Александр Дунаев Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан суруйбут «Эн эбиккин…» хоһоонун таһаарабыт.
Айылҕаттан дириҥ чөл силистээх үөскээбит,
Ийэ кут сылаас уораҕайыттан төрөөбүт,
Суураллыбат ситии дьылаҕанан ситимнэммит
Өспөй чээлэй чөл айылгылаах, Эн эбиккиэн!
Сир-халлаан нэлэмэн, чүөмпэ күөх кыйаарыттан,
Үтүмэн кэмнэр аарыма өһүөлэриттэн,
Өтөрү көрөр бөлүһүөк аатын ааттатан,
Көрбүөччү, Сүдү, Улуу Бэйиэт, Эн эбиккиэн!
Үтүө тылынан сатарыта илбирэһэн,
Имитэн-хомутан эҥсиллэ уйуһуйан,
Саха омук тыын ил олбоҕун үйэтитэн,
Төрүт урааҥхайтан төлкөлөөх, Эн эбиккиэн!
Дириҥ инчэҕэй силистиир, дьол-үөрүү тыынныыр,
Өлбөт-сүппэт аатаах, Кэрэ Киһи эбиккиэн!
Өбүгэ-хаан төрүт өркөн өйө тыгыалыыр
Үс саха төрүөҕэр, Үрүҥ Ойуун, Эн эбиккиэн!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1