

—Александр Сергеевич, кэпсэтиибит түмүктэннэ, эбии этэрдээх буолаайаҕын?

—Бүгүҥҥү бырааһынньыкпытынан, бастатан туран, биһиги бэтэрээннэрбитин ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын. Оттон үлэһиттэрбэр тулууру, дьулууру, бэриниилээх сулууспаны, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Кэпсэттэ Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/  

Хаартыска: УВДТ пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0