Эҥсиэли хочотугар күн уһаан, киһи эрэ сэргэхсийэр кэмнэрэ кэлэн, Нам улууһун биир улахан нэһилиэгэр Хамаҕаттаҕа олус үөрүүлээх, кэтэһиилээх дьоро күн буолан ааста. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта, СӨ Суруйааччыларын, Арассыыйа Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Александр Григорьевич Дунаев Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан, «Ийэлээх-аҕабын ахтар буоламмын» диэн айар үлэтин сырдатар кэрэ-бэлиэ күн буолла.
edersaas.ru
Александр Григорьевич Дунаев — «Саха сирэ», «Эҥсиэли» хаһыаттар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ, самодеятельнай композитор, Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ муниципальнай сулууспатын, СӨ култууратын, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, М.К.Аммосов аатынан анал бэлиэ хаһаайына, бэйиэт Николай Рыкунов аатынан бириэмийэ лауреата. Ону сэргэ, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, эһээтэ.
ДЭГИТТЭР ДЬОҔУРДААХ
Кэрэ-бэлиэ күн «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинигэр Александр Григорьевич улахан быыстапката аһыллыытыттан саҕаланна. Быыстапканы арыйыы үөрүүлээх лиэнтэтин улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов, нэһилиэк аҕа баһылыга Иван Максимов уонна быыстапка ааптара быстылар. Тоҕуоруһа мустубут күндү ыалдьыттар көрдөрүүгэ туруоруллубут араас айымньы көрүҥэ элбэҕин сөҕө-махтайа, хайгыы көрдүлэр.
Александр Григорьевиһы улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Васильевич Абрамов, нэһилиэк аҕа баһылыга Иван Максимов, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, «Дани-Алмас» хампаанньа үлэһитэ Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа, киин бибилэтиэкэ, училищеҕа үөрэппит учууталлара Екатерина Павловна, Федор Федорович Павловтар, мусуой үлэһиттэрэ эҕэрдэлээтилэр.
Александр Григорьевич суруйааччы эрэ буолбакка, айылҕаттан айдарыылааҕа, ураты дьоҕурдааҕа, мындыра, ааспыт олох устуоруйатын хасыһан үөрэтэрэ ырылыччы көһүннэ. Ол курдук, мастан, тимиртэн, муостан, кыыл-сүөл уҥуоҕуттан, айылҕа матырыйаалыттан, гиипсэттэн, үрүҥ тимиртэн, алтантан уус-уран оҥоһуктар, харандааһынан, кырааска араас көрүҥүнэн уруһуйдар, мэтириэттэр олус тупсаҕайдык, чочуонайдык оҥоһуллубуттар.
Быыстапкаҕа биир сүрүн миэстэни ааптар күн сирин көрдөрбүт кинигэлэрэ, хаһыакка, сурунаалга тахсыбыт айымньылара, ахтыылара, ыстатыйалара ыллылар. Александр Григорьевич киһи эрэ сөҕөр дьарыктаах. Кини өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар тахсыбыт биир дойдулаахтарын, «Отуу уота» түмсүү чилиэннэрин, Саха сирин биллэр-көстөр дьоннорун туһунан матырыйаалларын мунньан, аныгылыы көрүҥнээх паапкалары, альбомнары оҥорон иһэрэ олус хайҕабыллаах. Кэнэҕэһин ол бэлэмнээн оҥорбут сөҕүмэр элбэх матырыйаала нэһилиэгин, улууһун устуоруйатыгар киириэ, хараллыа турдаҕа.
Аны туран, бэйэтин эрэ оҥоһуктарынан муҥурдаммакка, өбүгэлэрбит былыргы малларын-салларын, иһиттэрин-хомуостарын мунньар үтүө үгэстээх. Киниэхэ сылдьыбыт ыалдьыт дьиэтин иһигэр эҥин-эгэлгэ, былыргы тимир, мас, таас уо.д.а. оҥоһуктар истиэнэни биир гына көрдөрүүгэ туралларын сөҕөр-махтайар.
КЭНЧЭЭРИ ЫЧЧАТТАРА – ОЛОҔУН КЭРЭҺИТТЭРЭ
Үөрүүлээх күн иккис чааһыгар киэҥ-куоҥ сыанаҕа «Аҕалаах-ийэбин ахтар буоламмын» диэн ырыа-хоһоон, кэнсиэр, сэһэргэһии дьоро киэһэтэ буолла.
Сыанаҕа Александр Дунаев олоҕун аргыһа Розалия Романовналыын, ыытааччы, олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Марина Корякина таҕыстылар. Олох умсулҕаннаах суолунан, айар-тутар абылаҥнаах аартыгынан айаннаабыт олоҕун сырдатан, ааптар бэйэтэ айбыт хоһооннорунан, ырыаларынан доҕуһуолланан, олус истиҥник, биир тыынынан ыытылынна.
Иван Мигалкин Александр Дунаев үлэтин-хамнаһын, айар үлэҕэ дьиҥнээхтик ылларбыт бэйиэт, салайааччы уонна киһи быһыытынан хаачыстыбаларын дьон-сэргэ ортотугар киэҥ ис хоһоонноохтук, уус-уран тыл умсулҕаннаах утаҕын сыыйардыы, ырылыччы сырдатта.
Бу үөрүүлээх чааска «Отуу уота» түмсүү чилиэннэрэ күргүөмүнэн кэлэн, улахан сыанаҕа сэлэлии туран, салайааччыларын эҕэрдэлээн, хоһоон, ырыа аргыстаах махталларын биллэрдилэр, ыытар үлэтин биһирииллэрин эттилэр.
Бу дьоһун күҥҥэ оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, үөрэппит оҕолоро, устудьуон кэмин доҕотторо, култуура үлэһиттэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ уо.д.а. барҕа махталларын, баҕа санааларын, кэс тылларын, эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
Александр Григорьевич айар үлэтин биир көстүүтүнэн бу киэһэ уостан түспэт элбэх ырыатын оскуола оҕолоро, ыччаттар, кулууп үлэһиттэрэ, доҕотторо, оҕолоро, сиэннэрэ толорбуттара, үҥкүүлээбиттэрэ буолла. Кинилэр, биллэн турар, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар, ааптар үөрүүтүн-көтүүтүн үрдэттилэр, айарга-тутарга кынаттаатылар.
Ханнык баҕарар киһиэхэ чугас дьоно, олоҕун салгыыр сиэннэрэ кэлэн эҕэрдэлииллэрэ олус долгутуулаах, күндү буолар. Александр Григорьевич тапталлаах кэргэнэ Розалия Романовна төрөппүт оҕолорун, күтүөттэрин, кийииттэрин, сиэннэрин кытта бары тахсан аҕаларыгар, эһээлэригэр махталларын тиэрдибиттэрэ, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн эҕэрдэлээбиттэрэ барыбытын үөртэ. Дунаевтар олохторун салгыыр кэнчээри ыччаттара үчүгэй иитиини ылбыттара, төрөппүттэрин үтүө холобурунан айа-тута үлэлии сылдьаллара, удьуор-утум дьоҕурун ылынан кэрэ эйгэҕэ ылларбыттара кэрэхсэттэ.
Күндү киһибит айар биэчэрин Марина Саввична иилээн-саҕалаан, дириҥ ис хоһоонноохтук ыыппытыгар бары махтанан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Александр Григорьевич инникитин да айар аартыга арыллан, кэҥээн, саҥаттан-саҥа айымньылары ааҕааччыларыгар бэлэхтии турарыгар, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну, чэгиэн-чэбдик туруктаах уһуннук, дьоллоохтук олороругар баҕардылар.
Түмүктээн эттэххэ, Александр Дунаев курдук айар куттаах, айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах, олоххо бэриниилээх, үлэҕэ-хамнаска дьүккүөрдээх, бар дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарар дьон Нам улууһун, өрөспүүбүлүкэни сайыннарарга үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолалларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
А.Г. ДУНАЕВКА
Эн бүгүн төрөөбүт күннээххин
Бу күҥҥэ бэбээрэ ытааҥҥын,
Дьонноргун үөрдүбүт кэмнээххин
Күн сирин саҥардыы көрөҥҥүн.
Ийэккэҥ үүтүттэн эбинэн,
Сырдык күн сылааһын ылынан
Уол оҕо сытыыта буоллаҕыҥ,
Билиини-көрүүнү ыллаҕыҥ.
Өбүгэҥ дьоҕура бэриллэн,
Бэйэҥ да олоххо эриллэн
Элбэҕи бүгүн күн ситистиҥ,
Бар дьоҥҥун даҕаны сөхтөрдүҥ.
Биир киһи аатыгар балысхан
Үлэни оҥорон кэллэҕиҥ,
Буурҕаны кыайаҥҥын дьулусхан
Эн дьылҕаҥ ыллыгын тэллэҕиҥ.
Эн поэт, ырыаһыт бастыҥа,
Скульптор, ойууһут ааттааҕа
Барытын ааттыаҕы дэлэйэ,
Дьоҕуруҥ даҕаны элбэҕэ.
Иллээх ыал аҕата, эһээтэ,
Дьоллоох ыал тапталлаах кэргэнэ
Бу эбээт дьылҕаҕар табыллыыҥ,
Сырдык күн олоҕор ананыыҥ.
Отуубут оллоонун оттунан,
Күөдьүйэр кыымыттан күүс ылан
Саҥаны, сонуну оҥоруоҥ,
Өссө да үгүһү эн айыаҥ.
Алаһаҥ сылааһын тутаҥҥын
Дьоллоох буол үүнүөхтээх сылларга,
Эдэрдии дэгэйэ сүүрэҥҥин
Дьулуһуоҥ сүүс сааска тиийэргэ!
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Алексей ТАТАРИНОВ-УДЬУРҔАЙ.
Ааптар хаартыскалара.